Инна Николаева‒Угинка: «Төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буоларга ииппит-үөрэппит иитээччилэригэр, учууталларыгар махталлаахпыт»

Инна Николаева‒Угинка, үлэ бэтэрээнэ, СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, Майатааҕы “Мичил” уһуйаан үрдүк категориялаах иитээччитэ:

Атырдьах ыйын 23 күнэ – олус долгутуулаах, үөрүүлээх күн тосхойдо. Саха икки танкист уолаттара Алексей Неустроев, Филипп Евсеев хорсун быһыыларынан Арассыыйа Дьоруойдара буоллулар, үрдүк ааты сүктүлэр! Бу биһиэхэ Саха сирин олохтоохторугар, саха дьонугар-сэргэтигэр киэн туттуу, инники кэскилбитигэр, ыччаппытыгар үтүө холобур буолар. Барҕа махтал хорсун-хоодуот уолаттарга, кинилэр төрөппүттэригэр, төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буоларга ииппит-үөрэппит иитээччилэригэр, учууталларыгар. Уолаттарбыт этэҥҥэ эргиллэн кэллиннэр, сэрии тохтоотун, Сир үрдүнэн эйэлээх олох сыдьаайдын!