Чыамайыкыга Аан дойду үрдүнэн бэлиэтэнэр аҕам саастаахтар дэкээдэлэрин түмүктүүр ырыа-тойук аргыстаах «Эдэр сааһы эргитэн» эҕэрдэ биэчэр ыытылынна.
Нэһилиэкпит көхтөөх аҕам саастаахтара көрөөччүлэргэ анаан кэнсиэр көрдөрөн сэргэхситтилэр, ыллаан-туойан дуораһыттылар, эдэр сааһы санаан үҥкүүлээн битийдилэр. Ол кэннэ «Ностальжи» үҥкүү-битии киэһэтэ буолла.
Дэкээдэ чэрчитинэн былааннаммыт тэрээһиннэр бары бэрт көхтөөхтүк ыытыллыбыттарын бэлиэтээн туран, дьахтар сэбиэтин салайааччыта Ульяна Куприянова маастар-кылаастары тэрийбит дьоммутугар култуура киинин, дьахтар сэбиэтин аатыттан махтал суруктары туттартаата.
Үс ыал сайаапка түһэрэн, «Эр киһи көмөтө» аахсыйабытынан көмөнү туһаннылар. Ол курдук Марфа Петровна, Валерий Филиппович Тарасовтарга уу сүүрэр турбатын эдэр ыччат Николай Тимофеев өрөмүөннээн биэрдэ. Екатерина Никифоровна Соловьева оҕо үөрэнэр остуолун таҥан биэриигэ наадыйбытын эдэр ыччат Дьулус Стручков оҥорон, таҥан биэрдэ. Тамара Михайловна, Николай Петрович Захаровтарга дьаһалта үлэһититтэн Петр Захаровтан эмиэ көмө оҥоһулунна.
Ытыктыыр аҕам саастаах күндү дьоммут бырааһынньыктарын бу курдук 10 күнү быһа ньиргиччи бэлиэтээтилэр, бириэмэлэрин сэргэхтик, үөрүү үктэллээх атаардылар. Өрүү төлөннөөх сүрэхтээх, эдэрдии эрчимнээх санааҕытын, олоххо тапталгытын, үтүөҕэ-кэрэҕэ тардыһыыгытын ыһыктымаҥ, чэгиэн-чэбдик буолуҥ!
Александра Васильева,
В.И.Кононов аатынан «Тамма» култуура киинин исписэлииһэ.