«Кэм-кэрдии кэрэһитэ» – киэҥ ис хоһоонноох быыстапка

Устуоруйаны кэрэһилиир малы-салы энчирэппэккэ кичэллээхтик харайан уура сылдьар, кэмиттэн кэмигэр дьон көрүүтүгэр таһаарар туспа дьоҕур.

Майаҕа Р.Г.Васильев аатынан кыраайы үөрэтэр улуустааҕы түмэлгэ үлэ, тыыл бэтэрээнэ, сэрии сылын оҕото Тамара Константиновна Скрябина үгүс сыллар усталара муспут эгэлгэ кэллиэксийэтин «Кэм-кэрдии кэрэһитэ» быыстапката ыам ыйын 7-17 күннэригэр туруоруллан дьон-сэргэ кэрэхсэбилин ылла. Манна 2004 сылтан истиэнэ, 2006 сылтан быһыллар уонна сахалар былыргы халандаардара көрбүтү эрэ умсугута туруоруллубуттар. Маны сэргэ Ленин, Сталин үбүлүөйдээх сылларынан тахсыбыт истиэнэ халандаардара устуоруйаны кэпсии тураллар. Витриналарга былаат эгэлгэтэ сууланан сытар: 1957 с. ыал буоларыгар бэлэхтээбит былааттарыттан саҕалаан 1959 с. нуучча учуутала бэлэхтээбит турецкай былаата, таиландскай, нуучча, саха, бэйэтэ тикпит, Париж, Рим башнялара ойуулардаах, о.д.а. Араас кэрэ быһыылаах ньаалбаан хопполор, сүүһүнэн уруучука, сувенирдар таас долбуурдарга тилэри ууруллубуттар. Тамара Константиновнаны билэр дьон кини кэллиэксийэтэ олус баайын, манна  сорҕото кыайан аҕалыллыбатаҕын этэллэр.

Быыстапканы көрдөрөр-тэрийэр салаа үлэһитэ Михаил Трифонов үлэ, тыыл бэтэрээнэ Тамара Скрябина өр сылларга муспут малларын сырдатта.

Т.К.Скрябина туһунан кылгастык билиһиннэрдэххэ, 1933 с. ахсынньы 15 күнүгэр Алтан, билигин Бүтэйдээх нэһилиэгэр холкуостаах дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. 1941 с. Бүтэйдээх 7 кылаастаах оскуолатыгар үөрэнэ киирэр уонна бүтэрэн баран Дьокуускайдааҕы 2-с нүөмэрдээх орто оскуолаҕа салгыы үөрэнэн 1950 с. бүтэрэр. 1953 с. Дьокуускайдааҕы педагогическай институт естественнэй-географическай отделениетын бүтэрэн, 1955 с. Сунтаар улууһун Бүлүүчээн сэттэ кылаастаах оскуолатыгар биология, география учууталынан 2 сыл үлэлиир. Онтон ыла бочуоттаах сынньалаҥҥа барыар диэри Майатааҕы тыа сирин ыччатын киэһээҥҥи оскуолатыгар үлэлээбит. 1985-2002 сс. Майатааҕы кыраайы үөрэтэр мусуойга 17 сыл устата техническэй үлэһитинэн үтүө суобастаахтык үлэлээбит. Кини үлэлиир сылларыгар хомсомуол сэкирэтээринэн, боропсойуус месткомун чилиэнинэн, бэрэссэдээтэлинэн, “Алгыс” бэтэрээннэр кулууптарын чилиэнинэн, Д.Ф.Ходулов аатынан норуот айымньытын дьиэтигэр артыыһынан, бэтэрээннэр хуордарыгар старостанан, оройуон норуодунай суутугар сэтээтэлинэн, “Абылаҥ” кэллиэксийэньиэрдэр түмсүүлэрин, сэлиэнньэ Ытык сүбэтин чилиэннэринэн үлэлээн олох үөһүгэр сылдьыбыта.

Тамара Константиновна кэргэниниин Агит Федорович Кривогорницынныын 5 оҕону Күн сирин көрдөрөн, үөрэттэрэн, үлэһит дьон, ыал оҥортоон, төрөппүт быһыытынан ытык иэстэрин дьоһуннук толорбуттара. Кинилэр 50 сыл дьоллоохтук бииргэ олорон 2008 с. ыам ыйын 4 күнүгэр улуус «Ытык ыала» Бочуоттаах ааты ылбыттара. Агит Федорович ыарахан ыарыыттан 2009 с. олохтон барбыта. Тамара Константиновна билигин элбэх сиэн, хос, хос-хос сиэн тапталлаах эбэтэ.

Тыыл, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Тамара Константиновна уһун сыллаах сыралаах үлэтэ “Аҕа дойду Улуу сэриитигэр 1941-1945 сс. килбиэннээх үлэтин иһин”, И.В.Сталин, Сэбиэскэй Сойуус Маршала Жуков үбүлүөйдээх мэтээллэринэн, “Норуот уус-уран айымньыта сайдыытыгар кылаатын иһин”, “Майа – дойдум барахсан” бэлиэлэринэн, Майа сэлиэнньэтин Бочуоттаах олохтооҕо, “СӨ Ытык кырдьаҕаһа” үрдүк ааттарынан, элбэх Бочуотунай грамоталарынан, Махтал суруктарынан  бэлиэтэммитэ.

Ытык киһибитигэр чэгиэн доруобуйаны, оҕолорун, сиэннэрин, хос сиэннэрин тапталларынан,  махталларынан арчыланан уһуннук, дьоллоохтук олороругар баҕарабыт.

Марелла Баишева.