Иис сыаҕа сылаас таҥаһы тигэн ыытта

Майаҕа “Дьол түһүлгэтэ” уопсастыбаннай кииҥҥэ Мария Лукина бэрэссэдээтэллээх “Түмэн” уопсастыбаннай холбоһук иһинэн үлэлиир Федора Наумова салайааччылаах иис сыаҕа тохсунньу 23 күнүгэр анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар анаан тикпит сылаас таҥаһын Ирина Саввина салайааччылаах “Илии сылааһа” өрөспүүбүлүкэтээҕи иис сыаҕар ыытта. 

Уопсастыбанньыктар Ариадна Филиппова, Антонина Петрова, Антонина Куприянова, Полина Осипова күннэтэ иистэммиттэрэ сылтан орто. Кинилэргэ Хорообуттан Маргарита Иванова таҥас тигэн ыытан кыттыста. Маны сэргэ, бэйэлэрин баҕа өттүлэринэн Евдокия Новгородова, Саргылана Тоскина уонна Матрена Сыдыкбекова кэлэн күүс-көмө буоллулар.

Саҥа сылга үктэнэн баран 4 халыҥ куурка, 8 халыҥ ыстаан, 6 сиэхтээх футболка, 6 сылаас ыстаан тигиллэн ыытылынна. Иистэнньэҥнэр бастаан тигэр таҥастара туспа ирдэбиллээх буолан Дьокуускайтан бэлэм быһыллыбыт таҥаһы аҕалан тигэллэрэ. Билигин рулонунан кэлбит матырыйаалтан бэйэлэрэ кырыйан тигэллэр. Ону сэргэ, анал байыаннай дьайыыга барар 2 уолу толору таҥыннаран атаардылар итиэннэ Хабаровскай куоракка олорор  волонтер Алена Лебедкинаҕа 20, саллааттарга 32 харысхалы оҥорон ыыттылар.

Түмэннэр дойдуларын көмүскүү сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар кыһыҥҥы тымныы кэмҥэ олус наадалаах таҥас-сап ииһигэр көмөлөһүөн баҕалаахтары эрэнэ кэтэһэллэр.

Марелла Баишева.