Ахсынньы 11 күнүгэр
Хорообут нэһилиэгэр
Дьиэ-кэргэн педагога, ийэ тыл үөрэҕин тарҕатааччы Евдокия Решетникова, идэни талыыга уйулҕаһыт (психолог- профориентолог), СЮЦАЙ сыыппара билимин дипломнаах маастара Виктория Бурнашева ыҥырыыбытын ылынан, кэлэн ыалдьыттаатылар.
«Оҕо ийэ тылынан тылланара олоҕор туох суолталааҕый?» «Төрүччү — өбүгэ ситимэ, өбүгэ күүһэ. Оҕоҕо төрүччүнү үөрэтии»
Маннык темаларынан кэпсэтии барда:
Хас биирдии киһи орто дойдуга кэлбит оҥоһуута, анала — чааһа, олоҕун суола, үлэтин эйгэтэ-хайысхата төрөөбүт күнүттэн, ыйыттан,
сылыттан — сыыппара кистэлэҥ күүһүнэн салаллар эбит. Билигин аан дойдуга киэҥник тарҕанан эрэр СЮЦАЙ сыыппара билимэ киһи табыллар бааттаах күнүн-сылын, биисинэскэ сөп түбэһэр сыыппараларын, тус бэйэтин туһунан араас билиини тапталга, дьоннуун алтыһарга, идэни таба тайанарга, удьуор дьоҕуру арыйарга, үлэҕэ сыһыаҥҥа, бэл, таҥнар таҥаһын дьүһүнүгэр тиийэ сыччах төрөөбүт күнүҥ сыыппараларынан ааҕан сайдар — салаллар, кыһалҕаттан тахсар суолларгын ааҕан таһаарар уонна да атын кистэлэҥ билиилэри сюцай бэлиэлэрин билиһиннэрдэ.
Евдокия Саввична бэйэтэ тикпит сахалыы таҥаһын билиһиннэрдэ, кэпсээтэ. Манна, салгыы нэһилиэк аҕа Баһылыга, этии киллэрдэ: сахалыы таҥаһы ейүүбүн уонна нэһилиэк бюджетыттан өйөөн «традиционнай» эр киьи, дьахтар таҥаһын тигэргэ, кэлин нэһилиэккэ туһаҕа хааларыгар баҕа санаа баар-диэн эттэ.
Эбиэт кэннэ, оскуола үөрэнээччилэригэр уонна учууталларга ыалдьыттаатылар. Олус сэргэх бэсиэдэлэр аастылар. Тэрээһини нэһилиэк библиотекара Варвара Филиппова, норуот айымньытын дьиэтин үлэһиттэрэ Татьяна Тролукова, Анна Скрябина, оскуола иитэр үлэҕэ директоры солбуйааччы Октябрина Васильева бииргэ көмөлөөн ыыттылар. Ыалдьыттар тэрээһиҥҥэ кыттыспыт бары үлэһиттэргэ, нэһилиэк аҕа Баһылыгар Гаврил Бродниковка улахан махталларын тиэрдэллэр. 📚📖📖📕📗
Варвара Филиппова.