“Иннокентий Сосины ахтан-санаан ааһыаҕыҥ…”

Алтынньы 13 күнүгэр Дьокуускайга ХИФУ научнай бибилэтиэкэтигэр поэт, прозаик, кыраайы үөрэтээччи Иннокентий Михайлович Сосин төрөөбүтэ 95 сылын көрсө “Иннокентий Сосины ахтан-санаан ааһыаҕыҥ…” устудьуоннарга анаммыт түһүлгэ үрдүк таһымнаахтык тэриллэн ыытылынна. 

ХИФУ научнай бибилэтиэкэтэ киэҥ ис хоһоонноох быыстапка туруорбут. Бу 1999 с.  Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Таммахтар” литературнай холбоһук салайааччытынан үлэтин саҕалаабыт И.М. Сосинныын 1999 с. эппиэт сэкирэтээринэн талыллан, 2007-2022 сс. салайааччынан үлэлээбит, билигин сүбэһитинэн сылдьар Августина Семеновна Владимирова-Хабарова суруйааччылары сырдатар, айымньыларын ыччакка тиэрдэр сыаллаах ааптарыскай бырайыагын 3-с тэрээһинэ буолар. Ааптар тэрээһини бэйэтэ иилээн-саҕалаан ыытта. Манна Майатааҕы И.М. Сосин аатын чиэстээхтик сүгэр киин бибилэтиэкэттэн дириэктэр Марианна Никанорова,  Аграфена Зыкова, Марина Трифонова, Светлана Федорова, суруйааччы олоҕун, айар үлэтин сырдатар “Алаас ахтылҕаннаах ырыаһыта” кинигэ ааптара, М.И. Брызгалова аатынан Майатааҕы оҕо бибилэтиэкэтин сэбиэдиссэйэ Ольга Дьяконова, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, геокултуура сайдыытын үнүстүтүүтүн сүрүн исписэлииһэ Саргылана Адамова-Алтан Кыыс, ХИФУ научнай бибилэтиэкэтин бибилэтиэкэрэ Полина Яковлева, ХИФУ “Сэргэлээх уоттара” литературнай түмсүү салайааччыта, 1997 с. саха тылын салаатын Кыһыл дипломунан бүтэрбит Матрена Попова, Елена Ксенофонтова,  суруйааччы кыыһа, ХИФУ научнай бибилэтиэкэтин информационнай киинин сүрүннүүр бибилэтиэкэрэ Октябрина Сосина, Хотугулуу Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын үөрэтэр үнүстүтүүт саха тылын кафедратын  3-с кууруһун устудьуоннара, о.д.а.  кыттыыны ыллылар. 

Майатааҕы бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ “Мин Майам барахсан” поэт хоһооннорун ааҕыыларынан саҕаланна. Мэҥэ Хаҥалас улууһун Моорук Суолатыттан төрүттээх биир дойдулаахпыт, 50-тан тахса кинигэтигэр 150-ча хоһоон ааптара, саха тыла чэлгийэ сайдарын туһугар кылаатын хаалларбыт суруйааччы туһунан киэҥник сырдатыллан проекторынан слайда оҥоһуллан көрдөрүлүннэ. Иннокентий Сосин 1995-2005 с.с. “Таммахтар” литературнай холбоһугу салайбыта. Кини  уостан түспэт ырыалардаах ырыаһыт бэйиэт буолар. “Ыллыахпын баҕардахпына” (1998 с.), “Алаас ахтылҕаннаах ырыалара” (2011с.), Табаҕа ырыа куттаах уолаттарын туһунан “Үлэнэн кынаттанан, ырыанан алгыстанан” (2012 с.), “Чэйиҥ эрэ, ыллыах” (2018 с.) ырыанньыктара, “Остуоруйалаах киэһэлэр” (1995 с.), “Сахсаахаан” (2000 с.), В.Н. Порядин туһунан сэһэн-уочаркалаах “Хассыган төҥүргэһэ” (2012 с.), “Дойдум уһун үйэлээхтэрэ”, “Манчаары дохсун олоҕо оҕо хараҕынан” (2013 с.), “Лена Эбэбит кытылларыттан” (2021 с.), о.д.а. элбэх олох бары өрүттэрин, үлэһит  дьонун сырдатар хоһоон, сэһэн кинигэлэрин суруйан хаалларбыта. 

