Алтынньы 28 ‒ сэтинньи 3 күннэригэр күһүҥҥү каникул кэмигэр Хорообут орто оскуолатыгар бэрт сэргэх тэрээһин буолла.
Улуустааҕы оҕо успуордун оскуолатын волейболга тириэньэрэ Дария Апросимова салайааччылаах, араас оскуолаттан спортсмен кыргыттар дьарыкка муһуннулар. Манна Майа, Табаҕа, Аллараа Бэстээх, Павловскай, Төҥүлү, Тумул, Лоомтука оскуолаларыттан 20 үөрэнээччи уонна бэйэбит 7 оҕобут ‒ уопсайа 27 буолан дьарыктаннылар.
Волейбол эдэркээн тириэньэриттэн Дария Дмитриевнаттан дьарык сыалын-соругун туһунан кэпсэттим. Кини санаатын маннык үллэһиннэ: «Маннык түмсүү сүрүн сыала диэн үөрэнээччилэри кэтээн көрүү, улуус сүүмэрдэммит хамаандатыгар талыы, араас күрэхтэһиилэргэ бэлэмнээһин. Бары бииргэ сылдьан, бииргэ олорон бэйэ-бэйэлэрин кытта үчүгэйдик билсэллэр, доҕордоһоллор, волейбол диэн хамаанданан оонньуу буоллаҕа. Ол иһин маннык түмсүүлэр олус туһалаах буолаллар. Оҕолор бэрээдэктэрэ үчүгэй, бэйэлэрэ тэринэн күн аайы дьуһуурунайдыыллар, олорор хосторун, көрүдүөрү, суунар сирдэрин сууйаллар, оскуола үлэһиттэрин кытта истиҥник сыһыаннаһаллар, повардарга махтаналлар. Хорообут оскуолатын интэринээтэ, дьарыктанар саалалара бэрт оҥоһуулаах эбит. Олорор сирбит сылаас, киэҥ-куоҥ, олус минньигэстик аһаталлар, оҕолор астыннылар-дуоһуйдулар. Оскуола үлэһиттэрэ бэркэ көрүстүлэр, барытын ыйан-кэрдэн, быһааран үчүгэйдик сыһыаннастылар. Спортсменкалар биир нэдиэлэ иһигэр элбэҕи биллилэр-көрдүлэр дии саныыбын. Бэйэ-бэйэлэриттэн үөрэнэн, өйөһөн-өйдөһөн дьарыктанныбыт. Оҕолор бары маладьыастар, өссө да инникитин маннык бары бииргэ, кыһаллан дьарыктаннахтарына ситиһии кэлиэҕэ диэн эрэнэбин. Хорообут оскуолатын салалтатыгар, минньигэс астаах повардарбытыгар махталбытын тиэрдэбит». Ити курдук, эдэр тириэньэр, интэринээккэ киирдэҕинэ иитээччи, киэһэтин-түүнүн иитээччи көмөлөһөөччүтүн курдук улахан эппиэтинэстээх үлэни бүтүн нэдиэлэни быһа соҕотоҕун толорбута сөхтөрдө. Итинник буолар, үлэтигэр бэриниилээх, тулуурдаах, дьулуурдаах, бастыҥ тириэньэр диэн.
Үөрэнээччилэр дьарыктана сылдьалларын, күнүһүн, киэһэтин интэринээккэ араас оонньуулары тэрийэллэрин, бары иллээхтик, бэйэҕэ ытыктабыллаахтык сыһыаннаһалларын, тириэньэрдэригэр күүс-көмө буолалларын көрөн үөрдүм, пстынным. Бары бииргэ, иллээх дьиэ кэргэн курдук, кэлэктиипкэ иитиллэн таҕыстахтарына, күрэхтэһии кэмигэр да үчүгэй хаачыстыба иитиллиэҕэ, кыайыы-хотуу, улахан ситиһии баар буолуоҕа. Кытаатыҥ, туруоруммут сыалгытын ситиһиҥ диэн баҕа санаабытын тиэрдэбит.
Влада Черноградская, Р.А.Бурнашов аатынан Табаҕа орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ:
‒ Алтынньы 28 күнүттэн Хорообут орто оскуолатыгар сүүмэрдиир дьарыкка сырыттыбыт. Оҕолору кытары билсистибит. Үчүгэйдик дьарыктанабыт, олорор сирдэрэ астык эбит. Олус минньигэстик аһаталлар, повардарбытыгар махтанабыт. Тириэньэр Дария Дмитриевна үчүгэйдик ыйан-кэрдэн дьарыктыыр, «блоктуурга», «приемҥа» үөрэтэр. Сөпкө хамсанарга, мээчиги ыларга дьарыктанныбыт. Арааска барытыгар үөрэннибит. Кэнсиэр туруорбуппут, оҕолор ыллаабыттара, үҥкүүлээбиттэрэ. Астык күннэр аастылар.
Вика Трофимова, Ф.Г.Охлопков аатынан Майа орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ:
‒ Дьарыкка сөбүлээн, астынан сырыттыбыт, күүстээх дьарыгы аастыбыт. Оҕолору кытта үчүгэйдик билсэн доҕордостубут. Улахан махталбытын минньигэс астаах повардарга уонна оскуола салалтатыгар тиэрдэбит.
Лилиана БАИШЕВА, А.С.Шахурдин аатынан Төҥүлү орто оскуолатыгар 7 кылааһын үөрэнээччитэ:
‒ Улуус үрдүнэн 20 оҕо араас нэһилиэктэртэн түмсэн Хорообут оскуолатын интэринээтигэр олорон дьарыктанныбыт. Тириэньэрбит Дария Апросимова күҥҥэ иккитэ дьарыктары ыытта. Сарсыардааҥы дьарыкка эт-хаан уопсай сайдыыта, иккис дьарыкка мээчигинэн араас эрчиллиилэри оҥортордо, оонньотто. Оскуола остолобуойугар күҥҥэ түөртэ аһыы сырыттыбыт. Повардарбытыгар улахан махталбытын тиэрдэбит. Тириэньэр күнүгэр Дария Дмитриевнаны эҕэрдэлээн киэһээҥи дьарык кэнниттэн кыракый кэнсиэри көрдөрбүппүт. Киэһэ аайы ааҕар хоско мунньустан оонньуубутун, саҥаны билбиппитин ырытабыт, үөрэтэбит. Хорообуттааҕы түмсүүгэ күүстээхтик дьарыктанныбыт, оҕолору кытта билистибит, сыннбалаҥмытын үчүгэйдик атаардыбыт.
***
Бу курдук каникулга бэрт сэргэх дьарык буолан ааста. Оҕолорбут үөрэн-көтөн, махтанан барыылара истэргэ үчүгэйин, үлэбитигэр өссө кынат үүннэрэр.
Октябрина Васильева.