Эмтээх Абалаах күөлүгэр ырааһырдыы субуотунньугун тэрийдилэр

Бүгүн, бэс ыйын 10 күнүгэр, Мэҥэ Хаҥаласпыт улууһун биир кэрэ мааны, эмтээх Абалаах күөлүгэр «Вода России — берег добрых дел» диэн аахсыйанан субуотунньук тэрилиннэ. Моорук эрчимнээх ыччаттара, эр дьоно (баһылык Айисен Игнатьев) уонна Алтан нэһилиэгин эр дьоно (баһылык Николай Матчитов) көхтөөх кыттыыны ылан бөҕү-сыыһы ыраастаан тиэйдилэр. Ийэ айылҕаны ыраастаан бэйэлэрэ да астынан кэллилэр. «Олорор мутуккун кэрдимэ, төрөөбүт дойдугун харыстаа» диэн өбүгэлэрбит мээнэҕэ эппэтэхтэрэ, айылҕаҕа оҥорбут үтүөҕүт үс бүк үтүөнэн үрдээн тиийиэхтин!

Матрена Сыромятникова