Хороҕор муостаах хойдоругар олук уурулунна

Сэтинньи 14 күнүгэр Догдоҥо нэһилиэгэр биир дьоро күн үүннэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Үлэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Тыа хаһаайыстыбатын, нэһилиэккэ Стратегия уонна Сомоҕолоһуу сылларынан “Союз” тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтиибэ 80 төбөҕө анаммыт пиэрмэтэ үлэҕэ киирдэ. Манна 50 бороон атыылаһыллан уонна нэһилиэнньэттэн 29 төбө сүөһү киирэн күн бүгүн үлэ күргүөмнээхтик саҕаламмыт.

Улууска ыытыллыбыт улахан куонкурус түмүгүнэн 5 мөлүйүөн солкуобай суумалаах улуус баһылыгын гранын ылан уһун кэмҥэ үлэлээбэккэ турбут хотону аныгылыы саҥардан кэпэрэтиип тэрилиннэ. Кэпэрээссийэни тэрийээччилэр үһүөлэр: Кюннэй Избекова, Кирилл Попов,  Ирина Хван. Кинилэр бары элбэх оҕолоох ыаллар.

Пиэрмэ арыллар үөрүүлээх тэрээһинин олохтоох култуура дьиэтин үлэһитэ Николай Новгородов алгыс сиэрин-туомун толорон арыйда. Кини саха дьонун үрүҥ тыынын өллөйдүүр төрүт дьарыга чэчирии сайдарыгар, сыһыы муҥунан сыспай сиэллээх, хонуу муҥунан хороҕор муостаах элбии-тэнийэ турарыгар сэттэ иэйэхситтэриттэн, аҕыс айыыһыттарыттан көрдөһөн тойук туойан аал уотун айах тутта.

Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ бочуоттаах ыалдьыттарынан улуус баһылыга Дмитрий Тихонов, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин агропромышленнай комплексын хааччыйыы киинин  отделын начаалынньыга Майя Гуляева, улуус тыатын хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччы Иннокентий Семенов, Догдоҥо нэһилиэгин баһылыга Петр Сивцев буоллулар. Дмитрий Иванович эҕэрдэ тыл эттэ:

  • Биир бырайыакпыт Догдоҥо нэһилиэгэр олоххо киирбитинэн, хотоммут иккис тыыннаммытынан, кэпэрэтиип үлэтэ саҕаламмытынан нэһилиэк үлэһит дьонун-сэргэтин, ыалдьыттары улуус салалтатын аатыттан эҕэрдэлиибин! Ынах сүөһүбүт ахсаанын аччаппат, дьоммут-сэргэбит сүөһүлээх-астаах буолалларын туһугар уонна бу эйгэҕэ ыччаты сыһыарар сыаллаах-соруктаах тыа хаһаайыстыбатын сылларын биллэрэн турабыт. Бу бырайыакка 11 нэһилиэк кыттыбытыттан улахан хамыһыйаны ааһан, бары ымпыгын-чымпыгын көмүскээн, 5 мөлүйүөн солкуобайы ылан сөптөөхтүк ороскуоттааннар, бүгүн биһиги манна кэлэн турабыт. Биир маннык бырайыагынан Дьабыыл нэһилиэгин баһылыга Дмитрий Петров көмүскээн көтөр пиэрмэтэ үлэҕэ киирбитэ. Бу үлэбитин кэлэр сылга эмиэ салҕыахпыт, сыана туохха барытыгар ыарыы турарынан, табылыннаҕына, сууматын өссө улаатыннарыахпыт. Онон бу кэлэр сылларга атын нэһилиэктэргэ эмиэ бэрт үчүгэй бырайыак тыа хаһаайыстыбатыгар тирэх буолуо диэн тураммыт ылыныахпыт. Улахан эппиэтинэһи сүгэн үлэни саҕалаабыт бу икки нэһилиэк дьонугар-сэргэтигэр махтанабын.

Холобура, эһиги ханнык эрэ биричиинэнэн сатаан кыамматаххыт эбитэ буоллар, бу  бырайыак инникитин баар буолара, суох буолара эмиэ боппуруос буолуо этэ. Петр Дмитриевич бэрт үчүгэйдик үлэни тэтимнээхтик саҕалаата. Бу саҕаламмыт үлэни быспакка, өссө күүскэ сылын ахсын кэҥэтэн, элбэтэн иһэргэ, биһиги сүөһүбүт, сылгыбыт элбии турарыгар үлэни-хамнаһы тэнитиэҕиҥ диэн этэбин.

