‒ Биһиги ыал 11 оҕолоохпут. Улахаммыт 24 саастаах, кырабыт биирдээх. Улахан оҕолорбутун көрөн олорор кэммитигэр судаарыстыбаттан көмө олус кыра этэ, дуона суох босуобуйа эрэ кэлэрэ, ‒ диэн кэпсээнин саҕалыыр Майа олохтооҕо, Дьоруой-ийэ Акулина Афонская. – Онно тэҥнээтэххэ билигин элбэх оҕолоох дьиэ кэргэннэр улахан өйөбүлү ылабыт.
Улуус биир көхтөөх ыала Акулина Макаровна уонна Спартак Петрович Афонскайдар оҕолорун сахалыы тыыҥҥа иитэллэр: төрөөбүт тылларынан санааларын сайа саҥардыннар диэн мэлдьи аһаҕастык кэпсэтэ-ипсэтэ, санаа атастаһа сылдьаллар, төрүт үгэстэри ытыктыырга, айылҕаҕа чугас буоларга бэйэлэрин холобурдарыгар үөрэтэллэр.
‒ Бары бииргэ сир астыы тыаҕа тахсарбытын, араас улуустарынан кэрэ-бэлиэ сирдэри көрө айанныырбытын сөбүлүүбүт. Онно уон оҕолоох ыалга көрүллэр судаарыстыба көмөтө – карета массыынабыт олус абырыыр. Олордубут да барабыт. Бачча элбэх дьон таксинан айанныахпытын олус улахан суума тахсар, оттон бэйэ массыынатыгар бензиҥҥэ эрэ наада.
Оттон социальнай хантыраакка Афонскайдар биэ ылбыттара күһүнүн эт-ас биэрэн эмиэ туһата баһаам дииллэр. Былырыын уолламмыттарыгар «Үйэ оҕото» диэн өрөспүүбүлүкэ автономията төрүттэммитэ сүүс сылыгар саҥа өйөбүл көрүллүбүтүн бу сыл оҕоломмут ыал бары үөрэ көрсүбүппүт диир.
Ону таһынан улахан дьиэ кэргэн ииттэн олороругар Арассыыйаттан кэлэр босуобуйаны таһынан өрөспүүбүлүкэттэн ый аайы эмиэ кырата суох өйөбүл кэлэрин бэлиэтээн туран:
‒ Кэнники сылларга Сахабыт сирин салалтата ыал туруктаах буолуутугар, дьон олоҕун хаачыстыбата тупсуутугар туһуланар үлэтин түмүгүн элбэх оҕолоох ыаллар бэйэбитинэн билэбит, махтаныах эрэ кэриҥнээхпит, ‒ диир Дьоруой-ийэ.
Кырдьыга да оннук, биһиги улууска ааспыт 2022 сылга дьиэ кэргэҥҥэ анаан Арассыыйаттан кэлэр өйөбүлү таһынан бэйэбит өрөспүүбүлүкэбит көрөр көмөтүнэн – бастакы оҕоҕо ый аайы төлөнөр көмөнөн 473 ыал, иккис оҕоҕо Саха сиринээҕи «Ийэ хапытаалынан» – 67 ыал, 2019 сылтан бэттэх төрөөбүт бастакы оҕоҕо биирдэ бэриллэр төлөбүрүнэн – 139, «Үйэ оҕолоро» хапытаалынан – 414, 2019 сылтан бэттэх төрөөбүт үһүс оҕоҕо ый аайы төлөнөр босуобуйанан – 817 ыал туһаммыт.
«Элбэх оҕолоох диэн дьол. Билиҥҥи кэмҥэ дьиэ кэргэҥҥэ кырата суох көмө, өйөбүл оҥоһуллар. Онон эдэр ыалларга туһаайан үөрэ-көтө оҕолонуохха, элбэх оҕону иитиэххэ сөп диэн бигэтик этэбин», ‒ диэн кэпсэтиибитин түмүктүүр Акулина Макаровна.
Ол да иһин, сөптөөх өйөбүл баар буолан, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр оҕо төрөөһүнэ элбэх, нэһилиэнньэ ахсаан өттүнэн үүнэн иһэр – мөлүйүөҥҥэ тиийдибит. Бэл диэтэр, дойдубут Бэрэсидьиэнэ ону хайдах ситистигит диэн сөхпүтэ элбэҕи этэр.
Февронья ОХЛОПКОВА.