Успуорт
Уон сыл буолан баран быйыл балаҕан ыйын 26‒27 күннэригэр Дьокуускайга Саха сирин дьахталларын VIII ыспартакыйаадалара ыытылынна. Тэрээһин «Саха сирин дьахталлара – дойду эрэллээх тыыла» диэн девизтээх ааста. Манна өрөспүүбүлүкэбит араас муннуктарыттан уопсайа 23 хамаанданан 649 киһи кытынна.
Хамаандалар успуорт тоҕус көрүҥэр күрэхтэстилэр. Балаһыанньаҕа олоҕуран, уопсай түмүк бастыҥ көрдөрүүлээх алта көрүҥ очукуолара ааҕыллан таһаарылынна. ГТО, саахымат, дуобат, буулдьанан ытыы, сахалыы остуол оонньууларыгар, остуол тиэнниһигэр, чэпчэки атлетикаҕа саастарынан арахсан биирдии хамаандаттан үстүү киһи кытынна. Хамаанда састаабыгар кыттааччылар үс бөлөҕүнэн, ол иһигэр 18‒40, 40‒54, 55-тэн үөһээ саастаахтар киирэн күрэхтэстилэр. Итини таһынан аэробикаҕа уонна волейболга хамаанданан күрэхтэһиилэр ыытылыннылар. Биһиги улууспут хамаандата аэробикаттан ураты аҕыс көрүҥҥэ барытыгар кытынна.
Икки күннээх тыҥааһыннаах киирсиилэр түмүктэринэн 23 хамаандаттан биһиги улууспут хамаандата бары көрүҥҥэ эриэ-дэхси ситиһиилээхтик кыттан, Дьокуускай куорат кэнниттэн, иккис бириистээх миэстэни ылары ситистэ. Үһүскэ Таатта улууһун хамаандата таҕыста. Уус Алдан төрдүс, Чурапчы бэһис, Бүлүү алтыс, Ньурба сэттис, Нам үһүс, Амма тохсус, Сунтаар онус миэстэлэннилэр.
Мэҥэ Хаҥалас хамаандата чэпчэки атлетикаҕа бастакы, сахалыы остуол оонньууларыгар иккис, ГТО-ҕа уонна волейболга үһүс, саахымакка төрдүс, остуол тиэнниһигэр бэһис, дуобакка алтыс, буулдьанан ытыыга уон бэһис миэстэлэри ылла. Итинтэн зачекка алта көрүҥ бастыҥ көрдөрүүлэрин түмүгүнэн 18 очукуо ааҕылынна.
Биирдиилээн көрүҥнэринэн кыттааччыларбытын билиһиннэрэр буоллахха, чэпчэки атлетикаҕа бастакы миэстэни эрэллээхтик ыларбытыгар Лоомтукаттан Елена Бурнашева, Майаттан Лия Варламова, Төҥүлүттэн Анна Лыткина, Хараттан Елена Максимова, Майаттан Мира Павлова тус кылааттарын киллэрдилэр.
Сахалыы остуол оонньууларыгар хамаандабыт сүүрбэ хамаандаттан бэрт эрийсиилээх киирсиилэр кэннэ иккис миэстэни ылары ситистилэр. Ньурба улууһа бастакы, Дьокуускай куорат үһүс миэстэ буоллулар. Биһиги улууспут аатын Бэдьимэттэн Нелли Емельянова, Екатерина Попова, Майаттан Оксана Рожина чиэстээхтик көмүскээтилэр.
ГТО көрүҥэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун хамаандата бириистээх үһүс миэстэҕэ таҕыста. Бу көрүҥҥэ уопсайа 17 хамаанда кииристэ. Хамаандабыт састаабыгар Төҥүлүттэн Анна Лыткина, Төхтүртэн Мира Романова, Хараттан Елена Максимова ситиһиилээхтик кытыннылар.
Волейболга хамаандабыт эмиэ бэркэ киирсэн 22 хамаандаттан боруонса мэтээл хаһаайынынан буолла. Майаттан Анна Борисова, Алена Дмитриева, Валерия Хастаева, Дария Владимирова, Дария Апросимова, Тумултан Анна Свинобоева, Аллараа Бэстээхтэн Айна Попова, Лоомтукаттан Валерия Захарова, Чыамайыкыттан Оксана Куприянова, Төхтүртэн Светлана Аргунова-Кочкина оонньоотулар.
Саахымакка Майаттан Ирина Николаева, Чүүйэттэн Аграфена Брызгалова, Мэлдьэхситтэн Ольга Иванова, остуол тиэнниһигэр Чүүйэттэн Арина Федорова, Төҥүлүттэн Анна Мохначевская, Тиэлигиттэн Антонина Федорова, дуобакка Аллараа Бэстээхтэн Ньургуйаана Иванова, Надежда Дмитриева, Төхтүртэн Мария Третьякова, буулдьанан ытыыга Тумултан Альбина Шарина, Төҥүлүттэн Наталья Петрова, Чүүйэттэн Лия Петрова кыттан уопсай түмүккэ хамаанданан инники күөҥҥэ тахсарбытыгар төһүү күүс буолбуттара саарбаҕа суох.
Хамаанданы өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрээһиҥҥэ улууспут физическэй култуураҕа уонна успуорка сүрүннүүр исписэлииһэ Галина Аржакова салайан илдьэ сырытта.
Улууспут аатын өрөспүүбүлүкэ түһүлгэтигэр дорҕоонноохтук ааттаппыт спортсменнарбытын, кинилэр тириэньэрдэрин уонна хамаандабыт ситиһилээхтик кыттыытын тэрийсибит, күүс-көмө, өйөбүл буолбут дьоммутугар барыларыгар истиҥ эҕэрдэ! Инникитин да улууспут спортсменнарыгар кыайыылар-хотуулар тосхойо турдуннар!
Алена ДОКТОРОВА.