Майатааҕы И.М. Сосин аатынан киин бибилэтиэкэ дириэктэрэ Марианна Никанорова сыл саҕаланыытыгар Иннокентий Сосиҥҥа ыытыллыбыт тэрээһиннэри сырдатта. Кини: «Сыл саҕаланыытыгар И.М. Сосин “Күн-дьыл халандаара” кинигэтин таһаарбыппыт.  Олунньу 13 күнүгэр Сурук-бичик күнүн көрсө “Киһи дьоло үс төрүттээх” диэн сахалыы дьыктаан суруйтарбыппытыгар улууспут үрдүнэн 400-тэн тахса киһи кыттыбыта. Манна олус элбэх киһи туйгун сыанаҕа суруйбуттара. Итиэннэ онлайн викториналары, бастакы Сосин ааҕыыларын “Мин ийэм, аҕам уонна ааҕар дьиэ кэргэним” диэн улуустааҕы куонкуруспут, “Библионочь” ыыппыппыт быйылгы үбүлүөйдээх сылга анаммыта.  Итиэннэ өр сылларга иитиэхтээн таһаарбыт бырайыакпыт олоххо киирбитэ. Ол суруйааччы төрөөбүт дойдутугар Моорук Суолатыгар “Суосун сарыаллаах Суолата” диэн бэс ыйын 3 күнүгэр ырыа, хоһоон түһүлгэтин, “Алааһым ахтылҕаннаах ырыаһыта” диэн суруйааччы сиэннэрин айымньыларынан инсценировка туруоруллубута, «Үтүө поэт Киэсэ Сосин”  диэн анабыл хоһооҥҥо куонкурус ыыппыппыт. Манна дьон-сэргэ көхтөөхтүк кыттан астыммытын бэлиэтиибит. Суруйааччыга аналлаах мемориальнай дуоска арыйбыппыт, ахтыы түһүлгэтин тэрийбиппит, норуот уоһуттан түспэт ырыаларынан “Арай биирдэ Суолаҕа” муусукаалынай испиктээкил туруорбуппут. Ону ахсынньыга Д.Ф. Ходулов аатынан култуура киинигэр үбүлүөйдээх сылбытын түмүктүүр киэһэҕэ көрдөрүөхтээхпит” диэтэ итиэннэ научнай бибилэтиэкэҕэ баар буоллун диэн 17 ырыа буолбут QR-кодтардаах хоһооннорун кинигэтин ХИФУ научнай бибилэтиэкэтин бибилэтиэкэрэ Полина Яковлеваҕа бэлэх уунна. Марианна Никанорова Олоҥхо тыйаатырын артыыһа, СӨ култууратын туйгуна, РФ театральнай диэйэтэллэрин сойууһун чилиэнэ  Галина Тихонова (1987-2018 с.с.) сырдык кэриэһигэр анаан тахсыбыт кинигэни устудьуоннар ааҕалларыгар диэн научнай бибилэтиэкэ пуондатыгар бэлэхтээтэ. Полина Николаевна Иннокентий Сосин кинигэлэрин кылгастык сырдатта. Сорох кинигэлэр бибилэтиэкэлэргэ да, атыыга да суохтарын ыйда. Майа бибилэтиэкэтин үлэһиттэрин үлэлэрин хайҕаата. Уус Алдан улууһун “Мүрү, Мүрү барахсан” өрөгөй ырыа ааптара эмиэ Иннокентий Сосин буоларын устудьуоннарга санатта. 

Бырайыак ааптара Августина Семеновна Иннокентий Сосинныын алтыспыт кэмнэрин ахтан-санаан сырдатта. Кини: “Иннокентий Михайлович миигин элбэххэ уһуйбут учууталым буолар. Ол курдук, кини “Таммахтар” литературнай холбоһук салайааччытынан, мин сэкирэтээринэн үлэлиир сылларбытыгар Мэҥэ Хаҥалас улууһун айар-суруйар оҕолоругар “Күндээр” бырайыак суруйан 7 төгүл “Бичиккэ” таһаартарбытым.  Онно 300-тэн тахса оҕолор айымньылара киирбиттэрэ. Кинилэртэн ырыаһыт Петр Кулаковскай, киинэ режиссера Константин Тимофеев, Майа тэлэбиидэнньэтин үлэһитэ Татьяна Филиппова, о.д.а. билигин бэйэлэрин суолларын-иистэрин тэлэн айымньылаахтык үлэлииллэр. Оҕолор сайдалларыгар анаан төрөппүттэртэн харчы хомуйан хаһыакка таһаарбыт матырыйаалларынан 20 кинигэни бэчээттэтэн таһаарбытым. 50-тан тахса сыл эрэдээктэринэн үлэлээбит Нина Иннокентьевна Протопопова өйөбүлүнэн “Кэскил” хаһыаты кытта ыкса сибээстээхтик үлэлээбиппит,  эдэр кэрэспэдьиэннэри салайбыппыт. «Куккун куоттарыма, сүргүн сүтэримэ” диэн 2 сылы мэлдьи ыытыллыбыт куонкуруска Томтор оскуолата 10 бастыҥнар ортолоругар ааттанан оскуолабытыгар принтер, компьютер бириис ылбыппыт. Граҥҥа кыттаммыт 6 путевканан наҕараадаланан оҕолор “Океан” лааҕырга баран сынньаммыттара. Итини этэн туран, учуутал буолар оҕолор, “Кэскил” хаһыаты кытта үлэлэһээриҥ диэн сүбэлиибин” диэтэ. 

