“Көхтөөх уһун үйэлэнии” пуорумҥа эдэрдии эрчимнээх бэтэрээннэр көрүстүлэр

Балаҕан ыйын 30 күнүгэр Майаҕа Д.Ф.Ходулов аатынан култуура киинигэр Сэрии уонна үлэ бэтэрээннэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи сэбиэтин, Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын уонна бэтэрээннэрин сэбиэтин көҕүлээһининэн Аҕам саастаахтар дэкээдэлэрин арыйар Илин эҥэр улуустар кыттыылаах “Көхтөөх уһун үйэлэнии” өрөспүүбүлүкэтээҕи пуорум ыытылынна. Манна Амма, Таатта, Чурапчы, Уус Алдан, Томпо уулуустарыттан, Дьокуускай куораттан уонна Мэҥэ Хаҥалас нэһилиэктэриттэн бэйэ-бэйэни билсээри, үлэ уопутун атастаһаары, араас маастар кылаастарга сылдьаары 200-тэн тахса олох үөһүгэр сылдьар бэтэрээннэр муһуннулар. Екатерина Мосоркина салайааччылаах “Алгыс” түмсүү ыалдьыттары арчылыы көрүстэ.

Пуорум Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа Александр Самсонов сэрии сылларын оҕолоругар өрөгөй ырыатынан саҕаланна.

Сэрии уонна үлэ бэтэрээннэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Никита Ноев, Арассыыйа уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Социальнай пуондатын отделениетын салайааччы Марина Герман, 3-с нүөмэрдээх өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническай балыыһа кылаабынай бырааһа Ольга Татаринова, Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыгын социальнай боппуруостарга уонна имиджевай бэлиитикэҕэ солбуйааччы Альбина Григорьева, Майа сэлиэнньэтин баһылыга Алексей Неустроев, улуустааҕы бэтэрээн сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Евдокия Решетникова кыттыылаах «төгүрүк остуол» ыытылынна. Салайааччылар бүгүҥҥү уйгулаах олохпутун уһансыбыт аҕа саастаах көлүөнэ дьоммутун эҕэрдэлээтилэр итиэннэ кинилэргэ анаан ыытыллар үлэлэри киэҥник сырдаттылар.

Альбина Григорьева улуус баһылыгын, дьокутааттарын, тус бэйэтин ааттарыттан Аҕам саастаахтар дэкээдэлэрин аһыллыытынан эҕэрдэлээтэ итиэннэ ыалдьыттарга анаан улууска ыытыллар үлэлэри сырдатта.

«Мэҥэ Хаҥалас улууһа өрөспүүбүлүкэҕэ тыа хаһаайыстыбатынан, сүрүннээн, ынах сүөһү, сылгы иитиитинэн, түргэнник ситэр салаанан дьарыктанар, эти-үүтү оҥорон таһаарар биир бөдөҥ улууһунан биллэр. 2024 сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи бэлиэтээһининэн улууспутугар 32932 киһи олорор. Манна 55-69 саастаах 14668 киһи, 70 сааһыттан үөһэ 2338, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа 1 киһи, Дьокуускайга олорор Алексей Николаевич Березкин буолар. Сэрии огдообото 7, тыыл бэтэрээнэ 94 уонна сэрии сылын оҕото 479 киһи олорор. Доруобуйаларынан хааччахтаах саастаах дьон ортотугар 140 киһи учуокка турар, онтон 1-кы группалаах инбэлиит 47, 2-с группалаах 43, 3-с группалаах 50 киһи баар. Улууска 3 сыллаах тыа хаһаайыстыбатын сыллара биллэриллэн ыытыллар, быйыл иккис сылбыт. Улуус бүддьүөтүттэн тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга саҥа саҕалыыр пиэрмэрдэргэ өйөбүл быһыытынан 12 мөлүйүөн солкуобайдаах грант олохтооммут, Тарат уонна Табаҕа сэлиэнньэтэ ылбыттара. Оҕолору кыра саастарыттан тыа хаһаайыстыбатын үлэтигэр сыһыарар сыаллаах 7 агро хайысхалаах оскуола үлэлиир. Өйөбүл быһыытынан 1 мөлүйүөннээх грант көрөммүт, Ороссолуода, Хаптаҕай, В.П.Ларионов аатынан Майа орто оскуолалара ылбыттара. Кэлиҥҥи сылларга улууспутугар саҥа тутуу барара улаатта. 2024 сылга 17 эбийиэк тутулла турар. Ол иһигэр социальнай эбийиэктэр Маттаҕа 53 миэстэлээх кырдьаҕастарга интэринээт дьиэ, Майаҕа 33 куойка миэстэлээх балыыһа комплекса, Аллараа Бэстээххэ култуура киинэ, Майаҕа “Кыайыы аартыга” монумент, “Таптал көлүччэтэ” саҥардыллан уонна хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааманан элбэх кыбартыыралаах, толору хааччыллыылаах таас дьиэлэр оҥоһулла тураллар. Өрөспүүбүлүкэбит Судаарыстыбаннаһын күнүгэр хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааманан 26 кыбартыыралаах дьиэ олоххо киирбитэ, 11 тулаайах оҕо дьиэ күлүүһүн туппуттара. Үөрэхтээһин систиэмэтигэр, доруобуйа харыстабылыгар каадырдар боппуруостара күүскэ турар. Маны быһаарар сыалтан ХИФУ-ты кытта улуус сөбүлэҥ түһэрсэн, 3-5 куурус устудьуоннарын таһааран 2023-2024 үөрэх дьылыгар учуутал быһыытынан үлэни саҕалаабыппыт. 2024-2025 үөрэх дьылыгар 7 устудьуон кэлэн учууталлыы сылдьаллар. Быраас тиийбэт боппуруоһун быһаарарга 2023-2024 сылларга анал бырагыраама оҥоһуллан, улуус бүддьүөтүттэн сэттэ кыбартыыраны атыылаһан эдэр исписэлиистэргэ күлүүстэри туттарбыппыт. Оҕолор эрдэттэн идэлэрин талалларыгар агрооскуолалар АГАТУ-ну кытта үлэлииллэр. Аллараа Бэстээх, Майа, Төҥүлү бөһүөлэктэригэр мэдиссиинэ кылаастарын арыйбыппыт. Аллараа Бэстээх 1-гы нүөмэрдээх оскуолатыгар тырааныспар кылааһын арыйан үлэлэтэбит.

