Хара нэһилиэгэр тохсунньу 31 күнүгэр улуус баһылыгын отчуотун олохтоохтор «Айыллаан» култуура киинин саалатыгар толору мустан иһиттилэр.
Мунньаҕы салайан ыыппыт нэһилиэк баһылыга Дария Назарова кутурҕаннаах иһитиннэриитинэн, анал байыаннай дьайыыга дойдутун көмүскэлигэр дьоруойдуу охтубут нэһилиэк олохтооҕун Семен Марковы кэриэстээн чуумпуран турууттан саҕалаатылар.
Улуус баһылыга Дмитрий Тихонов ааспыт сыллааҕы үлэни сүрүн хайысхаларынан сырдатта. Отчуокка норуот дьокутааттара Андрей Находкин, Олег Марков уонна Тихон Скрябин кыттыыны ыллылар.
Олохтоохтор отчуоттуур бөлөххө үгүс долгутар ыйытыыларын: элбэх оҕолоох ыаллар сир учаастагын хаһан ылыахтарай, улууска невропатолог, онколог курдук анал быраастар хаһан баар буолуохтарай, нэһилиэк суолларын кэҥэтии үлэтэ ыытыллыа дуо, доруобуйа харыстабылын, үөрэх хайысхаларыгар үрдүк үөрэххэ төһө тус сыаллаах миэстэлэр кэлэллэрий, такси сыаната олус ыараабытынан ону бэрээдэктээһин баар буолуо дуо, атын сиргэ бэриллибит сирбит төннүө дуо, уот кыамтатын үрдэтэр үлэ барыа дуо – о.д.а. боппуруостары туруоран, тустаах эппиэттээх үлэһиттэр хоруйдарын, сүбэлэрин ыллылар.
Сир ириитин түмүгэр элбэх ыал дьиэтэ хамсыырын, аллараа түһэрин, чааһынай дьиэлээх кырдьаҕас, доруобуйаларынан хааччахтаах араҥаҕа «Хаарбах дьиэттэн көһөрүү» курдук бырагыраама баар буоларыгар хамсааһын тахсара наадатын – элбэх дьон кыһалҕатын Любовь Дмитриева туруоруста. «Земскэй быраас», «Земскэй биэлсэр» бырагыраамаларынан исписэлиистэр улахан харчыга кэлэн, болдьохторугар эрэ үлэлээн баран баралларын, доруобуйа харыстабылыгар каадырынан хааччыллыы мөлтөҕүн ыйда. Валентина Бурнашева эмиэ нэһилиэк, оройуон сайдыытыгар күүстээх үлэҕэ сылдьыбыт билигин кырдьаҕас көлүөнэ дьоммут олорор усулуобуйатын тупсарыыга туһуланар саҕалааһын наадатын эттэ.
Николай Дмитриев тыа сиригэр мас дьиэ үйэтин уһатыыга ирбэт тоҥу үөрэтэр билим үлэһиттэрин туһанары ситиһиэххэ, буор, сир араҥаларын чинчийиилэри ыыттарыахха диэн этии киллэрдэ. Кини бэйэтин дьиэтин анныгар үөһэнэн-алларанан салгын хамсыыр турбалардаах улахан киэлилээх иһит түһэрбитин, хара муосталаабытын кэннэ сирэ ирбэтин, дьиэтэ хамсаабатаҕа уон сыл буолбутун туһунан кэпсээтэ.
Харалар сирдэрэ кыратын, сир суох буоллаҕына сүөһү элбиэ суоҕа диэн санаатын Василий Назаров үллэһиннэ итиэннэ бөҕү тиэйиинэн, бэрээдэктээһининэн дьарыктанар бөдөҥ тэрилтэ үлэтигэр кэккэ итэҕэстэри, өйдөммөт өрүттэри ыйда.
Иннокентий Максимов улууска ыытыллар биир кэлим ыспартакыйаадаҕа чахчы олохтоох дьон кыттарын ситиһэр хааччахтааһыны киллэрии наада диэтэ.
Баһылык Дария Ивановна сир ирэн сиҥниитин, аппа, дьаама үөскээһинин хайдах дьаһанан тохтотуохха сөбүн үөрэтиигэ, саҥа сир учаастактарыгар итиэннэ бөһүөлэк иһинээҕи суоллары оҥорууга, култуура киинин тутууга туох-ханнык үлэ ыытылларын, сорох кыаллыбат өттүгэр улуустан көмөнү эрэйэллэрин, сүөһү ахсаанын аччаппат инниттэн нэһилиэккэ хотон тутар сыаллаах граҥҥа киирсэллэрин иһитиннэрдэ.
«Өлүөнэ – Туора Күөл» уу ситимин тардыы итиэннэ гаас ситимин Өлүөнэ өрүһү туоратан Илин эҥэри гааһынан уонна кураан дьылларга уунан хааччыйыы курдук сүдү суолталаах бөдөҥ бырайыактары салайан олоххо киллэрбит ытык киһибит Игорь Гаврильев 80 сааһын туоларынан, өрөспүүбүлүкэ Бочуоттаах гражданинын аатын иҥэрэри туруорсуоҕуҥ диэн ыҥырда.
Улуус баһылыга, норуот дьокутааттара ыллыктаах кэпсэтии тахсыбытынан олохтоохторго махтаннылар, этиилэри, туруорсуулары олоххо киллэриигэ бииргэ үлэлиэҕиҥ-хамсыаҕыҥ диэн ыҥырдылар.
Февронья ОХЛОПКОВА.