Сыымахха кэлбит киһи Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Кузьмич Попов олоҕун, хорсун быһыытын туһунан кэпсиир түмэли тумнан ааспат.
Ол сиэринэн бүгүн олохтоохтор мусуойдарын өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханыгар Айсен Сергеевич Николаевка уонна Арассыыйа Дьоруойугар Александр Гаврильевич Колесовка көрдөрдүлэр, киэн туттар биир дойдулаахтарын уонна Баатараттан Аҕа дойдуларын көмүскэлигэр барбыт буойуннар тустарынан кэпсээтилэр.
Түмэл Аҕа дойду Улуу сэриитин кэнниттэн, номнуо 1947 сылтан үлэтин саҕалаабыт. Манна 500-тэн тахса сэдэх экспонаттар, ол иһигэр Федор Попов тус бэйэтэ тутта сылдьыбыт маллара көрдөрүүгэ тураллар, хараллан сыталлар. Ол кэмтэн ыла Дьоруой Поповка аналлаах мусуой үгүс-элбэх көрдүүр-ирдиир, сырдатар үлэни ыытан, бу үлэҕэ оскуола үөрэнээччилэрин кытыннаран, ыччаты дойдуга бэриниилээх буолуу тыыныгар иитиигэ сүҥкэн үлэни ыытан кэллэ.
Ыалдьыттар олохтоохторго, түмэл үлэһиттэригэр устуоруйаны, ааспыт кэми кырдьыктаахтык кэпсиир, Аҕа дойдубут иһин кыргыспыт, олохторун толук уурбут буойуннарбыт, Дьоруойбут туһунан сырдык өйдөбүлү түмэр, ыччакка тиэрдэр сыралаах үлэлэрин иһин истиҥник махтаннылар.
Дьоруой аатын сүгэр Баатара орто оскуолатыгар ыалдьыттар улуустааҕы «Хаардаах барс» байыаннай-спортивнай күрэс кыттыылаахтарын эҕэрдэлээн ситиһиилэри баҕардылар, оскуола иһинэн үлэлиир кадет кылаастарын үөрэнээччилэригэр аналлаах интэринээккэ сылдьан олорор усулуобуйаларын билистилэр, оҕолору кытары сэһэргэстилэр.
Муниципальнай оройуон баһылыга Дмитрий Тихонов уонна тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Артем Александров Айсен Сергеевичкэ Дьоруой төрөөбүт дойдутугар Сыымахха тутуллуохтаах 260 ыанар ынахха аналлаах сүөһү иитэр комплекс туһунан – инвестиция бөдөҥ барылын билиһиннэрдилэр. Бу аныгы олох ирдэбилигэр толору эппиэттиир, билиҥҥитэ Арассыыйаҕа суох, аныгы тэрилинэн, роботтарынан салаллар, сүөһүттэн үрдүк бородууксуйаны ылыыга туһуланар тосхол барылын, үбүлээһинин докумуона оҥоһуллан, судаарыстыба эспэртиисэтигэр киирбит. Үбүлээһинэ быһаарылыннаҕына эһиилги сылтан тутуута саҕаланар, 30 олохтоох дьону үлэнэн-хамнаһынан хааччыйар кыахтаах бөдөҥ бырайыагы Ил Дархан сэргээтэ, тыа сиригэр наадалаах тутуу буолсу диэтэ, ымпыгын-чымпыгын туоһулаһан билистэ.
Ил Дархан сылдьыбыт сирин аайы чопчу бу нэһилиэктэн анал байыаннай дьайыыга дойдуларын көмүскүү сылдьар биир дойдулаахтарбыт дьиэ кэргэннэригэр сылдьан хайдах-туох олороллорун, судаарыстыба аадырыстаах өйөбүлэ хайдах тиийэрин билсэр үгэстээх. Баатара нэһилиэгиттэн быстах хомуурга ыҥырыллан барбыт Петр Григорьев дьиэ кэргэнигэр, ийэтигэр ыалдьыттаатылар. Петр ДьУоХХ улуустааҕы салаатыгар үлэлээбитэ. Саллаат ийэтэ Анна Федоровна этэҥҥэ олоробут, уолбун кытта сибээстэһэн билсэбит диэтэ. Уола бойобуой сорудаҕы толоро сылдьан бааһыран эмтэммитин, чөлүгэр түһэн, билигин салгыы сулууспалыырын, соторутааҕыта төрөөбүт дойдутуттан көмө тутан үөрбүтүн туһунан ыалдьыттарга кэпсээтэ. Биир дойдулаахтара буойуннар дьиэ кэргэннэригэр көмө-тирэх буолалларын туһунан иһитиннэрдэ.
Аҕа дойду Дьоруойдарыгар аналлаах күн, ханна да буоларын курдук, биһиги улууспутугар эмиэ дириҥ ис хоһоонноохтук ааста. Бу күн төрөөбүт дойдуларыгар бэриниилээх буолуу үтүө холобурун көрдөрбүт урукку да, билиҥҥи да кэм дьоруойдарын сырдык ааттарын ааттаан, кинилэр хорсун быһыыларын үүнэр көлүөнэҕэ тиэрдэр иэстээхпитин санатарга туһуланар.
Биһиги кэрэсп.