 “Таммахтар” литературнай холбоһук салайааччыта, 18 сылтан ордук кэмҥэ саха тылын уонна литэрэтиирэтин учууталынан тахсыылаахтык үлэлээбит, билигин култуура эйгэтигэр үлэтин саҕалаабыт Наталья Пахомова устудьуоннарга анаан: “Быйылгы сылга Арассыыйаҕа Уһуйааччы уонна Аҕа сүбэһит, өрөспүүбүлүкэбитигэр Үлэ сыллара биллэриллибиттэрэ. Бу Иннокентий Сосиҥҥа толору сөп түбэһэр. Онон бу тэрээһиҥҥэ инникитин учуутал буолар  устудьуоннары илдьэ кэлбит учууталларбытыгар итиитик-истиҥник махтанабын. Бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ сүрдээх элбэҕи кэпсээтилэр. Ол эһиэхэ сотору кэминэн суолдьут Сулус буолан эргийэн кэлэн бу аудиторияҕа эһиги бэйэҕит кэпсии турар буолуоххут. Иннокентий Михайлович кинигэлэрин мин учууталлыыр сылларбар толору туһанным. Мантан остуолбар ууран турар кинигэлэрбинэн буолаллар “Айылҕалыын алтыһан” диэн. Мантан эһиги элбэҕи билиэххит уонна мин мунчаарар, чуҥкуйар түгэммэр “Алааһым аргыс тыала” диэн кинигэтин ааҕабын. Тулаайах хаалан баран ийэтин, аҕатын туһунан тугу өйдүүрүн уонна төрөөбүт дойдутугар наһаа күүстээх тапталын, махталын, дьоно эппит кэс тылларын барытын манна суруйбута. Мантан “аҕам эппит кэс тыла” диэн күүстээх этиилэрин киһи уйадыйа ааҕар. “Олбу-солбу тойуктар” диэн кинигэттэн уоттаах сэрии ыар сыллара Иннокентий Сосин оҕо сааһын огдолуппутун, кини хараҕар бу ыарахан хартыына барыта баарын билэбит. Кини хоһоонноро иһиттэн иэйэн, дьиҥнээхтик бэйэтиттэн тахсан суруллубут хоһооннор. Өлөөнө эмээхсин уобараһын хараххытыгар оҥорон көрүҥ. Ийэ барахсан 3 уолун сэриигэ атааран баран кураанах, оҕото суох, суол төрдүгэр хара былааттаах олорор” диэн баран 1989 с. суруллубут “Өлөөнө эмээхсин” хоһоону иэйиилээхтик аахпытын уйадыйа иһиттибит. 

СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, гемокултуура сайдыытын үнүстүтүүтүн сүрүн исписэлииһэ Саргылана Адамова-Алтан Кыыс  устудьуоннарга элбэх сүбэлэри биэрдэ. Сахалыыттан нууччалыы тылбааска ылсан үлэлииллэригэр баҕа санаатын тиэртэ.

ХИФУ саха салаатыгар үөрэнэр сылларыгар “Сэргэлээх уоттара” литературнай түмсүүгэ дьарыктаммыт, салгыы магистратураҕа үрдэтинэн культурологияны бүтэрбит Артем Осипов маннык тэрээһин ыытыллыбытыгар “Таммахтар” литературнай холбоһук  сүбэһитэ, “Иннокентий Сосины ахтан-санаан ааһыаҕыҥ…” бырайыак ааптара Августина Владимирова-Хабароваҕа махтанна итиэннэ Иннокентий Сосин “Лена вальса” хоһоонун дорҕоонноохтук аахта. 

