Иван Шестаков: «Социальнай хантараак көдьүүстээх буоларыгар үлэлиибит»

Социальнай хантараак нөҥүө судаарыстыба нэһилиэнньэ кыра дохуоттаах араҥатыгар, дьиэ кэргэттэргэ, сөбүлэҥ түһэрсэн, үбүнэн көмөлөһөр. Кэнники сылларга социальнай хантараак үлэлиир эйгэтэ сайынна, кэҥээтэ, биһиги дьоммутугар, нэһилиэнньэбитигэр тиийимтиэ буолан иһэрэ үөрдэр.

Көмө бу көрүҥэ 2011 с. пилотнай бырайыак быһыытынан саҕаламмыта уонна 2012 сылтан бары оройуоннарга киирэн, бу күҥҥэ киэҥ далааһыннаахтык үлэлиир.

Дьон бэйэтигэр табыгастааҕын талан эбии дохуоттаныан сөбүн таба өйдүүрүн туһуттан судаарыстыба бу көмөтүн сиһилии билиһиннэрэригэр улуустааҕы социальнай көмүскэл управлениетын начаалынньыгыттан Иван Шестаковтан көрдөстүбүт.

Иван Иванович, билигин социальнай хантараак ханнык хайысхалара баалларый?

— Бастакы сылларга социальнай хантараак сүрүннээн бэйэ дьыалатын тэриниигэ уонна кэтэх хаһаайыстыбаны сайыннарыыга бэриллэр этэ. Онтон 2018 сылтан саҥа хайысхалар киирбиттэрэ. Ол курдук, олох ыарахаттарын көрсүбүт дьоҥҥо аналлаах туспа хайысха киирэн биэрбитэ. Оттон 3 сыллааҕыта «Үлэтэ суох сылдьар дьоҥҥо үлэ көрдөнөллөрүгэр» диэн эмиэ биир туспа хайысха киирбитэ.

Быйыл «Олох ыарахаттарын көрсүбүт дьоҥҥо» диэн хайысхаҕа эбии 6 араас категорияларынан арахсар социальнай бакыат ананан көрүллүннэ уонна инбэлииттэргэ анаан саҥа хайысха эбиллэн биэрдэ. Ол туһунан кылгастык быһааран биэрдэххэ маннык. Социальнай хантараак сүрүннээн кыаммат араҥаҕа, ол эбэтэр орто дохуоттара тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн кыра дохуоттаах дьиэ кэргэҥҥэ эбэтэр гражданиҥҥа бэриллэр. Доруобуйаларынан хааччахтаах дьон биэнсийэлээх буолаллар, онон бу дьоммут ирдэбилгэ хапсалларын наадатыттан быйылгыттан инбэлииттэргэ туһаайыллар анал бырагыраама киирэн турар. Онно биһиги кинилэр дохуоттарын көрөрбүтүгэр тиийинэн олоруу алын кээмэйин 1,5 төгүл көрөбүт. Оннук гынан, кинилэр бу ирдэбилгэ хабыллар кыахтаналлар. Ити курдук, доруобуйаларынан хааччахтаах дьон бэйэ дьыалатын тэринэллэригэр, кэтэх хаһаайыстыбаларын сайыннаралларыгар судаарыстыба өйөбүлүн ылыахтарын сөп.

Быйыл элбэх оҕолоох дьиэ кэргэннэри өйүүр сыаллаах «Развивайка» хайысха киирбитэ. Бу өйөбүл оҕоҕо көрүллэр босуобуйаны 100% ылар эрээри, дьиэ кэргэн дохуота тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн тахсыбат буоллаҕына бэриллэр. Манна дьиэ кэргэн оҕолорун аайы тиийинэн олоруу алын кээмэйин аҥаарыгар тэҥнэһэр көмөнү ылаллар уонна ону таһынан кинилэр салҕыы бэйэ дьыалатын тэриниэхтэрин эбэтэр кэтэх хаһаайыстыбаларын сайыннарыахтарын баҕарар буоллахтарына, 1 сыл иһигэр 2-с социальнай хантараагы түһэрсиэхтэрин сөп.

— Дьон ордук ханнык хайысхаҕа судаарыстыба көмөтүнэн туһаналларый? Көмө суумата төһөҕө тиийэрий?

