Мин эдьиийдээх этим, Боккуойа диэн. Оҕо сылдьан киниттэн куттанарбын өйдүүбүн, кинини кытта дьиэҕэ соҕотоҕун хаалбат этим. Тоҕо диэтэххэ, хараҕын муҥунан көрө-көрө баллыгырыыр буолара уонна оһох кэннин ыйа-ыйа:»Ити кэллэ, бу кэллэ!» — диирэ.
Мин кинини, арааһа, абааһылары көрөр, кинилэри кытта кэпсэтэр дии саныырым. Оттон арыый улаатан, ону-маны өйдүүр буолан баран, эдьиийбин аһынар буолбутум. Аҕабыттан ыйытарым:”Тээтэ, ити эдьиий Боккуойа тоҕо итиннигий?”.
Аҕам быһыта-орута кэпсээбититтэн өйдөөн хаалбытым маннык. Эдьиийим Прасковья Елисеевна Варламова, аҕам бииргэ төрөөбүт балта, олох доруобай, кыайыгас үлэһит эбит. Сүүрбэтин ааһаат кэргэн тахсыбыт (хомойуох иһин, кэргэнин аатын аҕабыттан токкоолоон ыйыппатах буруйдаахпын). Кэргэнэ атын холкуостаахтары кытта Ааллаах Үүҥҥэ таһаҕас таһыытыгар сылдьыбыт.
Биир сырыытыгар тымныйан, сэбиргэхтэтэн өлбүтүн ат сыарҕатыгар тиэйэн аҕалбыттар. Ол кэмҥэ Боккуойа саҥа төрөөн кыһыл оҕолоох эбит. Аҕам кэпсээнинэн, кини сыарҕаҕа сытар кэргэнин өлүгүн эмискэ көрөн, уйулҕата хамсаабыт, өйүнэн бырахтарбыт… Оттон атын дьон этэринэн, ханнык эрэ бөһүөлэктэн кэргэнин өлүгүн бэйэтэ тиэйэн аҕалбыт уонна саҥа эттээх, эмиийдээх оҕолоох дьахтар сыыстаран, ньиэрбэтинэн ыалдьыбыт. Ыалдьыбытын кэннэ үүтэ баран хаалан, оҕото өлөөхтөөбүт… Онтон ыла Боккуойа хара өлүөр диэри мин аҕабар Бүөтүргэ сыстан олорбута.
Хата, барахсан хара үлэни тулуппат этэ: ыанньыксыт ийэбитигэр илии-атах буолан көмөлөһөрө. Пиэрмэҕэ саах күрдьэн, ынах ыаһан абырыыра. Күһүн-саас, айылҕа уларыйар кэмигэр, ыарыыта бэргиирэ, онон-манан түбэһиэх быраҕаттанара. Сайын кэллэҕинэ наһаа үөрэрэ, күл да күл буолара. Үрэхтэн уу баһарбыт, онно бэйэтигэр улахан уоннаах биэдэрэлэри ылара, миэхэ, оҕо диэн, чэпчэки туос ыаҕайалары биэрэрэ. Онно мин үөрэрим, эдьиийим син өйө үлэлиир эбит диэн.
Саҥа таҥаһы таҥыннаҕына, сиэркэлэҕэ көрүнэ-көрүнэ, имэринэн тахсара. Куоракка устудьуоннуу сылдьаммын, эдьиийбэр сиидэс былаат кэһиилэнэрим, онуоха кини олус диэн үөрэрэ, илиитин таһын да таһын буолара.
Эдьиийим эдэр, доруобай эрдэҕинэ, «Октябрь» холкуос чилиэнэ уонна биир хоһуун үлэһитэ эбит. Ол туһунан миэхэ сайылыкка олорор кырдьаҕастар кэпсииллэрэ. Эдьиий Боккуойа хаартыскаҕа түспүтэ биллибэт, онон бу мин кылгас суруйууга кинини сырдаттым.
Елена Прокопьева,
уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн.
Николай Семенович Баишев Ааллаах Үүн таһаҕасчыттарыгар анаммыт уруһуйа.