Хорообут нэһилиэгэр култуура киинин иннигэр икки күннээх «Муус оһуора» күрэс буолан ааста.
Нэһилиэкпитигэр эдэр дьону көҕүлээн куонкурус ыытыллыбыта төрдүс сыла. Быйыл күрэх быһыытынан ыытыллан үһүс төгүлүн ыытыыга тэрийээччилэр сүбэлэһэн кэҥэтэр сыалтан ыаллыы сытар Дьоруой Попов аатынан сопхуос нэһилиэктэрин икки ардыларыгар
тэриллэригэр быһаарбыттара. Ыҥырыыбытын ылынан Баатара, Дьаҥхаады, Хорообут нэһилиэктэрэ көхтөөх кыттыыны ыллылар.
Хамаандаҕа икки кыттааччы киирэрэ ирдэммитэ. Биһиги нэһилиэктэн үс хамаанда кытынна. Бастакы күн саҥа кыттааччыларга муус диэни тутан көрбөтөх уолаттар хамаандаларыгар анаан норуот маастара Федор Скрябин маастар кылааһын биэрдэ. Итинтэн сиэттэрэн эрэллээхтик муустарын быһан, туруоран, кыһан икки күнү быһа сыралаһан үлэлээтилэр. Кэлбит уолаттарбыт бары үөрэн-көтөн көхтөөхтүк кытыннылар. Сатаабаппыт диэн туора туран хаалбакка кэлэн сатаабаттарын сатаан, саҥа көрүҥҥэ үөрэнэн, үчүгэйкээн оҥоһуктара табыллыбытыттан бэйэлэрэ да астыннылар.
Иккис күн оҥоһуктар бүтэн эрдэхтэринэ ахсыс кылаас үөрэнээччилэрэ кэлэн көрөн, муус оҥоһук хайдах оҥоһулларын билсэн, кыратык тутан-хабан, сөҕөн-астынан бардылар.
Нэһилиэкпитигэр күрэс кыттыылаахтара Саҥа дьыллааҕы бырааһынньык тыынын олохтоохторго бэлэх оҥорон туруордулар. Норуот айымньытын дьиэтин үлэһиттэрэ бары түмсэн кэлбит дьоммутун минньигэстик аһатан, сылаастык хоннорон, күрэс бары быраабылатын тутуһан икки күнү билбэккэ аһардыбыт.
Түмүккэ үс киһиттэн састааптаах дьүүллүүр сүбэ үлэлээтэ. Дьаҥхаадыттан муус оһуору кыһааччы, маһынан уһанар маастар Иван Мохначевскай, нэһилиэкпит мас, муус оҥоһуктарын көҕүлээччи СӨ норуотун маастара Федор Скрябин, олохтоох оскуола учуутала, бары өртүнэн сүбэһиппит, араас көрүҥҥэ маастар кылаастары ыытааччы, улуус маастара Наталья Евсеева кыттааччыларга санааларын этэн, ханна туох сыыһаны оҥорбуттарын ыйан, сүбэлээн, инникитин толлон турбакка билбит билиилэрин туһанан күрэстэргэ кыттан, нэһилиэктэригэр мууһунан оҥорон иһин диэн туран түмүгү таһаардылар.
Түмүгү таһаарыыга нэһилиэк баһылыга Гаврил Бродников эҕэрдэ тылы эттэ. Норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Нюрбина Брызгалова кыттыбыт, тэрийсибит, дьүүллүүр сүбэҕэ, нэһилиэктэри тэрийэн ыыппыт кэллиэгэлэригэр, бары кыттыыны ылбыт уолаттарга махтанан туран бириистэри туттартаата. Сыллата бириистэри туруорар норуот айымньытын дьиэтэ, нэһилиэкпит дьаһалтата куруук өйүүр, өйдүүр, көмөлөһөр. Онон биһиги тэрийэр дьон махталбыт олус улахан.
Бастыҥтан бастыҥ кыайыылаахтар ааттара ааттанна. Бастакы миэстэни Хорообуттан Михаил Егоров, Петр Андреев, иккиһи Төхтүртэн Аян Стручков, Алексей Говоров,
үсүһү Хорообуттан Павел Птицын, Геннадий Брызгалов ылары ситистилэр.
Биһирэбили «Хорообут нэһилиэгэ» туруорбут анал бирииһин Сымахтан Егор, Вадим Баишевтар туттулар. Баатара нэһилиэгэ туруорбут бирииһин Василий Тролуков, Василий Винокуров ыллылар. Ону таһынан төхтүрдэр туруорбут бириистэрин сыллата эрдэттэн муус ыларга, күрэскэ кыттарга уолаттарын көҕүлээччи Михаил Егоровка туттардылар.
Ыҥырыыбытын ылынан кэлбит биир санаалаах уолаттарбытыгар, тэрийсибит, успуонсардаабыт кэлэктииптэргэ култуура дьиэтин коллективын аатыттан барҕа махталбытын тиэрдэбит. «Муус оһуора» күрэс көһө сылдьар үгэскэ кубулуйан үйэлэргэ бара турдун. Эһиил Кыайыы 80 сыла буоларынан Баатара нэһилиэгэр ыытылыннын диэн биир санаанаҕа киирэн тарҕастыбыт. Дьоруойдар куруук бииргэ түмсүүлээхтик үлэлээн, иннибит диэки баран иһиэҕиҥ.
Анна Скрябина. Хорообут