Зинаида ИГНАТЬЕВА, Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ.
Икки Үлэ Дьоруойдаах Хаптаҕай нэһилиэгэ тыа хаһаайыстыбата күүскэ сайдыбыт нэһилиэгинэн ааттыахха сөп.
Екатерина Иннокентьевна Новгородова, Гаврил Семенович Самсонов үүнээйи арааһын Хаптаҕай ньүөл сиригэр сыралаһан, күүскэ туруулаһан, кыайа-хото үүннэрэн, Социалистическай Үлэ Дьоруойун аатын ылбыттара. Кинилэр ситиспит кыайыыларын, кинилэр иҥэрбит үлэ үөрүйэхтэрин олохтоохтор махталынан ахталлар, күннээҕи олохторугар туһаналлар, Дьоруойдар ааттарын чиэстээхтик салгыыллар.
Хаптаҕай нэһилиэгин баһылыга Иван Зыков кэпсииринэн, Хаптаҕайга 1081 киһи олохсуйан олорор. Олортон 368 эр киһи, 401 дьахтар, ыал 331 баар. Ыал үксэ хаһаайыстыбалаах, ынах сылгы, сибиинньэ-куурусса ииттинэр, сайынын оҕуруот аһын хото олордуналлар. Нэһилиэккэ “Дириҥ” ТХПК, сүөһү иитиитинэн дьарыктанар бааһынай хаһаайыстыбалар, хаппыыста үүн нэриитинэн дьарыктанар “Сайдыы” агрокластер, Хаптаҕайдааҕы агрооскуола ситиһиилээхтик үлэлииллэр. Чааһынай дьон ынах сүөһүлэрин кыһынын уопсай хотоҥҥо ылан көрөр-харайар пиэрмэ үлэлиирэ олохтоохторго сүҥкэн көмөнү оҥорор. Пиэрмэни дьаһалта сүрүннүүр исписэлииһэ Людмила Жиркова дьаһайан үлэлэтэр.
Тыа хаһаайыстыбатын үлэтин бары кистэлэҥнэригэр кыра эрдэхтэриттэн үөрэнэн, ону олохторугар, дьиэлэригэр-уоттарыгар үөрүйэх оҥостон олорор ыаллар элбэхтэр. Ыалга дьиэ ис бараанын, дьиэ ис-тас үлэтин кэргэннии дьоннор иккиэн сүбэнэн үллэстиһэн, туох баар көрүүтүн-истиитин иккиэн сүгэллэр. Эр киһи сүүрэн көтөн, булан-талан аҕалара олус бэрт. Оттон дьахтар барахсаҥҥа онно тэбис тэҥҥэ үлэлэһэрин таһынан, дьиэ-уот, оҕо-уруу, ас таҥас бэлэмнээһинин бэрийээһинэ эмиэ сүктэриллэр. Онон тыа сирин дьахталларын тулуурдарын, дьулуурдарын, сатабылларын сөҕөрбүн, хайгыырбын этэбин. Хаптаҕайга тыа хаһаайыстыбатынан утумнаахтык дьарыктанар дьахталлар тустарынан элбэхтэн аҕыйаҕы сырдатабын.
Екатерина Терентьева
Көтөрү иитиинэн, үүнээйи арааһын үүннэриинэн ситиһиилээхтик дьарыктанар ыал ийэтэ.
‒ Биһиги ыал 20 сыл анараа өртүгэр, оҕолорбут салгыҥҥа көҥүл сырыттыннар диэн, бэйэ аһынан үөлүнэн толору хааччы нар да санааттан куораттааҕы дьиэбитин атыылаан, Хаптаҕай бытыгар тахсан олохсуйбуппут, онтон кэмсиммэппит, дойдубутун сөбүлээн олоробут. Мин үөрэҕим учуонай агроном, гороскобум да сир бэлиэтэ ‒ оҕус, онон сиргэ чугаспын. Оҕуруот аhын сөбүлээн олордобун, көтөр бииһин ууһун арааһын иитэбин. Дьахтар киhи «тыынын» таhаарар дьарыктаах буолара ордук. Иискэ сыстаҕаhым суох, онон сири-буору бэрийэн сынньанабын, уоскулаҥы ылабын.
