Ходоро нэһилиэгэр «Айылгы» түөлбэҕэ эдэр ыаллар олохсуйаллара элбээн иһэр

Ходоро нэһилиэгэр 4 түөлбэ баар. Бүгүн олорор түөлбэм «Айылгы» туһунан сырдатыахпын баҕарабын.

Түөлбэҕэ 147 быыбардааччы олорор, 44 ‒ бэтэрээн, 55 ‒ орто саастаах, 58 ‒ ыччат. Олохтоохтор олус көхтөөх дьон, нэһилиэк иһинэн ыытыллар тэрээһиннэргэ өрүү кыттабыт. Түөлбэ салайааччытынан Варвара Захарова бэркэ үлэлээбитэ. Түөлбэбитигэр элбэх эдэр ыал дьиэ туттан олохсуйан олороллоро үөрдэр.

Саҥа дьылтан эдэр, эрчимнээх Екатерина Охлопкова талыллан үлэтин саҕалаата. Састаабын сөпкө талан бэркэ үлэлии-хамсыы сылдьар. Солбуйааччыта ‒ Варвара Яковлева, успуорт сектордар Эдуард Захаров, Наталья Слободчикова, култуурунай-маассабай сектордар Уйгу Слепцова, Алена Атласова, казначей ‒ Ульяна Осипова.

2019 с. бастыҥ түөлбэнэн ааттанан 30000 солк. харчынан бириэмийэлэммиппит. Ол харчыбытынан түөлбэбит эдэр ыала дьиэлэрэ соһуччу уокка былдьанан көмөлөспүппүт.

Үөрэх сылын түмүктээн айылҕаҕа тахсан сынньанан, араас күрэхтэһиилэргэ кыттан  оҕолорбут бириискэ тиксэн бары астынан кэлбиппит.

«Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн» девизтээх «Сир быйаҥнаах, киһи үлэлээх» хаартысканан куонкурус ыытылынна. Үгүс эдэр хаһаайкалар, бэтэрээн эбээлэр кытыннылар. Биһиги хаһаайкаларбыт бииртэн биир кэрэ көстүү, сибэкки араас көрүҥүн, оҕуруот аһын арааһын олордоллор эбит. Эдэр хаһаайкалар Светлана Федорова «Түөлбэ бастыҥ оҕуруоччута», Азиза Дьячковская «Кэрэ көстүүлээх тиэргэн», Олеся Семенова «Сибэккилэр сир сиэдэрэй симэхтэрэ» анал ааты ылан барыбытын үөртүлэр.

Саас түөлбэ сирин ыраастыыбыт, нэһилиэкпит ыраас буоларынар кыһаллабыт. Чүүйэбит сыллата киэркэйэн, саҥа дьиэлэр дьэндэйэн эдэрдэр олохсуйаллара элбээн иһэриттэн астынабыт. Манна олохсуйарга усулуобуйа барыта баар, гаас, уу ситимнэрэ тардыллыбыта. Уулусса аайы уот сандааран, аспаал суолбут оҥоһуллан, сыллата суолларбыт тупсан, Майаттан чугас буолан үлэлиир усулуобуйа баар.

«Чүүйэ Эбэм, Чүүйэ Эбэм,

Күндүттэн күндүгүн эн,

Чүүйэ Эбэм, Чүүйэ Эбэм,

Хайдах таптыам суоҕай мин» диэн хоһооммунан түмүктээн туран, өссө да сайда, чэчирии турдун диэн алгыспын ыытабын.

Евдокия Исакова.

Чүүйэ.