Хорообуттар Бырабыыталыстыба үлэтин үчүгэйинэн сыаналаатылар

Михаил Кириллин салайааччылаах иккис бөлөх күн иккис аҥарыгар Гаврил Бродников баһылыктаах Хорообут нэһилиэгэр отчуоттаата.

Мунньахха хорообуттар ааспыт сыллааҕы үлэ-хамнас туһунан сиһилии истээри 78 киһи түмүстэ. Интэриэһиргиир ыйытыктарын хото биэрдилэр. Гаас ситимин тардыллыыта, оттуур сир тиийбэтэ, сири бэрээдэктээһин, исписэлиистэргэ олорор дьиэни тутуу курдук боппуруостар инники күөҥҥэ турдулар. Тыа хаһаайыстыбатыгар сөбө суох сокуоннары ылыныы, идэлээх үлэһит тиийбэтинэн, каадыр, хамнас боппуруоһа таарылыннылар.

Ил Түмэн дьокутааттара тоҕо отчуоттуур бөлөххө кыттыыны ылбаттарын, кинилэр кыһалҕаны истэн-билэн баран сокуону ылыналлара наадатын эттилэр. Тыа сиригэр үлэлиир учууталларга маһынан оттор оһоххо туспа хомунаалынай өҥө төлөнөрө наадатын туруорсаллар.  Мария Моисеева кэпэрэтииптэр элбэх үүтү туттараннар, оҥорон таһаарыы күүскэ үлэлиэхтээҕин,  Павел Скрябин омук үлэһиттэрэ үлэлии кэлэн баран бырапыыскаламмыт буоллахтарына военкомат нөҥүө байыаннай дьайыыга ыытарга санааларын эттилэр. Валерий Колосов тыа хаһаайыстыбата хаһан да барыыстаах салаа буолбатаҕын, инвест бырагыраама көмөтүнэн сайдыы баран иһиэхтээҕин эттэ. Кырдьаҕастар санааларын этэн, былаас үлэһиттэрин кытта атах тэпсэн олорон кэпсэтэр астыгын бэлиэтээтилэр. Хорообуттар бырабыыталыстыба отчуотун үчүгэйинэн сыаналаатылар.

Елизавета Неустроева.