Тыа сирин, мин көрүүбэр, кэтэх хаһаайыстыбалаах дьон сайыннардахтарына ордук түргэнник сайдыы барыах курдук. Сөптөөх соҕотуопкалыыр пууннар тэриллэн, утары миэстэтигэр барара ордук. Холобур, ыраах нэhилиэктэргэ бэйэ тырааныспара суох ыарахан, атыыга сатабыла суох дьон бородууксуйаны сатаан батарбаппыт, сыанаҕа да турбат. Ол иһин дьон элбэҕи ииттибэттэр. Ону таhынан, докумуон эккирэтиhэр эмиэ ыарахаттардаах, онон боростуой соҕустук, түргэнник ситиһэргэ көмө суоллар бааллара буоллар. Аны билигин сүөhү иитиитэ ыарахан, уустук буолан, тэйэн эрэбит. Холобур, 200 кг эти ылаары, сүөһүнү 2‒3 төгүрүк сыл соло буолбакка, көрүөххэ наада. Онно холоотоххо көтөрү иитии быдан барыстаах. Тыа олохтоох торо түргэнник сайдар салааларга көhөн эрэллэр. Түргэн салааҕа ити 200 кг эти хамаҕатык 2‒6 ый иhигэр көтөрү ииттэн таhаарар чэпчэки. Барытын сөпкө тэриннэххэ, күҥҥэ муҥутаан 1 чаас үлэлиэххэ сөп. Биһиги ити тургэн салаанан саас-сайын дьарыктанабыт. Тоҕо бэйэни хааччыныыны бу көрүҥүн талбыппыт диэ тэххэ, аҕабыт вахтанан үлэлиир, онон сүөhү иитэр биһиэхэ уустук, оттон көтөр иитиитин соҕотох да дьахтар кыайар үлэтэ. Бэйэҕэ эрэ буолбакка, атыыга эмиэ иитэбит, сааскы бириэмэҕэ чоппуусканан дьарыктанабын, таарыйа бэйэм киэннэрин улаатыннарабын. Син элбэх араас көтөрү иитэн боруобалаан баран, үксүн эт көтөрү таллым. Билигин индюк, цесарка, перепелка, хаас иитиитинэн дьарыктанабын. Кыhыҥҥы бириэмэҕэ перепелка уонна аҕыйах куурусса хаалларабын. Ыам ыйыттан балаҕан ыйыгар диэри биир ыал кыстыыр этин киhи холкутук иитэн таhаарар, онтуҥ өссө араас көрүҥ эт буолар буоллаҕа. Бэйэ иитэн-аhатан таhаарбыта хаачыстыбата үрдүк, амтана маҕаhыын этинээҕэр тосту атын буолар. Ону таhынан, көтөрү иитэр өссө биир үчүгэй өрүттээх, хаhан баҕар сибиэhэй эттээх буолаҕын.
Араас кэмҥэ ситэр көтөр баар, холобур перепелка 38 хонугунан, маҥан бройлер 45 хонугунан, цветной бройлер 90 хонугунан, индюк 120‒180 хонугунан, онон бэйэҕэр сөп гына график оҥостон көтөрү ииттэххинэ, төгүрүк сыл сибиэhэй эттээх буолуоххун сөп. Илин эҥэр көтөр аһыыр үрдүк хаачыстыбалаах аhын аҕал баттара атахтыыр. Аспытын барытын куораттан суол баарына кыhын таhааран хааччынабыт, онно тута утары ууран биэрэр үп-харчы ирдэнэр. Инкубацияҕа туттар сымыыппыт барыта омук дойдутуттан атыылаhыллан Москва нөҥүө кэлэр, элбэх буолан кыттыhан, кууhунан ыла сатыыбыт, сымыыт инкубацияҕа киирэр болдьоҕо кылгас, онон авианан ылабыт, сымыыппыт манна кэлэригэр 50 % курдук эбии айаныгар төлөөн олоробут. Кыhыммыт уhун буолан, сылаас ка туттарга оттукка эмиэ үп баранар, онон элбэх киhи көтөрү ииттибэт. Сыал-сорук туруорунан дьарыктанар буоллахха, үчүгэй дик ааҕан-суоттаан, үлэни чэпчэтинэр ньымалары булан, олоххо киллэрэн дьарыктаннахха, киhи кыайар үлэтэ.
