«Дьоммут-сэргэбит үлэнэн хааччыллыахтара диэн эрэнэбит»

Федор Белолюбскай, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Дьарыктаах буолуу киинин салайааччы:

  • Дойдубут Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин балаҕан ыйын 5 күнүгэр Өлүөнэ өрүс муостатын тутуллуутугар эппит этиитэ барыбытын сүрдээҕин үөртэ.  Мэҥэ Хаҥалас улууһа Саха сиригэр уонна Уһук Илин эрэгийиэннэргэ тырааныспар логистическай  киинэ буолар. Улууспутунан 2 федеральнай уонна 3 өрөспүүбүлүкэ таһымнаах суоллар ааһаллар. Улууска өрүс устун кэлэр таһаҕаһы көрөр-харайар терминал тэрилтэ үлэлиир. Ону тэҥэ, тимир суолунан улууска, Илин эҥэргэ айанныыр дьону-сэргэни, кэлэр таһаҕаһы көрөр-истэр. Ити хайысхалар улуус сайдыытыгар олук буолаллар. Ону сэргэ, муоста тутуллуута дьон олоҕо тупсарыгар, таһыма үрдүүрүгэр уонна инники сайдыытыгар туоһу, күүс-көмө,  итиэннэ эдэр дьон олохсуйарыгар дьоһун төрүөт буолуо.

Муоста тутуллуутугар улууспут олохтоохторо кыттыһаммыт, бэйэбит кылааппытын киллэрэммит,  тутуубут тэрилтэлэрэ үлэлэһэн, кыттыыны ылыахпытын наада. Муоста тула түмсэммит, урбааннньыттарбыт саҥа тэрилтэ тэринэн саҥа үлэ миэстэлэрин таһаарыахтара. Муоста сөпкө үлэлииригэр дьоммут-сэргэбит үлэнэн хааччыллыахтаахтар диэн эрэнэбит.