1-кы №-дээх технологическай былаһааккаҕа вахтовай үлэһиттэр олорор сирдэрэ, анал тиэхиньикэ уонна матырыйааллар турар миэстэлэрэ баар буолуо. Үлэни төгүрүк суукка устата ыыталлар, манна уон анал тиэхиньикэни туһаналлар. Уопсайа 250 тыһыынча кубическай миэтэрэ кумахтан, билиҥҥи туругунан, 25 тыһыынчаны куппуттар. Кумах кэнниттэн үлтүркэй тааһынан бүрүйүөхтэрэ уонна бетон билиитэлэри ууруохтара. Хаҥас кытылга өссө биир былаһаакка баар буолуо, уҥа — икки.