Хотугулуу Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын үөрэтэр үнүстүтүүт саха тылын кафедратын  3-с кууруһун устудьуоннарын аатыттан эдэр суруналыыс, “Кэскил” хаһыакка үлэлээбит, “Саха сирэ” хаһыакка үлэлэһэр, Саргылана Адамова бырайыагын кыттыылааҕа Эльдар Садовников санаатын үллэһиннэ:

“Сэргэлээх уоттара” литературнай түмсүүнү хамсыгынан тохтуу сылдьыбытын ааспыт сылтан сөргүтэн саҥа тыынынан үлэлэтэн эрэбит. Эйгэлээх дьон буоларбыт быһыытынан бу биһиэхэ чугас тэрээһиннэри ыытар тыа сирин дьоно, оскуолата, култуураларын тэрилтэлэрэ үрдук таһымнаахтарын бэлиэтии көрөммүт олус сөҕөбүт. Иннокентий Сосин айымньыларын оҕо эрдэхпититтэн истэн-билэн кэлбиппит. Ол гынан баран эһиги биһиэхэ ырааҕы чугаһаппыккытыгар махтанабыт. Мэҥэ Хаҥаластан тахсыбыт дьон аҥардас киһи бэлиэтии көрбөтүн улуу дьыалаҕа кубулутан кэбиһэллэр. Ол дьыалалара хас да көлүөнэ тухары барар. Иннокентий Сосин оннук киһи эбит, Мэҥэ Хаҥалас сирин-уотун салгынын иҥэринэн тахсыбыт улуу  киһи буолар. Биһиги ыччаттар эһигини көрөн үөрэнэбит, ситим куппут салҕанан барарыттан үөрэбит. Эһигиттэн барытын сомсо олордубут. Тыа сирин дьоно Дьокуускайга, Саха сирин тэбэр сүрэҕэр үрдүк үөрэх кыһатын оҕолорун мунньан элбэх саҥаны арыйбыккытыгар өссө төгүл махтанабыт. Бырайыак хаһан да тохтооботун. Хоһооннору олус үчүгэйдик ааҕаҕыт, маннык тэрээһиннэр улахан суолталаахтар, хас биирдиибит маннык тарҕата сылдьарбыт көдьүүстээх эрэ буолуоҕа. Бу ааһан хаалбат, биһиги сүрэхпитигэр, өйбүтүгэр-санаабытыгар иҥэн инники үлэбитигэр туһаныахпыт турдаҕа”. 

“Иэйии” өрөспүүбүлүкэтээҕи кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэ чилиэнэ, педагог идэлээх Наталья Сергеева-Аана Кыыһа хомоҕой хоһоон түһүлгэтин кыттыылаахтарын эҕэрдэлээтэ. «Аан бастаан Иннокентий Сосин айымньытын кытта Чурапчы гимназиятыгар үлэлиир сылларбар Майаҕа хаста да кууруска кэлэ сылдьан алтыспытым. Күн дьыл билгэтэ кинигэтэ мин дьиэбэр күн бүгүн баар, ону күн аайы туһанабын. Онон бу наһаа үчүгэй айымньылардаах суруйааччыга улахан махталлаахпын. Оҕолорго анаан эттэхпинэ, эһиги суолгутун олох сөпкө тайаммыккыт. Маннык түһүлгэ киһиэхэ күн аайы тосхойбот. Бу эһигини Үрдүк Айыыларгыт манна сирдээн аҕалбыт дьоллоох дьоҥҥут. Эһиэхэ инники айымньылаах үлэни-хамнаһы баҕарабын” диэн туран “Саха тыла – мин баайым” диэн оҕолорго анаабыт бэйэтин хоһоонун аахта. 

Педагогическай үлэ бэтэрээнэ, «Эркээйи” хаһыат уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ, “Таммахтар” литературнай холбоһук көхтөөх кыттыылааҕа Елена Прокопьева «Үтүө бэйиэт Киэсэ Суосун” диэн анабыл хоһоонноох кэлэн кытынна. Кини суруйааччы ытык суолун батыһааччы элбэх буолуоҕар эрэнэрин эттэ. “Таммахтар” литературнай холбоһук биир көхтөөх кыттыылааҕа, Саха сирин суруйааччыларын сойууһугар ааспыт сылга ылыллыбыт Инна Николаева суруйааччыны кытта хайдах билсибитин кэпсээтэ. 2 А4 илиискэ суруллубут бастакы хоһооннорун бэрэбиэркэлэтэ, сыаналата суруйааччы дьиэтигэр тиийбит. Онно Алдан улууһуттан сылдьарын истэн онно олорор Сосиннар бары биир аймах буолалларын эппит. Онтон балайда кэм ааспытын кэннэ дьиэтигэр ыҥыран барытын ырыппытын көрдөрбүт уонна “Хоһоонноруҥ тыыппалаах эбиттэр” диэн бэлиэтээн эппит. Онтон кынаттанан Инна Николаевна 9 кинигэни таһаартаран, онтон 6-та оҕолорго аналлаах хоһооннор буолалларын сырдатан туран суруйааччыга махталлааҕын эттэ. Кини И.М. Сосин “Сахам дьонун”, “Күндү дойду” хоһооннорун бэлэмнээн аҕалбытын  аахта. 

