Хомус алыптаах дорҕоонунан

Былыр-былыргыттан өбүгэлэрбит хомус аптаах дорҕоонунан сылаанньыйан, күүс-уох ылан кэллэхтэрэ…

Улуустааҕы Р.Г.Васильев аатынан кыраайы үөрэтэр түмэлгэ аан дойдутааҕы Хомус киинин дириэктэрэ, “Хомусный код” бырайыак салайааччыта Дмитрий Бястинов, хомус мусуойун исписэлииһэ Алена Платонова, Дьокуускайдааҕы 2-с нүөмэрдээх оскуола фольклорга уһуйааччыта Мария Иванова, Чурапчыттан эбии үөрэхтээһин киинин педагога Марианна Слепцова ыалдьыттаатылар. 

Саха өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕин тэрилтэлэрин үөрэнээччилэригэр култуура үөрэҕин эйгэтин сайыннарар сыаллаах тэриллибит “Хомусный код” бырайыак 2023 сыл балаҕан ыйын 21 күнүттэн үлэлиир. Бу бырайыак үүнэр көлүөнэҕэ хомуска оонньуурга уһулуччу кыаҕы биэриэҕэ. 

“Хомусный код” бырайыак салайааччыта Дмитрий Бястинов бырайыак саҕаламмытынан бүгүҥҥү тэрээһин кыттыылаахтарын итиэннэ эдэр хомусчуттары эҕэрдэлээтэ. Кини бырайыак туһунан кылгастык сырдатта: 

  • Ааспыт сылга Ил Дархан  өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн биллэрбит култуура, маны сэргэ оскуола оҕотун бырагырааматыгар көрүллэр көмө гранын бырайыагар кыттыбыппыт. Бу бырайыакпытынан өрөспүүбүлүкэ илин эҥэр уонна соҕуруу өттүгэр сытар улуустары хабаммыт, уопсайа 2000-тан тахса оҕону бу бырайыакка үөрэтэн ааһыахпыт диэн мэктиэ тылбытын биэрэммит суруйбуппут. Ил Дархан бу грана хамыыһыйанан олус дьоһуннаах уонна көдьүүстээх диэн сыаналаммыта. Биһиги биир саамай үрдүк – 96 бааллаах ылбыппыт. Номнуо бэһис сирбитигэр кэлэммит, Мэҥэ Хаҥалас сиригэр бу тэрээһиммитин төрүттээн эрэбит. Бу иннинэ биһиги Аммаҕа, Нерюнгрига, Алдаҥҥа сылдьыталаатыбыт. Мантан салгыы Өймөкөөн, Уус Маайа, Таатта улуустарыгар сылдьыахпыт. Хас биирдии улууска быһа барыллаан 200-чэкэ оҕону былааннаабыппыт эрээри бүгүн Мэҥэ Хаҥаласка биһиги сөбүлэҥ түһэрсэрбит чэрчитинэн, бу улууска 309 оҕо бырайыакка кытттыахтара. Эһиги биир  саамай элбэх ахсааннаах кыттааччылаах буолаҕыт. Бу бырайыагы суруйарбытыгар анаан улахан чинчийии ыыппыппыт. Манна кэтээн көрүүбүтүнэн бу улуус ордук көхтөөх, хомуһу өрө тутан олус хаачыстыбалаахтык үөрэтэ сылдьар улуус эбит диэн көрдүбүт. Бачча элбэх оҕону хомуйан кытыннаран эрэрбит ол туоһутунан буолар. Мэҥэ Хаҥалас уонна хомус диэн тиэмэҕэ киһи олус элбэҕи этиэн сөп. Ол эрээри бүгүн биһиги кыттааччыларбыт оҕолор уонна кинилэр бүгүҥҥү соруктара хомуска үөрэнии буолар. Бу бырайыакка сүрүн күүс буолбут дьоммутугар хомус аан дойдутааҕы киинин Бэрэсидьиэнэ Хомус Уйбаан уонна уопсастыбаннай тэрилтэ, тус бэйэм ааппытыттан Махтал суруктары Гаврил Николаевич Толстяковка,  Алексей Анатольевич Стручковка, Павел Васильевич Васильевка, Андрей Вадимович Захаровка туттарабын.  Биһиги бу бырайыак чэрчитинэн илин эҥэр улуустарга 200-чэ хомус бэлэхтиэхтээхпит. Хомустары өрөспүүбүлүкэ араас ааттаах-суоллаах уустара оҥорон бэлэмнээн оҕолор бэйэлэрин төрүт култуураларын илдьэ сырыттыннар диэн анаан бэлэх быһыытынан ууннулар. Олортон биирдэстэринэн бырайыак кыттыылааҕа, тимир ууһа  Мэҥэ Хаҥалас Ороссолуодатыттан Роман Иванов буолар. Кини манна бэйэтэ кэллэ. Оҕолорго баҕа санааларын олоххо киллэрэллэригэр, төрүт култуураларын тарҕата,  үүннэрэ, сайыннара сылдьалларыгар баҕарабын, — диэтэ. Дмитрий Дмитриевич Хомус Уйбаан хомуһу кытта алтыспыт 60 сыллаах устуоруйатын кэпсиир “Куйаарга кутуллубут дорҕооннор” кинигэни култуура управлениетыгар бэлэхтээтэ. 

