Хотону хайдах табыгастаах гына тутуохха сөбүй?

Хотон диэни иһиттилэр эрэ, аҥаардас ынах сүөһүнү көрөргө аналлаах тутуу курдук саныыр дьон элбэх. Холобура Майаҕа хотону тутуу наадата суох курдук дьон өйдүүр эбит.
Хотон да араастаах. Сүөһүгэ анамматах кыра хотоннор эмиэ бааллар. Сибиинньэни, кууруссаны, куһу хааһы, перепелканы, козаны, кролигы уо.д.а кыстатарга аналлаах дьоҕус тутуулар.
Бу тутуулар күн энергиятыттан, электричестибэттэн сылытыналлар. Саас эрдэ үүнээйини үүннэрэргэ эмиэ туттуллар.

Аска сыана үрдүү турар. Маҕаһыынтан аһаан абыранар ыраатаары гынна. Онон Майа курдук оттуур ходуһата суох сэлиэнньэҕэ ынахтан атын кыылы-сүөлү тутарга дьоҕус хотон наада буолуо. Биэнсийэлээх да, үлэтэ суох эдэр дьон таах сылдьыбаттарын, саатар айахтарын туһугар бэйэлэрэ кэтэх хаһаайыстыба тэринэн көмөлөһүннэрэллэрэ наада. Үгүс дэриэбинэҕэ ынах сүөһүнү көрүү лаппа аҕыйаата. Бу социальнай-экэнэмиичэскэй боппуруоһу сытыырҕатар эрэ. Кыамматтары, аһы умналыыр дьон үөскүүллэригэр олук уурар. Дьэ ону утары охсуһао инниттэн дьоҕус, табыгастаах хотону хайдах тутары, ханнык матырыйаалтан тутар сыаната чэпчэкитин, үйэлээҕин, күн сырдыгын, сылааһын таба туһаныы уо.д.а. дьоҥҥо көрдөрөр, аҕытаассыйалыыр олохтоох дьаһалта үлэлиир сыала-соруга буолуохтаах. Үлэтэ, хотоно да суох ыал Майаҕа, Хараҕа, атын нэһилиэккэ, тыа сиригэр да суох буолуохтаах. Ити буолар Арассыыйа, Саха сирин, улуус, нэһилиэк үрдүнэн кыаммат ыаллар, дьон аҕыйыырыгар дьиҥнээх охсуһуу. Онон хотон боппуруоһа тыа сиригэр стратегическэй боппуруос. Мантан аллараа холобурга дьон хайдах хотону туппуттарын чертеһун уонна быһаарыытын суруйуом.

 

Күн уотунан сылытыллар хотон

Соҕуруу уонна илин истиэнэлэрин үөһээ аҥара барыта түннүк. Арҕаа истиэнэ түннүгэ суох. Хоту эркинигэр ааннаах. Саас кулун тутартан түннүгүнэн сылыйан барар. Онон сибиинньэ оҕотун, индюк атыылаһан хотонноругар туталлар, арассаада олордоллор. Түүн электроколориферы 0.4-0.5 квт холбууллар. Автоматическай температура датчигынан холбонор- арахсар гыныахха сөп. Күнүс +20‒25 кыраадыс сылыйар. Түүн +15 …. +18 кыраадыс тутуохха сөп. Ону таһынан кыра  кирпииччэ оһох да туруораҕын. Иэнэ иһинэн 9 кв.м. Онон  сылытарга да кыра энергия туттуллар. Сибиинньэ оҕото, индюк «отхода» мас турба устун таһырдьа анньыллар, мусорнай мөһөөччүккэ түһэр. Сөп отход мунньулуннаҕына мөһөөччүк бааллан перегнойга түргэнник кубулуйар. Маннык «солнечнай хотону» Хаптаҕайга быраас идэлээх Антон Егоров туттубутун үөрэтэн, чертежтаан ылбытым. Ити базатыгар хотон туттубутум. Онон кини мындыр  рационализатор эбит. Уһаайбаны таба туттарга бэйэтэ толкуйдаах. Ол ‒ туспа кэпсээн, бырайыак.

 

Көстөкүүн хотоно

Көстөкүүн хотонун тутарыгар аныгы матырыйаал үөдүйэ илигэ. Билигин сыана ыараабытынан маннык хотону анал билиэт ылан мас бэлэмнэнэн тутуохха сөп.

Хотон тутарга маҥнай остуолбатын түһэрэллэр. Көстөкүүн остуолбатын ирбэт тоҥҥо диэри хаһан баран лүөскэ бырахпыт уонна ол үрдүгэр остуолбатын туруорбут. Остуолбатын үрдэ сиртэн 1, 5 м. Үрдүнэн дьиэ курдук кураанах тиит маһынан 4‒5 эргийбит. Ол иһигэр өһүөтүн түһэрэр. Буор хаайыыта баар. Итини таһынан түннүктэрин чуолҕаннарын уһаты оҥорбут.
Бу түбэлтэҕэ ойоҕоһугар ууруллар холлоҕос кылгас буолар 1.8‒1.9 м уһуннаах. Холлоҕоһу ортотуттан саҕалаан кэчигирэтэр. Уһун сиэрдийэттэн суон соҕус маһы олоччу куучалаан баран состорон аҕалар. Онтон: төрдүн холлоҕос, ортотун муоста, төбөтүн үрдүгэр тэлгэтэр. Толору туһанар.  Аны сабараанньалыыр. Ол түмүгэр күһүн сыбыырыгар холлоҕоһо кылгаан сыбанар иэнэ кыра буолар. Дьон хотоннорун холлоҕоһо буор хаайыылыын 3 м тиийэ сыһар буолан, сыбахтара кыайтарбат буолар. Көстөкүүн хотонун үрдүн дьиэлии тутан ол үлэни чэпчэппит.
Онон маннык хотону тутарга маһы туттуу аччыыр, сыбах сыбыыр иэнэ эмиэ куччуур, хотон ичигэс, табыгастаах буолар. Араас утеплители туттубаккын, экологическай өртүнэн табыгастаах хотон буолан тахсар.

Федот Харитонов.