Эдэр кыраайы үөрэтээччилэр Эргэ Павловскай устун экскурсияҕа

Биһиги кылаас уолаттара “Эдэр кыраайы үөрэтээччи” куруһуок оҕолорун кытта «Эргэ Павловскай» түөлбэҕэ экскурсияҕа сырыттыбыт.

Экскурсияны мусуой үлэһиттэрэ Максимова Наталья Интеровна, Колосова Юлия Егоровна, кылааспыт салайааччыта Пудова Светлана Дмитриевна салайдылар.

Эргэ Павловскайга Совхознай уонна Строд аат. уулуссаларынан сылдьыбыппыт. Совхознай уулуссаҕа 100 сыллаах дьиэни көрдүбүт. Бу нуучча старовердара Кушнаревтар дьиэлэрэ эбит. Салгыы Строд аат. уулуссалар эргэ дьиэлэрин көрдүбүт, олохтоохтору кытта көрүстүбүт. Акепсим Кушнарев атыыһыт олорбут дьиэтин, Строд ыстаабы, эргэ почтаны, маҕаһыын дьиэлэрин көрдүбүт. Олохтоох Потапов Валентин Леонидович дьиэтин таһыгар эргэ ампаарын иннигэр мусуой оҥорбутун көрөн сөхтүбүт. Онно былыргы нууччалар туттубут тэриллэрэ бааллар: сири хорутар суха, бурдук мэлийэр таас, булт тэриллэрэ, туос, тимир иһиттэр. Онно мин хортуоппуй олордорго оҕуска иилиллэр маһы интэриэһиргээн көрбүтүм.

Экскурсияттан нэһилиэкпит былыргытын туһунан элбэҕи биллибит.

Шарин Руслан, В.Н.Оконешников аатынан Павловскай орто оскуолатын 5 «б» кылааһын үөрэнэээччитэ.