Холобур буолар олоҕу олорон ааста

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, Дьоруой ийэ, «Үйэ саас» ытык бэлиэ хаһаайына, Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ  Матрена Егоровна Киренская олохтон туораабытынан оҕолоругар, сиэннэригэр, хос сиэннэригэр, аймах-билэ дьонноругар дириҥ кутурҕаммын биллэрэбин.

Матрена Егоровна үтүө майгытынан, дьоҥҥо сыһыанынан, тулуурунан, үлэтинэн-хамнаһынан, уустук үйэҕэ үтүө суобастаахтык олорбут олоҕунан дьоҥҥо холобур буолар.
Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии сылларыгар бастакылар кэккэлэригэр тырахтарыыс ыарахан идэтин баһылаан, Төҥүлүтээҕи массыына-тыраахтар ыстаансыйатыгар үлэлээбитэ.  Онтон 1942 сыллаахха Төҥүлү таһыгар, өрөмүөннүүр базалаах «Аляска — Сибиир» салгын суолун саппаас кистэлэҥ аэродрома тэриллибитигэр, үтүө суобастаах, үлэһит эдэркээн кыыһы аэродрому көрөргө-истэргэ сорудахтаабыттара. Бу түүнү-күнүһү, тымныыны-куйааһы аахсыбат ыарахан уонна эппиэтинэстээх үлэҕэ эр дьону кытта тэҥҥэ сылдьан үлэлээбитэ-хамнаабыта.

1947 сыллаахха Матрена Егоровна кэргэн тахсан, 10 оҕону күн сирин көрдөрөн, атахтарыгар туруорбуттара. Сэттэ уола механизатор, суоппар идэтин баһылаабыттара. Өрөспүүбүлүкэ, дойду сайдарын туһугар үтүмэн үгүс үтүөнү оҥорбуттара. Күн бүгүн икки сиэнэ анал байыаннай дьайыы зонатыгар чиэстээхтик ытык иэстэрин толоро сылдьаллар. Олортон биирдэстэрэ Дима Дъячковскай биһиги колледжпыт биир бастыҥ выпускнига.

Матрена Егоровна төһө да уустук үйэ араас очурдарын этинэн-хаанынан биллэр, куруук истиҥ мичээрдээх, үөрэ-көтө сылдьар мөссүөнэ мин харахпар өйдөнөн хаалбыт. Олох хойукка дылы оҕолоругар көмөлөһөн дьиэ ис-тас үлэтин барытын бэйэтэ оҥороро, иистэнэрэ, бэл, тэлгэһэтигэр мас хайытара. Мин баһылык буолбуппар ыҥыран ылан алҕаабыта уонна көрүстэҕинэ куруук сүбэлиирэ-амалыыра. Кини дьоҥҥо-сэргэҕэ үтүө-амарах майгыта, үлэлээбит кылаата, сүбэтэ-амата үйэлэргэ умнуллуо суоҕа.

 

Захар Никитин,

норуот дьокутаата.