Көрөөччү биһирэбилин ылбыт элбэх оҕолоох дьиэ кэргэни эҕэрдэлээтилэр

«Дьоллоох дьиэ кэргэн – дьоллоох өрөспүүбүлүкэ» хаартысканан өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска көрөөччү биһирэбилин бирииһин кыайыылааҕынан Нөөрүктээйи нэһилиэгин олохтоохторо Брызгаловтар дьиэ кэргэн тахсыбыттара.

Дьиэ кэргэн үгэстэрин, сыаннастарын тарҕатар, уопсастыбаҕа дьиэ кэргэн тутулун бөҕөргөтөр сыаллаах куонкуруһу өрөспүүбүлүкэ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ тэрийэн ыытар.

Хаартыска күрэһэ түөрт хайысханан ыытыллыбыта. “Тилиннэрии (сөргүтүү)” хайысхаҕа куонкурус кыттыылаахтара биллэр хартыынаны, киинэни, остуоруйаны «тилиннэрэн» көрдөрбүттэрэ.

Хартыынаны олус истиҥник тыыннааҕымсытан көрдөрөн дьон сүрэҕин сүүйбүт Нөөрүктээйи олохтоохторун – элбэх оҕолоох Василий Архипович уонна Иванна Ивановна Брызгаловтар дьиэ кэргэннэрин бу ситиһиилэринэн улуус социальнай бэлиитикэҕэ управлениетын начаалынньыга Октябрина Кулешова, Нөөрүктээйи нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Владислав Старостин, нэһилиэк дьокутааттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Прокопий Макаров, «Мичээр» оҕо уһуйаанын сэбиэдиссэйэ Светлана Аргунова, методист Екатерина Дмитриева, ис дьыала отделын учаастактааҕы боломуочунайа Семен Дьяконов эҕэрдэлээтилэр, иллээх дьиэ кэргэҥҥэ ситиһиилэри, дьолу-соргуну баҕардылар, өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттардылар.

Санатар буоллахха, куонкуруска барыта 1400-тэн тахса, “Тилиннэрии (сөргүтүү)” хайысхаҕа 71 үлэ киирбитэ.