Копырина Азиза, 10 кылаас: «Бэҕэһээ, сэтинньи ый 24 күнүгэр «Проба Пера» эдэр кэрэспэдьиэннэрэ Майаҕа буолбут улуустааҕы эдэр кэрэспэндьиэннэр сэминээрдэригэр сырыттыбыт. Бастаан иккиэ буолан тиийэн баран, оҕолору кытта хамаандаҕа арахсан оонньообуппут уонна билсиспиппит. Ол кэнниттэн ыҥырыылаах медиаҕа сыһыаннаах ыалдьыттартан үөрэммиппит.
«Эркээйи» хаһыат шеф-эдэрээктэрэ Птицына Марфа Ивановна сүбэлэрэ: ыстатыйа олус уһун буолуо суохтаах, кылгастык уонна чуолкайдык суруйуохтаахпыт; интервью ыларга дьону эрдэттэн бэлэмнээн уһулуохтааххын, эрдэ ыйытыыларгын бэлэмниэхтээххин.
Алтан оскуолатын дириэктэрэ Посельскай Степан Степанович сүбэлэрэ: суруналыыс буоларга саамай наадалааҕа грамотнай буолааһын, элбэх кинигэ ааҕыахха наада; улахан болҕомтону ыстатыйа аатыгар ууруохтаахпыт, аат киһи интэриэһин тардыахтаах; подписчиктары элбэтэргэ эсклюзивнай контент уонна бастакы таһаарыахха наада.
СММ-менеджер Лия Сарыаловна Шарина, хайдах видео уһуларга, ханнык приложениелары туттарга үөрэттэ: үчүгэй телефон наада, уһулуохпут иннинэ телефоммун камератын хайаан даҕаны сотобут; естественнай свет быдан үчүгэй уонна CapCut, Inshort, Pinterest уонна д.а приложениялары видео, хаартыска монтируйдуурга туттуохха сөп диэн сүбэлээтэ.
Эбиэттээн баран, оҕолор 5 хамаанданан арахсан музыкальнай оскуолаҕа, библиотекаҕа, театрга, Кэскил киинигэр, музейга баран видеорепортаж уһулбуппут. Барыта 18 оскуолаттан 34 үөрэнээччи уонна 16 салайааччы баара.
Мин бэйэм хамаандам «Эдэр ыччаттар» диэн буолбуппут. Видеорепортажпытын музыкальнай оскуолаҕа уһулбуппут. Оҕолор бары көхтөөх кыттыыны ылбыттара. Саамай сөбүлээбитим диэн, элбэххэ үөрэнним уонна элбэх саҥа доҕордоннум”.
Федорова Ангелена, 8 кылаас: «Практическай семинары улуустааҕы «Ай-тумэл» медиакиин специалиһа Матчитова Айыына Семеновна тэрийэн ыытта.
Кэлэр сыл былааннарын кэпсээбиттэрэ онтон биирдэстэрэ «выход на телевидение» и «марафон документальных фильмов» диэтилэр. Спикердарбыт биһиэхэ олус элбэҕи кэпсээтилэр, сүбэлээтилэр.
Күнүс практическай чааһыгар бары оҕолору хамаандаҕа наардаан тэрилтэлэри анаабыттара, онно баран биһиги интервью ылан кэлбиппит уонна монтажтаабыппыт.
Барыта уопсайа 5 хамаанда баара.
Биһиги «Кустук» хамаандабытыгар 7 этибит. Түөрт кыыс, үс уол. Билсибиппит, үчүгэйдик үлэлээбиппит. Локациябыт биһиэнэ краеведческай музей түбэспитэ. Музей специалиһа интервью биэрбитэ. Онтон бары кэлэн редакциялаабыппыт. Күлэн-үөрэн, олус интэриэһинэй күн буолан ааста.
Юнкордар бары бэйэ-бэйэбитин кытта доҕордостубут уонна элбэҕи билэн тарҕастыбыт дии саныыбын.»
Захарова Сайаана, 11 кылаас: «Бэҕэһээҥҥи семинар туһунан кылгастык кэпсиир буоллахпына, үчүгэй тэрээһин буолан ааста диэхпин баҕарабын. Наһаа элбэх билиэхтэрин, элбэххэ үөрэниэхтэрин баҕарар талааннаах уонна интэриэстээх оҕолор кэлбиттэр.
Практическай үлэбит эмиэ сүрдээх үчүгэйдик ааста. Мин «Мохсоҕоллор» хамаандаҕа баарым. Библиотекаҕа тиийбиппитигэр үлэһиттэр сүрдээҕин диэн биһиги кэлэрбитигэр бэлэмнэммиттэр этэ, ол иһин олох экскурсияҕа сылдьар курдук санаммыппыт. Бэйэлэрин үлэлэрин туһунан сиһилии барытын олус интэриэһинэйдик кэпсээбиттэрэ».
Романова Настя, 8 кылаас: «Олус үчүгэй «насыщеннай» күн буолан ааста. Элбэх оҕону кытта билистим уонна главнайа элбэххэ үөрэнним. Биһиги хамаанда «Кэскил» кииҥҥэ сылдьыбыппыт. Манна начальнай кылаас оҕолоро үөрэхтэрин кэннэ кэлэн дьарыктана олорор этилэр. Мин бу практическай чааска камераны хайдах сөпкө тутан устарга, микрофонунан туттарга үөрэнним. Интервью ыллым оҕолортон. Коррепонденнар эрдэттэн барытын былааннаан, бэлэмнэнэн баран интервью ылыахтаахтар эбит диэни өйдөөтүм. Монтажер уолбут Матчитов Еремей компьютерга хайдах монтируйдуурун көрбүтүм. Хамаандалар бары видеороликтарын көрбүппүт, кинилэртэн эмиэ үөрэммиппит».
Прокопьева Алёна, 8 кылаас: «Практическай чааһыгар видеоролик оҥоруохтаах этибит. Хамаандабытын «Первые» диэн ааттаабыппыт. Биһиги «Д.Ф. Ходулов аатынан народнай театры» сырдатыахтаах этибит. Коридорга театр режиссерун Данил Осиповы көрсөн интервью биэрэригэр көрдөспүппүт. Кини биһиэхэ видеороликпытын барытын былааннаан, тугу, хайдах устарбытын сүбэлээн биэрбитэ. Бу күн мин элбэх саҥа оҕолору кытта билистим. Туһалаах семинар ааста».
Федорова Галя, 7 кылаас: “М.К. Попова аатынан музыкальнай оскуоланы көрдүм. Семинарга сылдьан камеранан хайдах ракурстан устары биллим. Интервьюга ханнык ыйытыылары биэрэри, монтаж хайдах оҥорору көрдүм. Оҕолору кытта билистим, хамаанданан олус үчүгэйдик үлэлээтибит. Маннык үөрэхтэр өссө да буола турдуннар».
«Проба пера» эдэр корреспонденнара, Мэҥэ-Хаҥалас Чыамайыкы