Улуус үөрэҕин управлениетын салайааччытын солбуйааччы Михаил Петров эҕэрдэлээтэ:

  • Улуус үөрэҕин управлениетын уонна педагогическай уопсастыбаннаһын аатыттан аан дойдутааҕы Хомус киинин дириэктэрин, “Хомусный код” бырайыак салайааччытын Дмитрий Дмитриевич Бястиновы  биһиги улууспутугар үлэтин саҕалаан эрэринэн итии-истиҥ эҕэрдэбитин уонна дириҥ махталбытын тиэрдэбит. Биһиги улуус оҕолоругар саамай элбэх хомус баар диэтэхпинэ сыыспатым буолуо.  Биһиэхэ сыллата ыытыллар култуура уонна успуорт эстэпиэтэтигэр биһиги оҕолорбут хас нэһилиэк, хас оскуола аайы бары хомуска оонньууллар. Өрөспүүбүлүкэҕэ уопсайа 2000-тан тахса оҕону хабан үөрэтиэхтээхтэрин биһиги улууска 309 оҕо хабыллыбыта элбэҕи этэр. Хомуска уһуйар педагогтарбытыгар махталбытын тиэрдэбит. Биһиги саха буолар уратыбытынан бэйэбит төрүт култуурабытын, үгэстэрбитин баччаҕа диэри илдьэ кэлэммит инники көлүөнэҕэ үөрэтэммит-такайаммыт биэрэн иһэрбит буолар. Мантан киһи үөрэр. Биһиги ыччаппыт инники көлүөнэҕэ эмиэ үөрэтэ, тэнитэ туруохтара диэн эрэнэбит. Бу бырайыак саҕаламмытынан кэнчээри ыччаппытын, учууталларбытын, уопсастыбаннаһы өссө төгүл эҕэрдэлиибин, —  диэн үөрүүтүн үллэһиннэ. “Хомусный код” бырайыак салайааччыта Дмитрий Бястинов уонна улуус үөрэҕин управлениетын салайааччытын солбуйааччы Михаил Петров сөбүлэҥ түһэрсэн илии баттаатылар.

Р.Г.Васильев аатынан кыраайы үөрэтэр түмэл быыстапкаҕа исписэлииһэ Михаил Трифонов Дмитрий Бястиновка быыстапка турбутунан Туоһу сурук туттарда. Тимир ууһа Роман Иванов атын улуустар маастардара оҥорбут хомустарын анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоругар алҕаан туран бэлэх уунна. 

Майатааҕы Ф.Г.Охлопков аатынан орто оскуолаттан импровизатор хомусчут, Лука Турнин аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата  Игорь Игнатьев салайааччылаах “Тэтим” фольклор бөлөҕө, хомус уһуйааччылара Алена Платонова, Мария Иванова, Марианна Слепцова хомуска норуот матыыптарын сэргэ аныгылыы тэтимнээх матыыптары оонньоон бэлэхтээтилэр. Ыалдьыттарбыт 3 күн устата Майатааҕы В.П. Ларионов, Ф.Г. Охлопков ааттарынан уонна Хара нэһилиэгин И.Г. Игнатьев аатынан орто оскуола оҕолорун хомуска үөрэтэр соруктаахтар. Өбүгэбит үтүө үгэһин тарҕата сылдьар уһуйааччыларбытыгар махталбытын тиэрдэбит.

Марелла Баишева.