Бу бырайыагы кэлэр сылга эмиэ ыытыахпыт. Бүгүн биһиги кэккэбитигэр биллэр-көстөр биир үчүгэй үлэлээх бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта Айал Карамзин кэлэн турар. Кини Бүтүн Арассыыйаҕа искусственнай сиэмэлээһиҥҥэ 3-с миэстэ буолан турар. Маннык  уолаттарбытын өйөөммүт салгыы  сайдалларыгар кыах үөскэтэммит, үрдүк хааннаах ынахтар баар буолуохтаахтар, элбэх эти-үүтү биэриэхтээхтэр. Сахабыт сирин олохтоохторо туруктаах, хамнастаах үлэ миэстэтэ баар буоларын ситиһиэхтээхпит. Өссө төгүл барыгытын итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Этэҥҥэ буолууну, ситиһиилэри баҕарабын, —  диэн туран  улуус дьаһалтатын аатыттан кэпэрэтиип салайааччытыгар Кюннэй Алексеевнаҕа тыһаҕас сүөһүнү кэпэрэтиипкэ эбии күүс-көмө, сүөһү төрдө  буоллун диэн алҕаан туоһу суругун кытта эҕэрдэ уонна махтал суруктары туттарда.

Догдоҥо нэһилиэгин баһылыга Петр Сивцев:

  • Убаастабыллаах Дмитрий Иванович, Майя Степановна, Иннокентий Егорович, улууспут баһылыга олохтообут гранын дьүүллүүр сүбэтин хамыыһыйатын чилиэннэрэ, дойдум бар дьоно, кэпэрэтииппит үлэһиттэрэ! Бүгүҥҥү үөрүүлээх күнүнэн, үлэбит саҕаламмытынан тус бэйэм уонна олохтоох дьаһалта аатыттан эҕэрдэлиибин! Биһиги салайааччыларбыт биһиэхэ сөптөөх суолу талаҥҥыт грант олохтооҥҥут, бүгүн биһиэхэ нэһилиэкпитигэр стратегическай хабааннаах суолталаах тэрилтэ тэриллэн үлэлээн эрэринэн махталбытын тиэрдэбит итиэннэ баҕа санаабытын этиэхпитин баҕарабыт. Бастакынан, биһиги кэпэрэтииппит олохтоох ас-үөл сайдыытын туһааннаах сирин (территория развития местного производства) туругун ылара салгыы сайдарыгар төһүү күүс буолуоҕар эрэнэбит. Иккиһинэн, манна дьүүллүүр сүбэ биир чилиэнэ, экэниэмикэ управлениетын салайааччыта Екатерина Павлова идиэйэтин биһиги кэпэрэтиип сүрдээҕин сэргии истибиппит. Ол буолар – бу эбийиэги интернет ситимигэр холбоон, өрөспүүбүлүкэ хайа баҕарар муннугуттан дьон сүөһүлэрин хааччыйыы боппуруоһа. Үсүһүнэн, тыа хаһаайыстыбатын үлэтэ сүрдээх ыарахан, онон хайаатар даҕаны дьон үлэлиир усулуобуйата тупсуохтаах. Сайыҥҥы кэмҥэ оттуурга кэлэр сылга тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин куонкуруһугар тыраахтар уонна оттуур тэрилгэ киирсэр баҕалаахпыт. Маныаха бэйэм уонна бар дьонум аатыттан көмөлөһөргүтүгэр көрдөһөбүт.

Билигин үлэлии сылдьар кэпэрэтииппит үлэһиттэрин билиһиннэрдэххэ, убайдыы-бырааттыы Афанасий, Сергей Афанасьевич Ябловскайдар, Ирина Васильевна Хван үлэһиттэр, Октябрина Ябловская, Николай Николаевич, Петр Николаевич Васильевтар солбуйааччынан сылдьаллар. Кинилэр нэһилиэкпит дьонун сүөһүтүн көрөргө улахан эппиэтинэһи ылынан үлэлииллэригэр махтанан туран үлэҕит түмүктээх, ситиһиилээх буоллун диэн баҕа санаабын тиэрдэбин.

Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин  агропромышленнай комплексын хааччыйыы киинин  отделын начаалынньыга Майя Гуляева «Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарар тэрилтэлэргэ көмөлөһөбүт. Бу тэрилтэ тэриллэригэр министиэристибэ быһаччы көмөлөһөн, улуус салалтата бэйэтин бүддьүөтүттэн үп көрөн сөптөөх хайысханы ылан, тыа хаһаайыстыбатын сылын биллэрэн, маннык улахан эбийиэктэри үлэҕэ киллэрбитэ хайҕаллаах суол буолар. Атын улуустарга Мэҥэ Хаҥалас улууһа холобур буолуон сөп. Бу маннык ыраас салгыннаах кэрэ сиргэ саҥа эбийиэк тутуллан киирбитэ наһаа үчүгэй. Үлэтэ-хамнаһа салгыы сайдан үрдүккэ тахса турдун, сүөһүтэ-аһа элбээн аттыгар өссө эбии саҥа толору мэхэньисээсийэлээх пиэрмэ тутулуннун”, — диэн туран үөрүүлээх быһыыга-майгыга Тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Артем Александров, солбуйааччыта Николай Афанасьев ааттарыттан саҥа эбийиэк хаһаайкатыгар Кюннэй Алексеевнаҕа эҕэрдэ сурук уонна сэмэй бэлэх туттарда.

