Бүтүн Арассыыйатаааҕы бибилэтиэкэ күнүн көрсө Мэҥэ Хаҥалас кииннэммит бибилэтиэкэ ситимэ улахан ситиһиилэннэ. Ол курдук директор солбуйааччыта, СӨ култууратын туйгуна Петрова Анна Петровна СӨ Ил Дарханын И.И. Крафт аатынан бириэмийэтин тутта. Бу өрөспүүбүлүкэ бибилэтиэкэрдэрин саамай үрдүк, сыаналанар наҕараадалара буолар.
Анна Петровна И. М. Сосин аатынан Майа киин бибилэтиэкэтигэр 2011 сыллаахтан үлэлиир. Кини үлэбитин тута сэргэхситэн, саҥа технологиялары дохсуннук киллэрбитэ. Бастакынан – бибилэтиэкэлэр бары сайтаналларын ситиспитэ. Бу инниттэн Анна Петровна бэйэтэ «ИКТ в библиотечной деятельности» анал бырагыраама оҥорон, исписэлиистэри үөрэппитэ. Ол түмүгэр улуус 31 бибилэтиэкэтэ сайт үлэлэппиттэрэ тус былааннарын толорууга көдьүүстээх буолбута, хас биирдии үлэһит иҥнигэһэ суох мультимедийнай презентацияны, видеороликтары оҥоро, скайп, зуум нөҥүө конференциялары ыыта үөрэммитэ. Бу барыта нэһилиэнньэҕэ туһалыырыгар, оҕо-аймах сайдыытыгар төһүү күүс буолара саарбаҕа суох. Аныгы бибилэтиэкэ биир сүрүн соругунан кинигэни, хаһыаты сүтэрбэт инниттэн оцифровкалаан, электроннай барыйааҥҥа көһөрөн, кэлэр көлүөнэ хааччаҕа суох туттарын хааччыйыы буолар. Бу кэскиллээх үлэни Анна Петровна саҕалаан, улуус үрдүнэн кинигэлэри, хаһыаттары хайа баҕарар кэмҥэ булан ааҕыахха сөп.
Арассыыйаҕа 2019-2024 сылларга «Культура» национальнай бырайыак үбүлэнэн модельнай бибилэтиэкэ тэриллиитигэр күүстээх хамсааһын таҕыста. Элбэх бибилэтиэкэ өрөмүөннэнэн, тупсаҕай көстүүлэнэн, саҥа көмпүүтэрдэринэн, миэбэллэнэн үлэ-хамнас сэргэхсийдэ.
2019 сыллаахха И.М. Сосин аатынан улуустааҕы киин бибилэтиэкэ өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска «Лучшая сельская библиотека» субсидияҕа тиксэн 108 000 солкуобайынан саҥа көмпүүтэр ылан байытыммыта.
2020 сыллаахха «Культура» национальнай бырайыакка кыттан 1 300 000 солкуобайдаах субсидияҕа тиксэн, киин уонна оҕо бибилэтиэкэлэрэ кинигэ, миэбэл, көмпүүтэр саҥардынан, ааҕааччыга да, үлэһиттэргэ да табыгастаах усулуобуйа тэрилиннэ.
2021 сыллаахха ити бырайыакка кыттан, Нөөрүктээйи филиала (сэбиэдиссэй СӨ култууратын туйгуна Нина Колосова) 5 мөлүйүөннээх грант сүүйбүтэ. Ити курдук 2021 сыл ахсынньы 10 күнүгэр «Экспресс» модельнай бибилэтиэкэ ааҕааччыга аанын тэлэйбитэ.
2021 сыллаахха М.И. Брызгалова аатынан Майатааҕы оҕо бибилэтиэкэтэ (сэбиэдиссэй СӨ култууратын туйгуна Ольга Дьяконова) «Креативное поколение NEXT» бырайыагынан Арассыыйатааҕы ПФКИ (Президентский фонд культурных инициатив) куонкуруска кыайыылааҕынан тахсан, 548 981 солкуобай сүүйбүтэ.
2021 сыллаахха киин бибилэтиэкэ иһинэн тэриллибит «Мегино — ИНТЕЛЛЕКТ» кэммиэрчэскэйэ суох тэрилтэ (салайааччы Аграфена Зыкова) Саха АССР тэриллибитэ 100 сылыгар анаммыт улуустааҕы социальнай бырайыактар куонкурустарыгар “Виртуальная карта “Мегино-Интеллект” бырайыагынан 100 000 солкуобай сүүйбүтэ.
2022 сыллаахха СР муниципальнай тэриллиилэрин истэригэр модельнай бибилэтиэкэлэри тэрийии куонкурсугар 1-кы Наахара бибилэтиэкэтэ (сүрүннүүр бибилэтиэкэр СӨ култууратын туйгуна Сардаана Сергеева) кыайыылаах тахсан, 800 000 солкуобайга бибилэтиэкэ ис бараанын саҥардан, көмпүүтэр техникатын ылан сэргэхтик үлэлии олорор.
Бу бырайыактары барыларын Анна Петровна сүрүннээн, оҥорсон, хонтуруоллаан маннык ситиһиилэннибит диэн үөрүүбүтүн үллэстэбит.
Дьокуускайга бибилэтиэкэ күнүн көрсө ыам ыйын 24 күнүгэр Национальнай бибилэтиэкэ Историческай саалатыгар үөрүүлээх тэрээһин буолла. Манна ыҥырыылаах ыалдьыттарынан СР Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко, СР Ил Түмэн Судаарыстыбаннай Мунньаҕын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Александр Жирков, СР култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирин солбуйааччы Афанасий Ноев, Б.Н. Ельцин аатынан Президент бибилэтиэкэтин Тюмень куораттааҕы филиалын директора Олег Шор буоллулар.
“Эһиги бэйэҕит үлэҕитинэн олох хаамыытын, устуоруйатын үйэлэргэ тиһэҕит. Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана олохтообут И.И. Крафт аатынан Бириэмийэ, кырдьык, бибилэтиэкэлэр идэлэрин толору баһылыылларын туоһулуур сүдү суолталаах наҕараада” диэн Андрей Тарасенко бэлиэтээтэ.
Биһиги улуустан Анна Петровнаны сэргэ М.И. Брызгалова аатынан Майатааҕы оҕо бибилэтиэкэтэ “Култуура бастыҥ тэрилтэтэ” (104 000 солкуобайга сэртипикээт), уонна Ходоро сүрүннүүр бибилэтиэкэрэ, СӨ култууратын туйгуна Мария Левина “Култуура бастыҥ үлэһитэ” анал ааттарга тиксэн наҕараадаланнылар.
Анна Петровнаҕа аныгы үйэ сайдыылаах ааҕааччыта үөрэ-көтө кэлэр киэҥ-куоҥ, кинигэнэн баай бибилэтиэкэлэр элбииллэригэр сыралаах үлэҥ сыаналаммытынан истиҥник эҕэрдэлиибит, инникитин да кыайыылар кэллиннэр диэн алгыыбыт.
Улуус бибилэтиэкэтин бары үлэһиттэригэр сырдыгы, кэрэни тарҕатар үлэҕитигэр ситиһиини баҕарабыт.
Мария Габышева,
улуустааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ
ситимин кылаабынай мэтэдииһэ