Оҕолорбут тыа оҕолоро буолан, сиргэ-уокка чугастар, улахан уол бултуурун-балыктыырын, кыыс миигин кытары тэҥҥэ олбуор иhигэр баар үлэни барытын оҥорор, онон бэйэтэ уопуттаах көтөр иитээччи буолла диэхпин сөп. Анаан туохха да үөрэппэппин, батыhа сылдьан көрөн үөрэнэр, арыт бэйэбиттэн да ордук.
Анастасия Кривошапкина
‒ Мин элбэх оҕолоох буоламмын ас ас тыырбын олуһун сө бүлүүбүн. Ону таһынан оҕуруот, үүнээйи араас көрүҥүн олордобун. Үүнээйилэрим күн аайы эбиллэн, өлгөм үүнүүнэн үөрдэллэрэ бэйэтэ поэзия курдук, дууһа үөрэр, сынньанар.
Кииним Хаптаҕайга түспүт киһибин. Күн сирин көрүөхпүттэн тыа сирин салгынынан тыынан, күөх дуолунан сүүрбүт-көппүт урааҥхай оҕото буоллаҕым.
Тыа сирэ эһиннэҕинэ саха омук быһыытынан симэлийиэн сөп. Биһиги, тыа сирин олохтоох торо төрүт дьарыкпытын ыһы гыннахпытына бары өртүнэн наассыйа быһыытынан эстиигэ барабыт. Омук тыынын уһатаач чылар ‒ тыа сиригэр олорон үлэ лээччилэр буоллахпыт. О́ҕолорум төһө да куорат ыала буоллаллар, тыыннара алаастан ситимнээҕин хаһан да умнубаттар ‒ мин кынаттарым, өйөбүллэрим.
Тыа сирин сайдыыта сата быллаах салайааччыга наадыйар. Сиртэн силиһэ-мутуга суох дьон дьаһайаллара эстиигэ эрэ тиэрдиэҕэ. Урут, билигин да тыа хаһаайыстыбата дотацияҕа наадыйар, ону сөптөөхтүк аныахха, дьаһайыахха наада. Оҕолорбутун үлэттэн тэйитимиэххэ, харчы-ас хантан кэлэрин өйдүөхтээхтэр. Тыа сирэ саха омук олоҕун силиһэ-мутуга, уолбат ойбоно буоларын умнумуоҕуҥ.
Чааһынай хаһаайыстыба бытыгар арааһынан барытынан дьарыгырбыппыт. Сибиинньэ иитэн төрөтөн үп-харчы киллэ ринэн, 100 устуука хааска тиийэ, түргэнник ситэр куруолугу ииппиппит. Куурусса сымыытын инкубатордаан эмиэ дохуот киллэриммиппит. Саамай астына ииппитим субан сүөһү этэ. Сыл иһигэр улаатыннаран сиир эппитин ылабыт. Муоһугар, кутуругар тиийэ атыыга таһаарарбыт. Биһиги уопуппутун батыспыт хаһаайыстыбалар үөскүү сылдь ыбыттара ‒ дьарык барыстааҕын дакаастаабыта. Тыа сиригэр үлэ суох диэн сыыһа өйдөбүл баар. Сэрэхтээх, үлэттэн толлубат киһи билигин үлэни булар, айар кэмэ. Онуоха усулуобуйа тэрийэр өссө ордук буолуох этэ.
Мария Слободчикова
Элбэх оҕолоох дьоруой ийэ, учуутал.
‒ Тыа сирин, төрөө бүт дойдубутун сөбүлээн, харыс да сири хамсаабакка, биирдэ да көһөн барыахха диэн санаа кылам да гынан ааспакка, дойдубутугар олохсуйан, оҕо-уруу төрөтөн, улаа тыннаран, үлэнэн иитэн олоробут. Дойдубутугар кыра да эмит туһалааҕы, үйэлээҕи аҕалларбыт диэн санаанан салайтаран үлэлиибит.