— Элбэх дьон сүрүннээн «Бэйэ дьыалатын тэринии», «Кэтэх хаһаайыстыбаны сайыннарыы» хайысхаларга хантараак түһэрсэллэр. Бэйэ дьыалатын тэринии өттүгэр араас өҥөлөрү оҥорууга, ас-үөл, сэбэрэни тупсарыы, оҥорон таһарыыга: маһынан уонна тимиринэн уһаныыга, автосервис арыйыыга уо.д.а. көрүҥнэргэ ылаллар. «Кэтэх хаһаайыстыбаны сайыннарыы» хайысхаҕа дьиэ сүөһүтүн, сылгыны атыылаһыыга, дьиэ харамайын, көтөрүн иитиигэ, онуоха кыыл-сүөл турар хотонун, сарай, уйа, тэпилииссэ туттууга, үүнээйини үүннэриигэ итиэннэ тыраахтыр, бырысыап курдук тыа хаһаайыстыбатын анал тиэхиньикэтин, тэрилин атыылаһыыга бэриллэр.

«Бэйэ дьыалатын тэринии» хайысхаҕа быйыл балаҕан ыйыгар диэри көмө кээмэйэ 350 тыһыынчаҕа диэри, оттон «Кэтэх хаһаайыстыбаны сайыннарыыга» – 250 тыһыынча солкуобай этэ. Алтынньы ыйтан Ил Дархан быһаарыытынан, биһиги элбэх сыл туруорсубут санаабытын олоххо киллэрэннэр, бу нэһилиэнньэ саамай наадыйар көмөлөрүн кээмэйдэрин иккиэннэрин 500 тыһыынчаҕа диэри улаатыннардылар. Инньэ гынан бу хайысхаларга билигин дьоҥҥо номнуо дьиҥнээхтик биллэр-көстөр көмө оҥоһуллар буолла.

Оны таһынан биһиги Бырабыыталыстыбабыт быһаарыытынан дьарыктаах буолуу киинин, тыа хаһаайыстыбатын управлениетын, урбаан салаатын нөҥүө бэриллэр көмөлөр барыта бу социальнай хантараагы ылбыт дьон дьыалаларын салҕыы сайыннарарга туһалыахтаахтар диэн быһаарыы ылыллан турар. Инньэ гынан биһигини кытта социальнай хантараак түһэрсибит дьоннор ити этиллибит өҥөлөрүнэн туһанарга атыттартан инники тутуллар дьон буолан тахсаллар. Онон дьоммут олохторо туруктаах буоларыгар, бэйэ дьыалатын тэринэн эбии дохуот киллэринэллэригэр бу көмө төһүү буолар.

— Кэнники кэмҥэ үлэ көрдөнөр дьоҥҥо эмиэ бэрт табыгастаах өйөбүллэр баар буоллулар дии?

— Оннук, үлэ көрдөнөр дьоҥҥо туһаайыллар хайысха олус табыгастаах диэн тоһоҕолоон этиэм этэ. Бу көмө киһи үлэтэ суох олорор, кыра дохуоттаах уонна дьарыктаах буолуу киинигэр учуокка турбут буоллаҕына биһиэхэ кэлэн: «Үлэ көрдөнөрбөр социальнай хантараак түһэрсиэхпин баҕарабын», — диэтэҕинэ, биһиги кинини кытта хантараак түһэрсэн, биир ыйга үлэ көрдүүрүгэр тиийинэн олоруу алын кээмэйин сууматын биэрэбит. Биир ый иһинэн үлэ буллаҕына, эбии өссө 3 ыйдаах тиийинэн олоруу алын кээмэйин суумата көрүллэр.

Ону таһынан үлэ көрдөнүүтүгэр, бэйэ дьыалатын тэриниигэ, кэтэх хаһаайыстыбатын сайыннарыыга хантараак түһэрсэн баран бу киһи эбии үөрэххэ, идэтин таһымын үрдэтиигэ наадыйар буоллаҕына, анал көҥүллээх (лиссиэнсийэлээх, аккредитированнай) үөрэх тэрилтэтин кытта дуогабардастаҕына, биһиги 3 ыйга дылы 30 тыһыынчаҕа диэри суумалаах үөрэҕин төлөбүрүн толуйуохпутун сөп.