Суруйааччы кыыһа, ХИФУ научнай бибилэтиэкэтин информационнай киинин сүрүннүүр бибилэтиэкэрэ Октябрина Сосина тэрээһин бары кыттыылаахтарыгар махтанна: “Бу тэрээһин манна ыытыллыбытыгар ордук үөрдүм. Ол курдук, аҕам оскуоланы бүтэрэн баран педагогическай үнүстүтүүт саха тылыгар салаатын бүтэрэн учуутал буолбута. Олоххо бастакы хардыытын мантан саҕалаабыта. Манна устудьуоннуу сылдьан хаһыаттарга ыстатыйа суруйан ыыталыыра. Бу  матыыпка  хоһоонно суруй диэн көрдөһөннөр, Биригэдьиир Марыына ырыаны ол кэмнэргэ суруйбут. Устудьуоннар, бары кыттыбыт дьон көхтөөхтөрүттэн үөрдүм. Аҕам киһи быһыытынан олус боростуой киһи этэ. Кырдьаҕас буоллун, оскуола оҕото буоллун, барыларын кытта тэҥнээхтэрин курдук кэпсэтэрэ. Ол иһин кинини кытта алтыспыт дьоҥҥо оннук сыһыан хаалбыт. Сорох кинигэлэрэ 5000, сорохторо 15000-ҕа тиийэ ахсаанынан тахсыбыттара уонна билигин бибилэтиэкэлэргэ эрэ хаалбыттар, чараас хахтаах “Өлүөнэ Эбэм кытылыгар” кинигэни толкуйдаан  баран хаттаан таһаартарбыппыт, уруккутунан эрээри Майа уонна Амма оскуолаларын оҕолоро уруһуйдаабыттара. Манна киирбит дьоннор оҕолоро, сиэннэрэ хамсык кэмигэр онлайн презентацияҕа кыттыбыттара. Аҕабыт ырыата сотору-сотору ылланар. “Тус хоту”, “Мэттэкэ-тэттэкэ”, о.д.а. ол гынан баран бу хоһоонун ааптара ким буоларын эппэттэр, баҕар ким суруйбутун билбэттэрэ буолуо. Ону билигин саха тылын салаатыгар үөрэнэр оҕолор итинник түгэннэри көрөн-билэн, болҕомтоҕутугар ылан дьоҥҥо тиэрдэргит буоллар наһаа үчүгэй буолуо этэ. Сорох айымньылара Арассыыйа антологиятыгар тылбаастанан киирдилэр. Кыра оҕолорго аналлаах кэпсээннэрэ нууччалыы тылбаастанан тахсан иһэллэрэ буоллар ааҕааччы киэҥ эйгэтин хабыа этилэрэ. Тэрийбит дьоҥҥо улахан махталбын тиэрдэбин. Аҕам сөбүлээн этэринии, бары дьоллоох буолуҥ, дьонноох буолуҥ» диэн түмүктээтэ. 

Августина Владимирова-Хабарова ааспыт сылга алтынньы 14 күнүгэр СГУ-гар устудьуоннуур сылларыгар “Сэргэлээх уоттара” литературнай түмсүү салайааччытынан үлэлээбит биир дойдулаахпыт Егор Петрович Шестаков-Эрчимэн 95 сылынан, онтон иккис тэрээһини сэтинньи 11 күнүгэр Муоматтан төрүттээх убайыгар, саха дьонун уоһуттан түспэккэ ылланар “Ийэҕэ махтал” ырыаны суруйбут Тихон Егорович Черемкин-Толомон 80 сылынан устудьуоннарга анаан научнай бибилэтиэкэ үлэһиттэрин өйөбүллэринэн тэрийэн ыыппыта. Бырайыак ааптара бу тэрээһиннэрин устудьуоннар биһирииллэр. Кинилэр мантан элбэх саҥа билиини сомсон инники үлэлэригэр төһүү күүс буолуоҕун билэн сыаналыыллар. Бу күн буолбут тэрээһинтэн устудьуоннар элбэҕи эбии билэн астынан, махтанан  тарҕастылар.

Марелла Баишева.