Ыал буоларбытыгар икки өт түбүтүттэн төрөппүттэрбит сүөһү анаабыттара. Онон эдэр ыал икки ыанар ынахтанан, сибиинньэ, куурусса иитэн барбыппыт. 90-с сыллар ыарахан кэмнэрин туоруурбутугар бэйэбит хаһаайыс тыбалаахпыт, сүөһүлээхпит-ас таахпыт улаханнык абыраабыта. Үүппүт, онтон оҥорор аспыт: сүөгэйбит, иэдьэгэйбит, ынахпыт, сибиинньэбит, убаһабыт этэ, үүннэрэр хортуоппуйбут, оҕуруоппут аһа, кыһыҥҥыга хаһаанар соҕотуопкаларбыт улахан дьиэ кэргэн аһыырыгар, ордугун атыылаан харчылаһан олорбуппут, ыарахан сыллары аһарбыппыт. Аны оҕолор хаһаайыстыбаларыгар кыраларыттан сыстан көмөлөрө баһаам этэ: оҕуруокка уу кутуһан, сыыстаһан, көбүтэн-көмөн, ынах ыаһан, хотон сыбаһан, кыһын ойбоҥҥо сүөһү батыһан, дал сааҕын ыраастаан, сайынын оттоһон кө мөлөрө үлэлии сылдьар дьонугар баһаам этэ.
Тыа сиригэр куораттан итэҕэһэ суох олорорго, сайдарга сөптөөх усулуобуйа баара буоллар элбэх эдэр ыччат дойдуларыгар олоруохтара, үлэлиэхтэрэ этэ. Өрүү олорор буоллахпытына дэриэбинэҕэ, тыа сиригэр олоруохпут, үлэлиэхпит дэһэллэр. Иккиэн сайыннары-кыһыннары үлэлиибит, аҕабыт оҕуруокка, мин оскуола пришкольнай учаастагар, лааҕырга үлэлиибин. Онон оҕолор бэйэ-бэйэлэрин, хаһаайыстыбаларын, кырдьаҕас эһэлэрин көрөллөрө-истэллэрэ. Билигин оҕолор бары үөрэх бүтэрэн идэ ыллылар, үлэлииллэр. Кыра уолаттартан биир ытык иэһин төлүү барбыта, биир салгыы үрдүк үөрэххэ киирэн үөрэнэ сылдьар. Үлэнэн иитиллэн тахсыбыттара бэйэлэригэр эрэллээх, хайа да үлэттэн чаҕыйбат буолалларыгар көмөлөөх буолла диэхпин баҕарабын.
Аҕабыт Александр Иванович ‒ СӨ агропромышленнай комплексын Бочуоттаах үлэһитэ, СӨ тыа хаһаайыстыбатын туйгуна, «Улуус тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэлээх. Мин СӨ «Материнская Слава», «СӨ агропрофилированнай оскуолаларын сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэлэр хаһаайынабын.
Парасковья Терентьева
Сүөһү иитиитинэн дьарыктанар пиэрмэр.
‒ Ыал буолбуппутугар дьоммут барахсаттар ходуһа сирэ анаан, сүөһү чаастаан хаалларбыттарын биир үксүн эппиэтинэс курдук ылынан, кинилэр үлэлээн кэлбит үлэлэрин, олох торун-дьаһахтарын салҕыыр, сайыннарар соруктаах сүөһү-сылгы иитиитигэр ылсыбыппыт. Мин учуутал үлэтин хаалларарга кэргэмминээн Дмитрийдиин сүбэлэһэн, дьоҕус да буоллар, дьиэ кэргэн пиэрмэрдэрэ диэн хаһаайыстыба тэриммиппит. Бастаан саҕалыырбытыгар, уонча сыл анараа өттүгэр, «Cаҥа саҕалыыр пиэрмэр» диэн 1,5 мөл. солк. грант көмөтө бэриллибитэ төһүү күүс буолбута. Оччолорго сүөһү иитиитин салаата билиҥҥи курдук “тренд” буола илигэ. Киһи барыта «Оо, тоҕо да саамай ыарахан хайысхаҕа ылыстыгыт?!» ‒ дэспиттэрэ. Нэһилиэкпитигэр бастакынан саҥа хотон туттан, сүөһү эбии атыылаһан, быраҕыллыбыт бааһынаны сөргүтэн, күрүөлээн, сүөһү аһылыгар анаан күөх үүнээйи ыспыппыт. Бэйэбит кэммитигэр «маҥнайгы хараҥаччы» буолбуппут. «Оннооҕор учуутал киһи хотон үлэтиттэн толлубакка ылсан үлэлэһэ сылдьар”, ‒ диэн баһылыкпыт Екатерина Гаврильева холобур оҥосторо. Ыраах Абый улууһугар олорор дьүөгэм «Ты там, оказывается, местная знаменитость? Мэҥэҕэ баар аймахтарым сонурҕаан кэпсээтилэр», ‒ диэн күллэрбиттээх.
