Төрүт үгэһиттэн тэйбит, арахсыбыт норуот кэрэгэй дьылҕаланар, утума, ситимэ быстар. Ыһыахха Айыылартан Алгыһы ылар сиэр-туом сүрүн өйдөбүлэ – ынах, сылгы туһугар күөх от үүннүн диэн. Саха киһитин сүрүн үлэтэ – оттооһун.

Сайынын Аан Алахчын хотун Сир Ийэбит обугунаспыт    от-сэбирдэх оҕолорун оттоон ылын диэбиттии,  күөх-ойуу сүмэһиннээх эмиийинэн аһатар, биэбэйдиир Хас биирдии охсуллубут от хомулларын, мунньулларын  тэҥэ от үлэтэ – дьону түмэр, хамсатар, сомоҕолуур.

Фольклору үөрэтэр, тарҕатар идэлээх Дорҕоон Дохсун 2017 сылтан  тохтообокко  “Хотуур хоһууна” бырайыагын үлэлэтэн кэллэ. Улаатант эрэр уолаттары өй-санаа, эт-хаан таһымнарын көрөн илиинэн от охсорго үөрэтэр.  Эдэр киһи уһуйааччы быһыытынан көрүүтэ дириҥээн, норуотугар тирэх-өйөбүл буолан эрэр. Дорҕоон тыа хаһаайыстыбата инники  дьылҕатын толкуйугар кыараҕытык кыһалла, санаатын уура сылдьар киһи.

Дириҥ силистээх-мутуктаах, үлэ ыарахаттарын, уустуктарын  сүрэхтэринэн  билэ-көрө үлэлиир сылдьар хаһаайыстыбалаах дьоҥҥо Балыктаахха,  үөрэппит оҕото, Дьулус Говоровка, Дьаҥхаадыга Андрей Холмогоровка  уһуйар уолаттарынаан күүс- көмө  буоллулар.

Уһуйааччы уонна тэрилтэ салайааччылара ис турук көстүбэт утахтарынан бэйэ бэйэлэрин кытта өйдөстүлэр, өйөстүлэр диэхпин баҕарабын. Саха дьоно саҥата суох кэпсэтэллэр. Кэлэр кэскили, инникигэ эрэли күүһүрдээри куттарынан-сүрдэринэй  өйдөһөллөр.

Дорҕоон Дохсуннуун алтыспытым уонтан тахса сыл буолла. Бу сайын Төхтүргэ тустууктар лааҕырдарыгар кэлбит уонна дьиҥ үлэлиир хаһаайыстыбаҕа тахсыахпытын баҕарабыт диэтэ. Сиэн быраатым Андрей Лукич  Урдаах сайылыккар илдьэ тахсаҕыт, күөл кытыытын охсоллоругар сүбэлээтэ.

Урут уопсастыбынньыктар быһыытынан үлэлээммит уһуйааннарбытын үлэлэтэрбитигэр араас мүччүргэннээх түгэннэри ааспыппытын санааммын, уолбуттан Дорҕоонтон ыйытабын: “Бу уһуйааҥҥынан хайдах ити спортивнай лааҕырга тиийэн хааллын?”, — диэн.

Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын баһылыга Д.И. Тихонов Аллараа Бэстээххэ баар Тимир Пинегин аатынан “Парус” спортивнай комплекс  Төхтүргэ туппут саҥа  лааҕырын иһинэн кэлэн үлэлииригэр ыҥырбыт. Дмитрий Иванович тойонноон көрөн,  дириҥтэн силистээн  үлэһиттэрин тылыгар киллэрбитин, саҥатынан салайбытын биһирээтим.  Үөһэттэн өйөбүл үлэни күүһүрдэр.  Дорҕоон Дохсун үлэҕэ  уһуйар уолаттара Айаан Колесов (Хара, 13 с), Күндүмэн Олесов (Төхтүр, 14 с), Эльдар Птицын (Тумул, 13 с.), Марк Николаев (Дьокуускай, 11 с). хотуурунан от охсоннор  илиилэрин эрчимнээтилэр, тилэхтэрин тирэхтээтилэр, атахтарын күүһүртүлэр. Араҥас далбардаах  алааска күөрчэхтии ойо, көтө-дайа сылдьаннар өйдөрүн-санааларын, эттэрин-сииннэрин сайыннардылар.  “Парус” спортивнай лааҕыр салайааччыта Андриан Анлреевич кэлэр сылга оҕолор  илиинэн  от охсор үлэлэрин сайыннарыахпыт диэн санаатын үллэстибитэ.

Хорообут Атах Бүтэй алааһыгар ыытыллыбыт арассыыйаҕа педагог уонна настаабынньык,  өрөспүүбүлүкэҕэ үлэ, улууска тыа хаһаайыстыбатын сылларыгар, саха сиригэр физкултуура хамсааһынын 100 сылыгар анаммыт күүлэйгэ уолаттар от охсорго кытынныыны ылбыттара, элбэҕи билэн-көрөн кэлбиттэрэ.

Илиинэн от охсор төрүт дьарыктыт, төрүт хамсаныыбыт утума быстыбатын, ситимэ ситэриллэн истин. Ааспыттан алгыһын тутуһуоххайыҥ, бүгүҥҥүбүтүн бүгүн оҥоруоххайыҥ, сарсыҥҥыны кытта ситимнэһиэххэйиҥ.

Анна Холмогорова