Хотун Төҥүлү ыаллара быйыл мууспут ып-ыраас диэн астыналлар

Тыа сирин олохтоохторугар күһүҥҥү түбүк элбэх. Сүөһү кыстык хотонугар киирбитинэн, биирдиилээн субан сүөһү көрдөөччүлэр биллэриилэрэ куйаар ситиминэн тарҕаналлар. Ону сэргэ, муус ылыыта, муҥха, идэһэ туттуута…

Муус уута айылҕа бэйэтэ ыраастаан айбыт, иһэргэ саамай ыраас уу буолар дииллэр. Хотун Төҥүлү ыаллара быйыл мууспут ып-ыраас диэн астыналлар.

Михаил, Дуолан Цыпандиннар уонна Михаил Сумцов дьиэ кэргэнигэр быраата Егор Стручков көмөлөһөн, муустарын кыттыһан Соҕуруу Эбэҕэ ыллылар. Маныаха мууһу күөлтэн хостуурга анал сыпсы оҥостоннор, үлэлэрэ түргэнник бүтэн-оһон, үөрүүлэрэ үгүс. Кинилэр маннык тэрил хас биирдиибитигэр баара табыгастаах буолуо эбит диэтилэр.

Бэйэ бэйэҕэ көмөлөсүһэн уһун кыһыны туорууру ааһан, сайыҥҥы кэмҥэ ыраас уунан дьиэ кэргэни хааччыйар күүстээх аҥардарбытыгар үгүрү-сүгүрү буолуохтун!

 

Марелла Баишева.