Ханна да буоларын курдук, ньүөл сир кырыымчыгынан сибээстээн, дьоҕус ахсааннаах сүөһүттэн дохуот аахсар сыаллаах, 40-ча ынах сүөһүнү, 20-чэ сылгыны иитэбит. Биир кэмҥэ үүт астан сүөгэйи, иэдьэгэйи, суораты бэйэ бит астаан нэһилиэнньэҕэ атыылаабыппытын дьон сэҥээрбитэ. Билигин сүрүн хайысхабыт – элбэх үүтү ыан, үүт собуотугар туттарыы. Күүстээх үлэттэн бэйэни аралдьы тынан, сынньалаҥҥа диэн анаан кус иитэбит, убаһа эрдэхтэриттэн бүөбэйдэһэн мииниллэр, бостуук аттары тутабыт. Уолбут аҕатын кытта ходуһаҕа окко, бааһынаҕа эбиэс ыһыытыгар, техника өрө мүөнүгэр, күрүө тутуутугар, сүөһү сылгы көрүүтүгэр кыра эрдэҕиттэн тэҥҥэ сылдьыспыт буолан сатабыла үгүс, үөрэҕэр да ол курдук оттомноох, ыарахантан толлубат, эппиэтинэстээх. Кыыспыт сүөһүгэ-сылгыга сүрдээх сыстаҕас, түргэн туттуулаах. Ат миинэрин, ньирэйдэри кытта бодьуустаһарын туохтааҕар да ордорор. Бу курдук дьиэ кэргэнинэн бииргэ хамсанары, үлэлиири ордоробут.
Екатерина Дмитриева
Хаптаҕайга «Дириҥ» тыа хаһаайыстыбатын производственнай кэпэрэтиибин салайааччыта.
‒ Тыа сирэ биһигини аһатан олорор. Кэтэх хаһаайыстыбабы тыгар сүөһү-ас, сылгы, куурусса ииттэбит. Сыл ахсын идэһэ сиибит, бэйэ сүөһүтүн этэ минньигэһэ сүрдээх, ону таһынан үүт-сүөгэй дэлэччи астанан оҕолору, сиэннэри аһатабыт. Оҕолорбут маҕаһыын полуфабрикатын олох ахсарбаттар, ол иһин атыыласпаппыт кэриэтэ, кыһыннары, сайыннары идэһэ эппитин сиибит.
Тыа сиригэр олорор, саха омук дьарыгын тута сылдьар дьон хайаан да өйөбүллээх буолуон наада. Оччоҕо биирдэ эрэ эдэр да ыччат сүөһүгэ үлэлиэ, сүөһүбүт, сылгыбыт да эстиэ суох этэ.
Үс оҕолоохпут. Кэргэмминээн Павел Ивановичтыын оҕолорбутун кыра эрдэхтэриттэн бэйэбитин кытта илдьэ сылдьан үлэҕэ такай быппыт. Хайа да үлэттэн иҥнэн турбаттар, сүөһүнү көрөллөр, от оттоон, мас-мастаан иннилэрин көрүнэллэр. Уолаттар иккиэн со нордоох булчуттар. Аҕалара булка илдьэ сылдьан сиэргэ-туомҥа үө рэппитэ, булт албастарын көрдө рөн билигин бэйэлэрэ бултаабыт бултарын сыа-сым курдук тутан эбинэллэр.
«Дириҥ» хаһаайыстыба 1997 сылтан үлэлиир. Хортуоппуй, моркуоп, сүбүөкүлэ, хаппыыста, оҕурсу, помидор ыһан кэллибит. Биһиги үүннэрбит оҕуруоппут аһа Илин эҥэр улуустары аһатан кэллэ. Элбэх үлэттэн, сыраттан кэлэр. Тыа сиригэр үлэлиир ха һаайыстыбалары өйүүр хайаан да наада. Өйөбүлүҥ суох буоллаҕына өнүйбэккин. Билиҥҥи эдэр сала йааччылар өйдүөхтэрин наада, куруутун үлэлиир дьону кытта ыкса сибээстэһэн, кыһалҕаларын быһаарарга сүбэ-ама буолалла ра буоллар диэн баҕа санаабын этэбин.