Сааһыра барбыт дьону өйөөһүн ытык иэспит буолар. Улууска тус сыаллаах бырагыраама үлэлиир. Араас үлэ бары хайысханан киэҥник ыытыллар. Быйыл биһиги улуус Саха Өрөспүүбүлүкэтин бүддьүөтүттэн 947000 солкуобайдаах грант ыламмыт аҕам саастаах дьоҥҥо анаан Улуу Кыайыы 80 сылын көрсөргө “Сүрэхтэн сүрэххэ” бырайыак олохтоотубут. Бырайыак ис хоһооно хас биирдии саастаах киһиэхэ болҕомто ууран, билигин баар тыыл бэтэрээннэрин, сэрии огдооболорун, сэрии сылын оҕолорун дьиэлэригэр тиийэн, сэһэргэһэн, ыччакка тугу тиэрдэллэрин устан үйэтитии буолар. Манна улуус дьаһалтата, социальнай көмүскэллээх буолуу управлениета, социальнай бэлиитикэ управлениета, үөрэҕирии управлениета, Үһүс көлүөнэ оскуола, бэтэрээн сэбиэтэ, «Түмэн» уопсастыбаннай холбоһук бары бииргэ үлэлиибит. Людмила Заровняева-Стручкова салайааччылаах Үһүс көлүөнэ оскуолаҕа 34 волонтер учуутал 10-тан тахса куруһуогу үлэлэтэн бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор дьону дьиэҕэ олорон хаалбаттарын, араас тэрээһиннэргэ кыттан үйэлэрэ уһууругар үлэлэри ыытар. 14 нэһилиэккэ саха балаҕаннара уопсастыбаннай миэстэ быһыытынан үлэлииллэр.

