Үлэ дьоно
Дьабыылга түргэнник ситэр салаа көтөр пиэрмэтэ бастакы кыстыгын этэҥҥэ туораан эрэр.
Күөх кырыстаах Дьабыыл нэһилиэгэр Ивановтар дьиэ кэргэн былырыын улуус баһылыгын Граныгар хапсан саҥа куурусса дьиэтин туттубуттара. Күн-бүгүн онно сүүһүнэн чоппууска, куурусса, бройлер кыстаан турар.
Ураты дьарыктаах ыал түөрт оҕолоох. Көтөрү иитэр пиэрмэҕэ дьиэ кэргэнинэн үлэлииллэр. Оҕолор илии-атах буолаллар. Улуус баһылыгын Граныгар 5 мөлүйүөн солк. өйөбүлү ылан, 220 кв.м иэннээх дьиэни туттан, 500 бройлер көтөрүн иитэн таһаарар бааһынай хаһаайыстыба буолбуттара. Лариса Афанасьевна көтөрү тыыннаахтыы атыыласпакка, Турцияттан сымыыттары сакаастаан инкубаторга иитэн, улаатыннаран таһаарар. Инкубаторга 20‒23 күҥҥэ диэри ситэр.
Бородууксуйаны батарарга, олунньуттан тендергэ кыттан, тэрилтэлэри кытта дуогабар түһэрсэн үлэлиэхтээхтэр. Ханнык баҕарар хаһаайыстыбаҕа кыылы сөпкө иитии, аһатыы боппуруоһа сытыытык турар. Сатабыллаах хаһаайка астарын табан бройлердар 40 хонук эрэ иһигэр ситэллэр, уойаллар. Кууруссалар күҥҥэ 50 кг анал бурдугу, 20 кг нэчимиэни сииллэр. Ньэчимиэни бытарытан булкуйан биэрэн, аһыыр астарын элбэтэр. Нэчимиэни сайын бэйэлэрэ үүннэрэллэр. Былырыын 36 галаах сиртэн, 24 туоннаны хомуйбуттар.
Лариса Иванова: «Биһиги улуус баһылыгын Гранын кулун тутарга ылбыппыт. Суол баарыгар тутуу матыраайылын таһан саҕалаабыппыт. Пиэрмэбит алтынньы 24 күнүгэр арыллыбыта. Үлэбит сүрүнэ бройлер кууруссаны иитии, эт бородууксуйаны таһаарыы. Куурусса этэ нэһилиэнньэҕэ билигин аһылык быһыытынан хамаҕатык барар. Диетическэй, битэмиининэн баай. Урут бэйэм дьарык оҥостон сыл ахсын куурусса иитэрим, ол уопуппунан былаан оҥостон, эппит сыанатын таһаарынан үлэбит сүнньүн булан эрэбит. Сайын, күһүн ииппиппитин дьаарбаҥкаҕа атыылаан дьоҥҥо-сэргэҕэ амсаттыбыт. Инники былааҥҥа федеральнай бүддьүөккэ тахсыахпытын баҕарабыт. Оҕо саадын, оскуоланы, балыыһаны хааччыйап соруктаахпыт. Саҥа саҕалыыр буолан дьыалабыт хаамыыта бытаан.
Тыа хаһаайыстыбатыгар ынаҕы-сылгыны эрэ иитиинэн буолбакка, Ивановтар түргэнник ситэр салааны сайыннарарга холобуру көрдөрөллөр.
Елизавета Неустроева.