Кулун тутар 2 күнүгэр улууска 14 уонна онтон улахан саастаахтарга футболга хамаанданан бастыын иһин күрэхтэһии буолан ааста.
9 хамаанданан 100 спортсмен кытынна. Төҥүлү улахаттар, эдэрдэр, Хара, Майа, Майа-07, Майа‒2012, Майа‒2011, Павловскай, Хаптаҕай хамаандалара илин-кэлин түһүстүлэр.
Бастакы миэстэни Төҥүлү, иккиһи Майа-07, үсүһү Хара хамаандалара ылары ситистилэр.
Хамаандаларга Төҥүлүгэ Евгений Скрябин, Василий Жирков, Виктор Борисов, Иван Киревскэй, Алексей Куличкин, Василий Жирков, Мичил Павлов, Максим Заровняев, Игорь Монастырев, Николай Борисов, Майа-07 ‒ Коля Иванов, Иван Шестаков, Тимур Барашков, Сандал Терентьев, Владимир Кычкин, Эрсан Скрябин, Сандал Алексеев, Роман Филиппов, Хараҕа Дмитрий Адамов, Андрей Габышев, Симон Олесов, Айсен Шарин, Софронов Софрон, Симак Терентьев, Татаринов Анатолий, Семенов Степан киирэн оонньоотулар.
Эдуард Афанасьев.