Хапытаалынай өрөмүөнүнэн оскуола төрдүттэн саҥардыллара ситиһиллэр

Тыл бэриллэр ‒ салайааччыга

 

Быйыл улууспутугар 60 үөрэх тэрилтэтигэр саҥа үөрэх дьыла саҕаланаары турар. Ааспыт сылы 6065 үөрэнээччи түмүктээбитэ.

Улуустааҕы үөрэх управлениетын начаалынньыга Гаврил Толстяковы кытта өрөмүөн хаамыытын туһунан кэпсэттибит.

‒ Гаврил Николаевич, үтүө күнүнэн! Быйыл биһиги улууспутугар Төҥүлү уонна Бүтэйдээх орто оскуолаларын дьиэлэригэр хапытаалынай өрөмүөн ыытылла турар. Ити туһунан сиһилии сырдатыаҥ дуо? Төһө суумалаах үлэ ыытылларый?

‒ Ити икки оскуола кылаабынай үөрэнэр куорпустарыгар федеральнай бырагырааманан көрүллүбүт үбүнэн-харчынан ыытыллар хапытаалынай өрөмүөн үлэтэ сотору кэминэн түмүктэниэхтээх. Төҥүлү оскуолатыгар 43 мөл. 280 тыһыынча, Бүтэйдээх оскуолатыгар 47 мөл. 296 тыһыынча солкуобай көрүллүбүтэ. Урукку сыллартан үлэлэһэр Бүтэйдээххэ «Стройкомплектсервис» ХЭТ (сал. Руслан Трофимов), оттон Төҥүлүгэ «Столичная сервисная компания» (сал. Влалимир Петров) бэдэрээтчиттэр куонкуруһу кыайан муус устартан үлэни-хамнаһы ыыталлар. Хантараак быһыытынан үөрэх дьыла саҕаланыан иннинэ түмүктүөхтээхтэр.

‒ Маннык хапытаалынай өрөмүөн ис хоһооно хайдаҕый? 

‒ Оскуолалар тас көстүүлүүн сабыс-саҥа тутуллубут оскуола курдук  буолуохтаахтар. Ирдэбил быһыытынан ити үбүлээһиҥҥэ ис-тас үлэтэ барыта киирэр. Боростуойдук эттэххэ, дьиэ көҥдөйө хаалыар диэри көтүрүллэн ититии, канализация ситимин, түннүгүн, ааннарын, туох баар сыбаҕын, уотун-күөһүн, ис тээбиринин барытын саҥаттан оҥороллор.

‒ Билиҥҥи туругунан үлэ төһө кээмэйэ оҥоһулунна?

‒ От ыйын бүтэһик күннэринээҕи бэрэбиэркэ туругунан Төҥүлү оскуолатыгар сүнньүнэн тас оҥоһуутугар, аан олордуллуутугар уонна дьиэ иһигэр керамикаҕа, линолеум тэлгэниитигэр арыый тардыллыы таҕыста, кэпсэтиһии быһыытынан ситэриллиэҕэ диэн эрэллээхпит. Билигин 74 бырыһыана оҥоһулунна. Оттон Бүтэйдээххэ 82 бырыһыаҥҥа тэҥнэстэ. Бүтэйдээххэ эмиэ дьиэ тас көстүүтүгэр, кырааска үлэтэ ситэриллиэхтээх.

‒ Өрөмүөннэнэр оскуолаларга ити бырагырааманан эбии туох оҥоһулларый?   

‒ Көмпүүтэрдэр, үөрэх тэриллэрэ, остолобуой оборудованиета барыта саҥаттан хааччыллара ситиһилиннэ. Бэйэбит өртүбүтүттэн эмиэ эбээһинэс ылынан, эбии үбүнэн видеонан кэтээн көрүү тэриллэрин туруоруохпут, олбуору саҥардыахпыт.

‒ Ааспыт сылга федеральнай өрөмүөҥҥэ ханнык оскуолалар хабыллыбыттарай?

‒ Былырыын Дьабыыл, Төхтүр оскуолата хабыллан өрөмүөннэммиттэрэ. Смета быһыытынан сөптөөх үлэ-хамнас ыытыллыбытын бэлиэтиибит.

‒ Инники былааҥҥа куонкуруска улууспутуттан хас оскуола маннык өрөмүөҥҥэ хапсыаҕай?

‒ Эһиилги сыл бүддьүөтүгэр улууспутуттан 4 оскуоланы өрөмүөннэтэргэ сайаапкалаан, докумуонун оҥорон ыыппыппыт. Москванан бэрэбиэркэлэнэн бигэргэтиллэн кэлиэхтээх. Билиҥҥинэн ити өссө да чуолкайдана илик.

‒ Үөрэх дьыла саҕаланаары турарынан оскуолалар төһө бэлэмнээхтэрий?

‒ Атырдьах ыйын 1 күнүттэн үөрэх дьылыгар бэлэмнээх буолууларыгар хамыыһыйа бэрэбиэркэтэ (приемка) үөрэх тэрилтэлэринэн саҕаламмыта. Быйыл өрөмүөҥҥэ 23 мөл. 549 солк., кырааскаҕа 3 мөл. солк. үп-харчы көрүллүбүтэ. Баһаары утары үлэҕэ уонна террортан куттал суох буолуутугар болҕомто ууруллар. 20 мөл. солк. суумалаах үлэ ыытыллар. Оттук сезонугар бэлэмнэнэбит, ититэр ситими сууйууга-сотууга анал былаанынан тустаах үлэһиттэр үлэлииллэр. Доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо анаммыт табыгастаах эйгэни олохтооһун бырагырааматынан Дойду оскуола-саадыгар пандус оҥоһулунна. Баатараҕа, Бырама оскуолаларыгар ис өртүгэр инбэлииттэргэ сылдьарга табыгастаах эйгэ олохтонуутугар үлэ ыытыллар. Майаҕа «Кэнчээри» оҕону сайыннарар кииҥҥэ реабилитациялыыр оборудование ылылынна. Мөлтөхтүк көрөр оҕолорго анаан бары оскуоларга «Брайль вывеската» атыылаһылынна. Муниципальнай бүддьүөттэн 600 тыһыынча солкуобай көрүллүбүтэ.

Марфа Птицына.