Сэтинньи 22 күнүгэр Хаптаҕайга олохтоох бибилэтиэкэ дьиэтигэр киһи үөрэр дьоро киэһэтэ буолан ааста. Урут-уруккуттан тэриллэн үлэлии сылдьан баран, кэлин кэмҥэ үлэтин уота-күөһэ сөҕүрүйэ сылдьыбыт «Иэйии» бөлөҕө үлэтин эмиэ сөргүттэ.
12 хоһоону сэргээччилэр муһуннубут. Мустуу сүрүн төрүөтүнэн Лана-Саргылаана Стручкова-Константинова хоһооннорун хомуурунньугун таһаарбытын сүрэхтээһинэ ыытылынна. Бөлөх үлэтин иилиир-саҕалыыр, көҕүлүүр салайааччынан Екатерина Романовна Гаврильева талылынна. Хаптаҕай хоһоонньуттарын араас сылларга суруйбут-бичийбит, дьүһүйбүт хоһооннорун хомуйан бэчээттээн бэлэмнээбит хомуурунньуктарын мустубут бөлөх кыттыылаахтара көрөллөрүгэр анаан, бибилитиэкэ үлэһиттэрэ бэлэх курдук остуолга тобус-толору тэлгээн бэлэмнээбиттэр уонна Хаптаҕайтан төрүттээх талааннаах поэт Макар Мыла хоһооннорун бэчээттэммит хомуурунньуктарын быыстапка-истиэндэтин оҥорбуттар.
Екатерина Романовна бөлөх үлэтин күүһүрдэргэ, хоһоонньуттар хомуурунньуктарын бэчээттээн таһаарарга ыҥырбытын бары олус сэргии, сэргэхсийэ, үөрэ иһиттилэр. Инники өттүгэр кэмиттэн кэмигэр мустан, саҥа айымньылары ааҕарга, санаа үллэстиһэ сылдьарга баҕалаахтарын эттилэр. Биир-биир урут суруйбут хоһооннорун ааҕыталаатылар.
Саргылаана – Лана Константинова сабыс саҥа бэчээттэнэн тахсан, буруолуу сылдьар кинигэтин көрүү-истии буолла. Лана хас да хоһоонун ааҕан иһитиннэрдэ. Ураты уйаҕас тыыннаах, тапталы, айылҕаны айхаллыыр тыллардаах сып-сырдык хоһоонноро мустубут дьону дьикти нарын иэйиинэн толордо, үрдүккэ, үөһээҕэ көччүтэ көтүттэ.
Санаа күүһэ
Санаа күүһэ үөскүүр дииллэр
Самнар, мөлтүүр күннэртэн,
Дириҥ далай түгэхтэн,
Кутурҕантан, курустан.
Санаа күүһэ үөскүүр мантан
Ыарык баттык туруктан,
Очуос тааска ыттартан,
Сатаан үөһэ тахсартан.
Санаа күүһэ улам сайдар,
Саба баттыыр самныыны,
Саҥа кынат үүннэрэн
Сирдиир дьолго, олоххо.
Музыка кэрэ эйгэтэ
Музыка дьиҥ кэрэ эйгэтэ
Сүрэҕи дьиэрэтэ ыллатта.
Иһирэх толору иэйииттэн
Мунчаарбыт санаа сайҕанна.
Музыка дьиктилээх дорҕооно
Күйгүөрдэ саҥа күн сырдыгар.
Күһүҥҥү тоҥ былыт устуста
Кэрэ санаа алыбар уйдаран.
Музыка дьиктилээх баалыгар
Уһуктан сөтүөлүүр көй салгын,
Музыка кырыымпа кылыгар
Үөрүүнэн түмсэллэр бар дьонум.
Уран тылы дьүөрэлээн, кэрэ санаанан киэргэтэн, хоһоон айан дьүрүһүтэн, айымньылаах үлэнэн үлүһүйэн, көтүөх курдук кынаттанан, бары да олус көнньүөрэн, өйдөһүүттэн манньыйан, олохпутун баарынан ылынан, иннибитигэр дьол күүтэригэр эрэнэ итэҕэйэ, аныгыс ыйга хоһоон кэһиилээх көрсүһэргэ болдьоһон тарҕастыбыт.
Зинаида Игнатьева,
Хаптаҕай.