Бүгүн, атырдьах ыйын 2 күнүгэр, 2-с Тыыллыма нэһилиэгэр олохтоохтор өр кэмҥэ ыралаабыт санаалара туолан, «2019-2025 сылларга хаарбах туруктаах дьиэттэн дьону көһөрүү» федеральнай бырагырааманан саҥа таас дьиэ үлэҕэ киирдэ.
Бу икки этээстээх, аҕыс кыбартыыралаах, толору хааччыллыылаах, «сылаас муоста» пуунсуйалаах нэһилиэккэ бастакы таас дьиэҕэ 1990-с сыллардааҕы тутуулаах, иккилии кыбартыыралаах мас уопсай дьиэлэртэн аҕыс ыал көһөн киирэллэр. Эбийиэги Петр Никифоров салайааччылаах «Арктика-строй» тэрилтэ аныгы ирдэбилгэ толору эппиэттиир гына тутан үлэҕэ киллэрбит. Тутуу кэмигэр үлэ былаһааккатыгар уу үөскээн, кэккэ кыһалҕалар тахса сылдьыбыттар, айылҕа көмөтүнэн турбут боппуруос быһаарыллан, бэрт үчүгэй хаачыстыбалаах таас дьиэ дьэндэйбит.
Бүгүҥҥү үөрүүлээх тэрэһиҥҥэ улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Василий Михайлов, нэһилиэк баһылыга Айсен Спиридонов, тутааччы хампаанньа дириэктэрэ Петр Никифоров мустубут дьону эҕэрдэлээтилэр, олохтоохторго кыбартыыраларын күлүүстэрин туттардылар.
«Арктика-строй» тэрилтэ биһиги улууспутугар туппут эбийиэктэриттэн холобурдаатахха, Хара нэһилиэгин оскуолата, оҕо саада, Майаҕа, Нөөрүктээйигэ, Хаптаҕайга уопсай дьиэлэр уо.д.а. үгүс тутуулар буолаллар.
Тутуу – сайдыы төрдө, олох сиэркилэтэ дииллэрэ кырдьык. Бу бэлиэ күнтэн нэһилиэк социальнай-экономическай сайдыытыгар кэскиллээх кэрдиис кэм үүнэн, үлэ миэстэтэ тахсан, дьон-сэргэ кэлэн олохсуйан, кэрэ айылҕалаах Хаатылыма сиригэр дьиэ-уот туттан, оҕо-уруу төрөтөн, өрө көтөҕүллүүлээх түгэн сырдык сарсыҥҥыга бөҕө-таҕа далаһаны уран, нэһилиэк олоҕо-дьаһаҕа тупсарыгар баҕарабыт.
Ол туһунан Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.