Мария Лукина салайааччылаах “Түмэн” уопсастыбаннай холбоһук анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар сэттэ хайысханан үлэлээн улуус дьаһалтатыгар сүҥкэн көмөнү оҥороллор. Биир киэн туттуубутунан быйыл 67-с төгүлүн ыытыллан кэлбит оҕотуттан аҕам саастаах дьоҥҥо тиийэ түмэр В.К.Степанов аатынан култуура эстэпиэтэтэ буолар. Биир уратыбытынан 4-с сылын өрөспүүбүлүкэ Ытык сүбэтин салайааччы Люлия Николаевна Григорьева аатынан доруобуйаны бөҕөргөтөр хаалыктаах хаамыыны ыытан кэллибит. Кыайыы 80 сылын көрсө архыып матырыйаалларынан «Мэҥэ Хаҥалас улууһа Аҕа дойду Улуу сэриитигэр” диэн 34 томнаах кинигэ бэлэмнии сылдьабыт. Быйыл балаҕан ыйын 3 күнүгэр сэрии сылларын оҕолоругар анаан пуорум ыыппыппыт. Манна сэрии сылын оҕолоругар эбии материальнай көмө оҥоһулларыгар элбэх этиилэр киирбиттэрэ. Хаарбах дьиэттэн көһүүгэ бырагырааманан уопсай дьиэ олохтоохторо туһаналлар, онтон тыа сирин аҕам саастаах олохтоохторо ааспыт үйэ ортотугар бэйэлэрэ оҥостубут мас дьиэлэригэр олороллор. Кинилэр дьиэлэрин өрөмүөннэнэллэригэр, толору хааччыллыыны киллэрэллэригэр Ил Түмэн, бырабыыталыстыба болҕомто уураннар харчы көрүллэрэ буоллар, иккиһинэн, бүгүн манна кэлэн олорор сэттэ улуус дьоно сүбэлэһэн бараммыт Аллараа Бэстээхтэн саҕалаан Уус Майаҕа тиийэ социальнай туризм хайысхатын арыйар “7 Сулус” диэн социальнай бырайыагы үлэлэтэргэ диэн этиилээхпит”, — диэтэ кини.

Илин эҥэр улуустар бэтэрээннэрин сэбиэттэрэ үлэлэрин сырдаттылар. Бу кэннэ аһаҕас кэпсэтиигэ аҕа саастаах көлүөнэ дьон кыһалҕалаах боппуруостарга этиилэри оҥордулар.

Аллараа Бэстээхтэн Ытык сүбэ бэрэссэдээтэлэ, юрист идэлээх Петр Винокуров уот, гаас сыаната ыараханын, биэнсийэ харчыта кыратын, Хорообут ытык кырдьаҕаһа Александр Андреев  дэриэбинэҕэ оҕо ахсаана аҕыйаабытын, ыччаты олохсутарга туох дьаһаллар ылыллалларыгар, тыа киһитэ сүөһү көрөрүгэр хамнастаах буолуоҕар, Маттаттан нэһилиэк дьокутаата Константин Марков  сүөһү төбөтүгэр бэриллэр харчыны үүтүн туттарар дьоҥҥо бэриллэригэр, Томпо улууһун бэтэрээн сэбиэтин салайааччы Галина Готовцева кэтэх хаһаайыстыба тутар биэнсийэлээх дьоҥҥо өйөбүл күүһүрүөн, Амма Бөтүҥүттэн идэлээх уруһуйдьут, 30 сыл ыстаастаах шелкографиянан дьарыктаммыт Степан Нестеров бу тиэхиньикэнэн киэҥник дьарыктаныахха сөбүгэр, Бэйдиҥэ бөһүөлэгиттэн сылдьар 20 сыл баһылыгынан үлэлээбит Николай Сивцев куораты кытта тыа сирэ араастаһыылара улаханын, онон тыа сирин менталитетын үрдэтэргэ болҕомто уурулларыгар, сүөһү-ас иитэн бэйэ аһылыгын оҥорон таһаарар дьону үрдүктүк тутарга, Майаттан үлэ бэтэрээнэ, рационализатор Константин Лонгинов тэрилтэтэ суох бэйэтигэр үлэлиир дьоҥҥо үлэ ыстааһа көрүллэригэр этиилэри киллэрдилэр.

Бу күн быраастар баҕалаахтары хааннарын баттааһынын бэрэбиэркэлээн, доруобуйаларын туругун көрдүлэр.

Күн иккис аҥарыгар уопсастыбаннай бөлөхтөр салайааччылара 3 бөлөххө арахсан Майа сэлиэнньэтин ытык дьонугар, тыыл, үлэ бэтэрээннэрэ Марфа Петровна, Николай Семенович Баишевтарга, Светлана Михайловна, Николай Николаевич Охлопковтарга уонна Варвара Петровна Трофимоваҕа дьиэлэригэр сылдьан көрдүлэр-иһиттилэр. Р.Г.Васильев аатынан улуустааҕы кыраайы үөрэтэр түмэлгэ экскурсия тэрилиннэ.

Майатааҕы Үһүс көлүөнэ оскуолатын волонтер учууталлара Анна Романова күрүчүөгүнэн баайыыга, Василий Романовтар хабылык, хаамыска оонньууларыгар, Татьяна Попова харысхал оҥорууга, Анна Осипова оҕуруону тиһиигэ, Мария Сергучева кылынан-сиэлинэн оҥоһууга, Лариса Татаринова, Розалия Терентьева эти-хааны эрчийэр үҥкүүгэ, ыалдьыттарбыт Айал Захаров “Корнхолл” оонньууга, худуоһунньук Степан Нестеров шелкографияҕа маастар кылаастары ыыттылар.

