“Инникигэ хардыы” научнай-практическай кэмпириэнсийэ 1996 сылтан саҕалаан Сахабыт сирин үөрэнээччилэрин, учууталларын, учуонайдарын биир былаһааккаҕа түмэн, бүтүн өрөспүүбүлүкэ, дойду сайдыытыгар сүҥкэн суолталаах тэрээһин буолан ааста. Тохсунньу 9-11 күннэригэр Дьокуускай куоракка XXVIII төгүлүн ыытыллыбыт Владимир Петрович Ларионов аатынан “Инникигэ хардыы” научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ барыта 1800 билим эйгэтигэр талааннаах оҕолору түмтэ. В.П.Ларионов аатынан Майа орто оскуолатыттан уопсайа 17 үөрэнээччи кыттынна. Маҥнайгы түһүмэх “Триумф” спорт уораҕайыгар ааста. Иккис түһүмэххэ ааспыт оҕолор Максим Кирович Аммосов аатынан ХИФУ-га сиэксийэлэринэн арахсан салгыы үлэлэрин көмүскээтилэр. Үһүс түһүмэххэ бэйэ баҕатынан Аангылыйа омук тылынан бырайыактары көмүскээһин буолан ааста. Үс күннээх сыралаах үлэттэн маннык түмүктэр таҕыстылар:
✏»География» сиэксийэҕэ Маматкулова Кюннэй, 11 «а» кылаас үөрэнээччитэ, Лауреат буолла. Тиэмэтэ:Изучение и исследование
свойств наледи Булуус и Ирбэт Муус (салайааччылар: Евсеева Анна Николаевна биология учуутала, Дьяконова Нюргуяна Владимировна физика учуутала).
✏»Адаптивное животноводство и ветеринария » сиэксийэтигэр Жирков Дархан, 11 “б” кылаас үөрэнээччитэ, 2 истиэпэннээх дьупулуом. Тиэмэтэ: «Разведение медоносных пчел приморской и среднерусской породы ” (салайааччы: Жиркова В.В., география учуутала).
Норуоттар икки ардыларынааҕы Балтийскай научнай-инженернай куонкуруска кыттарга мэктиэлэннэ;
✏»Этнология уонна архелогия» сиэксийэтигэр Дмитриев Вадим, 7 «а» кылаас үөрэнээччитэ, 2 истиэпэннээх дьупулуом. Тиэмэтэ: «Керамика из стоянки Чюйя как памятник археологии Ымыяхтахской культуры » (салайааччы: Черкашина Н.Г, Самсонов М.А, история учууталлара )
✏Химическай наукалар сиэксийэҕэ, Пестрякова Милана, 2 истиэпэннээх дьупулуом, 7 «в» кылаас үөрэнээччитэ. Тиэмэтэ: «Синтез борнокислотных люминофоров» (салайааччыта: Игнатьева А.В, химия учуутала). Бүтүн Арассыыйатааҕы «Большие вызовы» диэн научнай-чинчийэр кэмпириэнсийэҕэ мэктиэлэннэ.
✏»Музееведение» сиэксийэтигэр Жирков Кирилл, 6 «а» кылаас үөрэнээччитэ, 3 истиэпэннээх дьупулуом. Тиэмэтэ: «Сэндэлинский меч -уникальный артефакт эпохи бронзы на территории Мегино-Кангаласского улуса «. (салайааччыта: Черкашина Н.Г., история учуутала).
✏ «Иностранные языки» сиэксийэтигэр Борисова Диана, 11 «а» кылаас үөрэнээччитэ, 3 истиэпэннээх дьупулуом. Тиэмэтэ: «Настольные игры как средство развития лексических навыков (на примере корейских
дорам) «. (салайааччыта:Дмитриева С.М, омук тылын учуутала ).
Кыайыылаах үөрэнээччилэрбитигэр баҕарабыт өссө да үрдуктэн үрдүк ситиһиилэри, дабайыылары, үүнэ-сайда туруҥ диэн алгыыбыт!