Илин Майатааҕы учаастакка быыбардааһын хаамыыта сэргэх

256 №-дээх Илин Майатааҕы учаастакка 1764 киһи быыбардааччы испииһэгэр киирэ сылдьар. 9 чааска 126 киһи кэлэн куоластаабыта (7,06 %), оттон 11 чааска 317 быыбардааччы (17,7%) кэлэн гражданскай иэһин толорон барда.  

«Дьон кэлиитэ көхтөөх, быыбар хаамыыта учаастакка сэргэх бөҕө», – диэн кэпсиир 20-чэ сыл быыбар хамыыһыйатын чилиэнинэн, сэкиритээринэн итиэннэ иккис сылын бэрэссэдээтэлинэн үлэлиир Эльвира Оконешникова.

Уопсастыбаннай балаататтан уонна политическай баартыйалартан кэтээн көрөөччүлэр, полиция үлэһитэ сарсыардаттан учаастакка үлэлии олороллор. Куоластааһын этэҥҥэ бара турар, сокуону, бэрээдэги кэһии, үҥсүү-харсыы суох.

Бу учаастакка 27 эдэр дьон сокуоннай саастарын туолан аан бастакытын куоластыыллар.

Билиҥҥи туругунан 56 киһи дьиэҕэ куоластыырга сайаапка түһэрбит, хамыыһыйа чилиэннэрэ кэтээн көрөөччүнү кытта сайаапкалаах дьону быыбардата сылдьаллар эбит.

Эльвира Гаврильевна Майа сэлиэнньэтин олохтоохторо дойдубут инникитин түстүүр Бэрэсидьиэн быыбарыгар, буоларын курдук, эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһан, хаалбыт кэмҥэ көхтөөхтүк кэлэн бэйэлэрин куоластарын биэрэхтэрэ диэн эрэнэрин биллэрдэ.

 

Февронья Охлопкова.