Улуус тыатын хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччы Иннокентий Семенов 10-ча сыл үлэлээбэккэ турбут хотону кылгас кэм иһигэр саҥардан үлэҕэ киллэрбиттэринэн кэпэрэтиип салайааччытын, кэлэктииби эҕэрдэлээтэ. Атын нэһилиэктэргэ холобур буолалларыгар уонна сайдан иһэллэригэр эрэнэн туран кэпэрэтиип салайааччытыгар Кюннэй Избековаҕа эҕэрдэ сурук уонна сэртипикээт, өрөмүөн үлэтин ыыппыт биригээдэ биригэдьииригэр Альберт Новгородовка грамота туттарда. Олохтоох баһылык Петр Сивцев саҥа пиэрмэ бэлиэ күлүүһүн кэпэрэтиип салайааччытыгар Кюннэй Избековаҕа туттарда. Саҥа пиэрмэҕэ киирэр аалай лиэнтэни бочуоттаах ыалдьыттары кытта кэпэрэтиип салайааччыта Кюннэй Избекова быстылар. Бу кэннэ бары алгыстаах салама баайдыбыт.

“Союз” кэпэрэтиип салайааччыта Кюннэй Алексеевна Избекова бэйэтэ олохтоох уһуйааҥҥа иитээччинэн үлэлиир. Кэргэннээх, 2 оҕолоох эдэр киһи сүөһү иитиитин курдук үрдүк эппиэттээх үлэни уопсастыбаннай үлэ быһыытынан ылыммыт. Кини санаатын үллэһиннэ:

  • Бу саас улуус баһылыга биллэрбит граныгар 11 нэһилиэк кыттыбытыттан 2 нэһилиэктэн биирдэстэрэ биһиги кыайаммыт, үлэтэ суох турбут хотону сөргүтэн үлэбитин саҕалаатыбыт. Муус устар 12 күнүгэр – Космонавтика күнүгэр тэриллэммит, “Союз” диэн ааттаммыппыт. Хотоммутугар 3 үлэ миэстэтин таһаардыбыт, ону таһынан мин салайааччы быһыытынан үлэни-хамнаһы сүрүннүүбүн. Үлэһиттэр бары тэҥҥэ сылдьан үлэлииллэр. Хотоммутугар уу турбаларынан хас биирдии ынахха кэлэр, ууну чааһынай киһи кутар. Отун түннүгүнэн угаллар. Тиийэр оппутун хааччынан олоробут. Кэпэрэтииппитин өрөмүөннүүрбүтүгэр олохтоох урбаанньыт Альберт Новгородов 150 киилэ ноһуому биирдэ таһаарар анал тэрили бэйэтэ толкуйдаан оҥорон биэрдэ. Бу тэрилгэ баһан биэрэн баран илиилэринэн турба устун анньан таһырдьа таһааран балбаах оҥороллор. (Бу оҕуһунан таһаарар үлэни лаппа чэпчэппит. Ааптар.) Кэргэним Борис Избеков оскуолаҕа харабылынан үлэлиир. Кини быйыл биисинэс былаан суруйан социальнай хантараакка кыайан 500 тыһыынча солкуобайдаах гран ылан сылгы иитиитинэн дьарыктанаары сылдьар. Тыа хаһаайыстыбатын сылларын биллэрэн үлэни ыыталларыгар уонна өйөбүллэригэр улууспут салалтатыгар, тыа хаһаайыстыбатын управлениетыгар махталбыт муҥура суох. Инникитин былааммыт элбэх.

Николай Новгородов тэрээһин ыалдьыттарын бэйэтэ айбыт ырыаларынан эҕэрдэлээтэ.

“Союз” кэпэрэтиип дьоҕус кэлэктиибэ биир сүбэнэн-аманан үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээн тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар тирэх буолалларыгар, бэйэбит оҥорон таһаарар аспыт-үөлбүт дэлэйэригэр, бу салааҕа элбэх эдэр дьон ылсан иһэллэригэр баҕарабыт.

 

Марелла Баишева.