Маны таһынан бу үлэҕэ саҥа киирбит киһи үлэ биэрээччини уонна биһигини кытта үс өрүттээх сөбүлэҥ түһэрсэн стажировка дуогабарын түһэрсэр түгэнигэр, биһиги үлэ биэрээччигэ 3 ыйга үлэһитигэр үлэ төлөбүрүн алын кээмэйинэн (МРОТ) хамнаһын толуйуохпутун сөп. Ол аата туох баар хамнаһын таһынан, бу социальнай бакыата барыта киирэн туран, холобура, биһиги оройуоммутугар үлэлиир коэффициенынан суоттаатахха, 3 ый иһигэр 52 тыһыынчаҕа тиийэ толуйуу оҥоруохпутун сөп. Онон бу үлэ көрдөнөр дьоҥҥо бэриллэр социальнай хантараак киһиэхэ бэйэтигэр, судаарыстыбаҕа уонна үлэ биэрээччигэ бары өттүттэн табыгастаах хайысха буоларын бэлиэтээн туран, нэһилиэнньэни бу хайысханы туһанаргытыгар ыҥырыам этэ.

— Биллэрин курдук, социальнай хантараак эбэһээтилистибэлээх итиэннэ көдьүүстээх буолара ситиһиллиэхтээх. Ол туһунан билиһиннэриэххэ.

— Судаарыстыба харчытын ыллахха, дуогабар быһыытынан 1 сыл иһигэр отчуоттанар, кэтэбилгэ сылдьар. Харчытын ылан баран граждананин 3 ый иһигэр ылыахтаах тэрилин ылан, хантараак, бизнес былаан быһыытынан ыйбыт хайысхатыгар туттуоттаах уонна толору отчуоттуохтаах. Ханнык-туох үлэ иһин төһө ороскуоту көрсүбүтүн, төһө дохуоту киллэрбитин ый аайы биһиэхэ отчуоттуур. Сыл түмүгэр хантараак быһыытынан кини дохуота улааппыт буолуоттаах. Оннук буолбат түбэлтитигэр, хантараак көдьүүһэ суох диэн буолар. Биһиги социальнай хантараак көдьүүстээх буоларыгар үлэлиибит. Киһи манна хайаан да үлэлээн, дохуотун көрдөрүөхтээх. Салҕыы кини бэйэ дьарыктаах (самозанятай) эбэтэр урбаанньыт (ИП) буолуон сөп.

Бэйэ дьарыктаах ыстаатыһын ыллаҕына, чааһынай дьону кытта үлэлииригэр төлүүр нолуога 4% буолар, оттон юридическэй сирэйдэри кытта – 6%. Бу нолуок тарыыбыттан 2-3 төгүл кыра буолар. Бэйэ дьарыктаах буоларга нолуок сулууспатыгар хайаан да тиийэн эрэ буолбакка, бэйэҥ төлөпүөҥҥэр анал сыһыарыы хачайдаан киирэн, бэлиэтэнэн (регистрацияланан), отчуоккун, нолуоккун ыраахтан туттарыаххын, төлүөххүн сөп.

— Социальнай хантараак түһэрсэргэ туох ирдэбиллэр баалларый?

— Кэнники уларыйыыларынан сибээстээн, социальнай хантараак түһэрсэргэ ирдэбил судургутуйда. Гражданин эбэтэр дьиэ кэргэн кыра дохуоттаах уонна бэйэ дьыалатын тэринэргэ анал быланнаах, баҕалаах буолуохтаах. Оччотугар улуус хамыыһыйата бигэргэтэн бу көмө бэриллиэн сөп.

Нэһилиэктэр дьаһалталарын иһинэн социальнай хантараагы көрөр хамыыһыйалар бааллар. Бу хамыыһыйа докумуннары хомуйан бастакы сүүмэрдээһини оҥорор. Онтон кинилэр биһиэхэ, улуустааҕы хамыыһыйаҕа хадатаайыстыба түһэрэллэр. Улуустааҕы хамыыһыйа бэрэссэдээтэлинэн баһылыгы социальнай боппуруостарга солбуйааччы буолар, бизнес- инкубатортан, урбаан, тыа хаһаайыстыбатын, дьиэ кэргэн, дьарыктаах буолуу киинин уо.д.а. хайысхалартан бэрэстэбиитэллэр бааллар. Дьоммутун көрөн, истэн, бу көмөнү биэрии анал бэрээдэгинэн быһаарыллар.

— Түмүккэ тугу этиэҥ этэй?

— Түмүккэ улуус олохтоохторугар туһаайан бу судаарыстыбабыт, биһиги өрөспүүбүлүкэбит эбии үбүлээһин көрөр социальнай хантараак көмөтүгэр кыттыҥ уонна тус бэйэҕит, дьиэ кэргэҥҥит дохуотун үрдэтэргэ, байылыат буоларга биһигини кытта бииргэ үлэлэһиҥ диэн ыҥырабын.

 

Биһиги кэрэсп.