Бэтэрээн хамсааһынын көхтөөх кыттыылаахтара Сэрии уонна үлэ бэтэрээннэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи сэбиэтиттэн, Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатыттан наҕараадалары туттулар. Аҕам саастаахтар дэкээдэлэрин чэрчитинэн ыытыллыбыт Илин эҥэр улуустар кыттыылаах “Көхтөөх уһун үйэлэнии” өрөспүүбүлүкэтээҕи пуорум тэрээһинигэр уонна ыытыллыытыгар үлэлэспит Дмитрий Тихоновка, Альбина Григорьеваҕа, Екатерина Ефремоваҕа, Евдокия Решетниковаҕа, Алексей Неустроевка Махтал суруктар туттарылыннылар.

Мэҥэ Хаҥалас улууһун инбэлииттэрин уопсастыбатын салайааччы Тамара Николаевна Пермякова “Гражданскай килбиэн” бэлиэни үөрүүлээх быһыыга тутта.

“Көхтөөх уһун үйэлэнии” өрөспүүбүлүкэтээҕи пуорумҥа Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас сылларын чэрчитинэн ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи “Семейное подворье: трудовое воспитание молодежи” куонкурус кыайыылаахтара: 1-кы зонаҕа 247 бааллаах 1-кы миэстэни ылбыт Томпо улууһуттан Лариса Булдакова, 3-с зонаҕа 240 бааллаах 3-с миэстэни ылбыт Таатта улууһун Чөркөөҕүттэн Тарас Жегусов дипломунан, бэлэх каарталарынан наҕараадаланнылар.

 

«Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бочуоттаах бэтэрээнэ” бэлиэнэн бэтэрээн хамсааһынын сайдыытыгар үтүөлэрин иһин Томпоттон Лариса Булдакова, Тааттаттан Анна Аргунова, Чурапчыттан Екатерина Ефремова, Уус Алдантан Людмила Горохова, Амматтан Анна Андреева, Николай Гурьев, Мэҥэ Хаҥаластан Мария Прокопьева, Анна Климентова наҕараадаланнылар.

Пуорум түмүгүнэн Илин эҥэр сытар сэттэ улуус сиригэр-уотугар туристическай баазалары тэрийэргэ анаан “7 Сулус” бырайыагы олохтуурга, сэрии сылын оҕолоругар босуобуйа быһыытынан ыйга 10000 солкуобай харчынан эбии төлөбүрү биэрэргэ, тыа сиригэр олорор аҕам саастаах дьоҥҥо хапытаалынай өрөмүөн харчытын бырабыыталыстыбаттан муниципальнай тэриллиилэргэ кэлэрин ситиһэргэ, сэрии сылын оҕолорун мунньаҕар киирбит этиинэн, хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагыраамаҕа тыа сиригэр чааһынай дьиэлэргэ олорор сэрии сылын оҕолорун киллэрэргэ бырабыыталыстыбаҕа,  Ил Түмэҥҥэ тириэрдэргэ этиилэр резолюцияҕа ылылыннылар.

Өрөспүүбүлүкэбит сайдыытын туһугар күн бүгүнүгэр диэри сүҥкэн кылааттарын киллэрсэн үүнэр көлүөнэ ыччакка үтүө холобур буолар сыана бэтэрээннэрин  кэнсиэрин Степан Копырин, Анна Павлова салайан ыыттылар. Манна Евдокия Семенова салайааччылаах “Айыллыат” фольклор бөлөҕө “Модун Эр Соҕотох” олоҥхоттон быһа тардан толордо, “Тыыллымаана” эбээлэр үҥкүүлэрин бөлөҕө, “ОБТ” үҥкүү бөлөҕө, “Алгыс” түмсүү үҥкүүлэрин бэлэхтээтилэр, Степан Осипов байааҥҥа доҕуһуоллаата, Маргарита Осипова, Галина Константинова, Степан Копырин, о.д.а. дьон биһирэбилин ылбыт ырыаларын ыллаан сэргэх кэнсиэр буолла.

Уопсастыбаннай үлэ үөһүгэр сылдьар эдэрдии эрчимнээх бэтэрээннэрбитигэр чэгиэн доруобуйаны баҕарабыт.

 

Марелла Баишева.