«Эгэйик» уһуйаан-эспэдииссийэ – тургутуу, бэйэни кыайыы, саҥаны арыйыы

«Айыы Кыһата» гимназия иһинэн сайын аайы төрөппүттэр көҕүлээһиннэринэн «Эгэйик» уһуйаан-эспэдииссийэ оҕо сынньалаҥын тэрийиигэ айан-дьарыктара (турпоходтар) тэриллэллэр.

Быйыл сайын «Эгэйик» диэн биир сонун айан-дьарык суола арылынна. Салайааччынан педагогическай наука хандьыдаата, «Айыы Кыһата» гимназия иитэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччыта Нюргуяна Гаврильевна Никитина үлэлээтэ. От ыйын 13-22 күннэригэр айан-дьарыкка сырыттылар: Настя Неустроева (Дьокуускай, «Айыы Кыһата» гимназия, 9 кылаас), Дина Степанова (Дьокуускай, «Айыы Кыһата» гимназия, 8 кылаас), Ира Местникова (Дьокуускай, 3 №-дээх оскуола, 8 кылаас), Лилия Кычкина (Таатта, Чычымах орто оскуолата, 9 кылаас), Айсаана Катакова (Чурапчы, Мугудай орто оскуолата, 8 кылаас), Юра Ефимов (Майа, В.П.Ларионов аатынан оскуола, 6 кылаас), Алмаз Эверстов (Дьокуускай, «Айыы Кыһата» гимназия, 3 кылаас), Егор Рязанскай (Дьокуускай, Ф.И.Авдеева аатынан оҕо дыбарыаһа, 4 кылаас), Дайаана Никифорова (Дьокуускай, 24 №-дээх оскуола, 7 кылаас).

Биһиги сорукпут – оҕо сайын күөххэ сүүрэн-көтөн, сөтүөлээн, күн уотугар сыламнаан, көй салгыҥҥа көҥүл тыынан, айылҕалыын алтыһан, тэҥ саастаахтарын кытары бодоруһан, тыа олоҕун эйгэтигэр араас түгэҥҥэ, дьарыкка эт-сиин, өй-санаа, турук өттүнэн бөҕөргөөһүнэ. Бэйэни салайыныыга, кэпсэтэргэ, бодоруһарга, санааны истэргэ, этэргэ уйулҕа дьарыктара, тобулук өйү сайыннарар «Сонор» оонньуу, күрэх (тренер Лена Дмитриевна Троева дьарыктаата), күннээҕи былааны оҥостуу, дьарыктара буоллулар. Бэйэни сатаан көрүнэргэ, суунарга-тараанарга, ас астыырга, дьиэни-уоту, иһити-хомуоһу, таҥаһы-сабы хомунарга үөрэннилэр. От ыйыгар Аан Алахчын холумтанын олордон эһиэкэй, тойук, ырыа, алгыс үөрэтэн толордулар, хомуска оонньоотулар.

Айыы балаҕаныгар Анна Иннокентьевна Климентова көмүлүөк уотун оттон, алгыстаах алаадьынан сылаастык көрүстэ, оҕолорго тиийимтиэ буоллун диэн ойуу көмөтүнэн айыылар тустарынан сэгэтэн кэпсээтэ. Кылтан саҕыллан тахсар кырыымпа дьикти тыаһын Руслан Прокопьевич Габышев иһитиннэрдэ, маастар-кылаас ыытта. Оҕолор кырыымпа доҕуһуолунан ырыа ыллаатылар, оһуокайдаатылар.

Манчаары алааһыгар сатыы хаамыы кэнниттэн тоҕо эрэ хас биирдиибитигэр кыайыы үөрүүтэ, астыныы кэлбитэ. Сатыы хаамыыбыт Бөкөҕө ааҕар балаҕантан бибилэтиэкэр Тамара Ивановна Зыкова нэһилиэк устуоруйатын кэпсээниттэн саҕаламмыта, оҕолор кэлбит бэлиэлэрин күпсүүргэ, дьаҕаҕа оонньоон, ыллаан-туойан иһитиннэрдилэр. Сирдьиппит охотовед, эколог Виктор Петрович Черемхин кэпсээнигэр буолан, 14 биэрэстэни билбэккэ да хааллыбыт. Иван Гаврильевич Пивоваров ыйан-кэрдэн, сүбэлээн, айаммыт, сырыыбыт этэҥҥэ табылынна.

Чүүйэ эбэтэ эмиэ биир номоххо киирбит ытык сир буолар. Түмэл дириэктэрэ Михаил Иванович Охлопков өйөөн, айан Пономарев башнятыттан саҕаламмыта. Оҕолор Чүүйэ эбэтин киэҥ нэлэмэн сиртэн көрөн туран Чоочо баай уонна Манчаары туһунан Александр Владимирович Эверстов сэргэх кэпсээнин интэриэһиргээн иһиттилэр. Оҕо бибилэтиэкэтигэр кэлэн Екатерина Охлопкова бэлэмнээбит Манчаары туһунан кинигэ быыстапкатын, киинэ көрөн, викторинаҕа кыттан билиилэрин хаҥаттылар.

Төхтүргэ айан. Мыраан үрдүгэр тахсан оҕолор киэҥ нэлэмэн Өлүөнэ эбэни, Туймаада хочону көрөн туран Манчаары Дылбаахынан кэлэн ыллаан-туойан ааспытын туһунан Төхтүр олохтооҕо Лариса Михайловна Ноговицына кэпсээнин иһиттилэр. Кини сиргэ-уокка сиэри тутуһан, айылҕаны харыстаан, сыыһы-бөҕү хомуйа сылдьар ордугун туһунан сүбэлээтэ. Үс күн устата Сууллар мырааҥҥа өрө сүүрэн тахсыы, Суола үрэххэ сөтүө, спортивнай лааҕыр оҕолорун кытта сарсыардааҥҥы сэрээккэ бэйэтэ эккэ-сииҥҥэ бэрт туһалаах эрчиллии, дьарык буолла.

Уус кыһата. Кыстык эмиэ ураты тыастаах буолар эбит. Төрдүнэн бүтэй, намыһах, онтон сыыйа үрдээн, лыҥкынас буолар эбит. Тимир ууһа Федот Николаевич Максимов «истиҥ эрэ» диэн, чуо этэн өтүйэнэн охсон иһитиннэрдэ. Оҕолорго кырыымпа кылын тыаһын курдук эмиэ сонун, дьикти дорҕоон иһилиннэ.

Уолаттар кыһа уотун уматан тимири кытардан кыстыкка ууран таптайдылар. Саха хотуурунан от охсон Федот Николаевичтан хайҕаннылар, үөрэннэхтэринэ сатыыһыктар диэн буолла.

Күөгүнэн балыктааһын эмиэ биир үтүө төрүт дьарыкпыт. Төһө да балык хаппатар, төннөн кэлэн иһэн Юра хатыҥ чараҥ быыһыттан тэллэй булан «Эбээбин кыайдым, маҥнайгы тэллэйи мин буллум» диэн үөрүүтэ үрдээтэ.

Онон айан-дьарык саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри бэйэни араас дьарыкка, түгэҥҥэ холонон көрүү буолла. Бу – кимиэхэ эрэ тургутуу, бэйэни кыайыы, саҥаны арыйыы.

 

Нюргуяна Никитина, «Айыы Кыһата» гимназия иитэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччыта, педагогическай наука хандьыдаата.