Муус устар 11 күнүгэр хотугу многоборьеҕа Арассыыйа муҥутуур кыайыылааҕын, РФ успуордун маастарын Егор Терентьеви үөрэммит И.Г.Игнатьев аатынан Хара спортивнай оскуолатыгар чиэстээтилэр, оскуола оҕолорун кытта көрсүһүүнү тэрийдилэр.
Красноярскай куоракка кулун тутар 19-24 күннэригэр хотугу многоборьеҕа Арассыыйа чөмпүйэнээтэ ыыттыллыбыта. Онно 12 эрэгийиэнтэн 200-чэкэ бастыҥ күүстээх спортсменнар илин-кэлин түһүспүттэрэ. Эр дьоҥҥо дойду араас муннугуттан 54 спортсмен киирсибититтэн муҥутуур кыайыылааҕынан биир дойдулаахпыт Егор Терентьев ааттаммыта.
Егор Терентьев Чурапчытааҕы физическэй култуура уонна успуорт судаарыстыбаннай үнүстүтүүтүн 4-с кууруһун устудьуона. Хотугу многоборьеҕа Российскай Федерация успуордун маастара, сахалыы ыстаныыларга Саха Өрөспүүбүлүкэтин успуордун маастара (тириэньэрэ Альберт Егоров).
Егор Терентьев 1999 сыллаахха Хара нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Спортивнай оскуолаҕа хотугу многоборье көрүҥэр 9-с кылаастан дьарыктанар. Бастакы тириэньэрэ Константин Ширяев. 14-15 саастаах уолаттарга Арассыыйа чөмпүйэнээтин кыттыылааҕа, 16-17 саастаахтарга өрөспүүбүлүкэ муҥутуур кыайыылааҕа (Алдан, 2017 с.), 2017 с. ыытыллыбыт Манчаары оонньууларыгар многоборье сууматынан ыччаттарга 2-с миэстэ. 2017 с. өрөспүүбүлүкэ маастарын нуорматын толорбута. 2020 с. Саха сирин успуорт кыһыҥҥы көрүҥнэрин төрдүс ыспартакыйаадататыгар сүгэни быраҕыыга 3-с миэстэ, наартаны ойууга 3-с миэстэ. 2021 с. Баһылай Манчаары аатынан успуорт төрүт көрүҥнэригэр хотугу многоборьеҕа эр дьоҥҥо 3-с миэстэ. РФ чөмпүйэнээтигэр хотугу многоборьеҕа 2-с миэстэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин чөмпүйэнээтигэр үстэ төхтүрүйэн ыстаныыга 1-кы миэстэ. 11 метр 41 см уһуну ыстанан ыспартакыйаада рекордун хатылаабыта. 2021 с. Арассыыйа успуордун маастара буолбута. РФ Куубагар наартаны ойууга 3-с миэстэ, уопсай сууманан 2-с миэстэ. 2023 с. улахан дьоҥҥо физическэй култуура уонна успуорт бастыҥа.
Егор унньуктаах уһун дьарыгынан, сыралаах үлэтин түмүгүнэн ситиспит үрдүк ситиһиитинэн эҕэрдэлээн туран, Хара нэһилиэгин баһылыга Дария Назарова 50 тыһыынча солкуобай суумалаах туоһу суругу, «Төрөөбүт дойдугун өссө да ааттата тур», — диэн алгыс тыл этэн туран туттарда.
Улууспут административнай киинин Аллараа Бэстээх бөһүөлэгин баһылыга Юрий Колмаков биһиги улууспутугар кыайыыны аҕалбыт Егор Терентьевка үөрүүлээх быһыыга кыттыһан, убаһаҕа сэртипикээтин туттарда. Уол халыҥ аймахтара Терентьевтэр, Хара оскуолатын дириэктэрэ Алексей Стручков эҕэрдэлээтилэр, бэтэрээн спортсмен Дмитрий Назаров: “Мэҥэҕэ хотугу многоборьеҕа кыайыы саҥа кэллэ”, — диэн бэлиэтээн, саҥа төрүөх ньирэй бэлэх уунна.
Салгыы чөмпүйүөнү кытта кэпсэтии саҕаланна. Спортивнай оскуола үөрэнээччилэрэ буолан, оҕолор успуорка интэриэстэрэ күүстээх эбит, ыйытыылар тохтоло суох биир кэм киирэ турдулар. Егор бары боппуруостарга киһи астынар гына хоруйдаата. Бу аһаҕас кэпсэтииттэн түмүк оҥорон сырдатахха:
Түөрт оҕолоох Лилия, Егор Терентьевтар дьиэ кэргэн үс кыыс кэнниттэн соҕотох уоллара Егор эбит. Кыра сылдьан кыргыттары кытта улааппыт буолан гитараҕа, фортепианаҕа оонньуон баҕарара. Убайа Рустам Ларионов кыра кылааска сырыттаҕына сүүрүү куруһуогар илдьэ барбыт. Бастаан Чыаппараҕа сүүрүүгэ кыттан, кыайыы көтөллөнөн кэлбиттэр. Онон сүүрүүнэн утумнаахтык дьарыктанан барбыт. Ол эрээри аҥардас сүүрүү эрэ олус чуҥкук диэн оруобуна быраҕан истэҕинэ, оскуолаҕа бастакы тириэньэрэ Константин Ширяев кэлбит. Кини хотугу многоборьеҕа уһуйбутунан барбыт. Хотугу многоборье элбэх тулууру, дьулууру эрэйэр успуорт көрүҥэ эбит. Үс түһүмэҕэ киһи өйүн-санаатын хомуллуутунан эрэ ситиһиллэр диэн этэр. Саамай ыарырҕатар көрүҥүнэн сүүрүүнү ааттыыр. Олус ыраах айаннаан, илистэн, көтөн тиийэн баран сүүрэргэ олус ыарахан буолааччы. Ол эрээри хас күрэх аайы бэйэбин настройдуубун. Сылы быһа бэлэмнэнэн, ыраах баҕайы кэлэн, харчы бөҕө бараан баран, хайаан да үчүгэйдик кыттыахтаахпын диэн санаатын үллэстэр. Егор оҕолорго чипсыны, коланы олох иһимэҥ диэн сүбэлээтэ. «Баҕа санаа туоларыгар сыал, дьарык уонна дьиссипилиинэ эрэйиллэр. Ол баар буоллаҕына хайаан да баҕа санаа туолар. Барыта син биир тута кэлбэт, сыыйа сыалгар тиийэҕин», — диэн кэпсэтиини түмүктээтэ. Егор билигин да сүрэҕэ сөбүлүүр кыыһын көрсө илигин оҕолорго билиннэ.
Бу көрсүһүүгэ Егор Терентьев ыччаттарбытыгар успуорду таптыырга, чөл олоҕу өрө тутарга үтүө холобур буолла. Киниэхэ куруутун да бу курдук, иннин хоту үрдүк чыпчааллары дабайа турарыгар баҕарабыт.
Елизавета Неустроева.