Индияҕа бу күннэргэ бэртээхэй халлаан турар: салгын +32 С диэри сылыйар. Ол ыраах дойдуттан тыйыс тымныылаах Сахабыт сиригэр икки турист кэлэн ыалдьыттаан ааста: Раджет Поннаппа уонна Анураг Наян (Rajesh Ponnappa Anurag Nayan).
Кинилэр бу тымныыга тугу гына кэлбиттэрий? Уруккуттан Индияҕа ынаҕы ытыктыыллар, таҥара оҥостоллор, ону таһынан бу бытарҕан тымныыга дьон сүөһүнэн эрэ муҥурдаммакка, сылгыны уонна Индияттан тахсыбыт кууруссаны иитэллэр эбит диэн хайаан да тиийэн илэ харахпытынан көрдөхпүтүнэ сатанар диэн санаанан салайтаран кэлбиттэр. Ону таһынан мамонт фаунатын уонна ирбэт тоҥу интэриэһиргииллэр эбит, ол иһин анаан- минээн хабараан тымныыны таба тайана сатаабыттар.
Мэҥэ Хаҥаласка, чуолаан Ходоро (Чүүйэ) сиригэр тохсунньу 8 күнүгэр кэлэ сырыттылар. Ыалдьыттары арыаллыы биир дойдулаахпыт, эмчит, психотерапевт Евгений Скрябин‒Быдай, «Саха сирин суруйааччылара» Ассоциация бэрэссэдээтэлэ Олег Сидоров, кэргэнэ Лена Алексеевна бэркэ тылбаастаата, «Полярная звезда» сурунаал эппиэттиир сэкэрэтээрэ Ираида Попова.
Кэлээт, ытыктыыр Чүүйэ Эбэбитин киирэн алгыстаах алаадьынан Евгений, дойдулаах киһи аһатта, сахалыы уонна индиялыы алгыс эттэ, ол кэннэ В.В.Скрябин аатынан оскуолаҕа экскурсиялаатылар, манна ыалдьыттар саахыматтыыр остуолу көрөн сэргээтилэр, Раджеш Паннааппа оскуола дириэктэрэ Милан Илларионовы кытта киирсэн, тэҥнэһэн астынна. Салгыы ыалдьыттар Василий Васильевич Скрябин дьиэтигэр ыалдьыттаатылар, кэргэнин Фаина Илларионовнаны, оҕолорун Ольганы, Владимиры кытта билистилэр. Итии дойдуга үөскээбит дьон эти, балыгы сиэбэт, вегетаринецтар эбиттэр, кыра соҕустук убаһа этин, балык миинин амсайдылар. Салгыы Скрябин Геннадий Саввич, Романов Сергей Кононович хаһаайыстыбаларыгар сылдьан ынахтары киирэн көрдүлэр, сылгыны хайдах иитэллэрин биллилэр, кууруссалары көрдүлэр, балбаахтыылларын, күөлгэ ынахтар уулуулларын көрдүлэр уонна хаарга тоҥуохтарыгар диэри дуоһуйа күөлэһийдилэр, тымныыны тулуйарбытыттан сөҕөн-махтайан бардылар. Бүтэһигэр: «Биһиги тымныыны көрө-билэ кэлбиппит, оттон дьиҥэр дьон сүрэҕин сылааһыгар угуттанныбыт’, ‒ диэтилэр. Фаина Илларионовнаны эбэлэригэр майгынната көрөн, кэрэ сэбэрэлээх, сиэдэрэй куттаах эбиккин диэн махтанан, иккиэн илиилэрин түөстэригэр туттан, тоҥхох гыннылар.
Быйыл Василий Скрябин ‒ чүүйэлэр киэн туттар, ытыктыыр биир дойдулахапыт үбүлүөйдээх сылыгар Индия курдук, түүлбүтүгэр да баттаппатах ыраах дойдуттан анаан-минээн ыалдьыттаан барбыттарынан биһиги чүүйэлэр киэн тутуннубут, астынныбыт, махтал тылбытын этэбит.
Евдокия Исакова.