Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын дэлэгээссийэтэ бу күннэргэ байыаннай дьайыыга дойдубут көмүскэлигэр сылдьар байыастарбытыгар уочараттаах гуманитарнай көмөтүн илдьибитэ. Биир дойдулаахтарбытыгар улууспут “Эркээйи” хаһыатын дойдуларын сонуннарын билсэннэр ахтылҕаннарын таһаардыннар диэн сыл иккис аҥарыттан мунньан ыыппыппыт. Байыастар хаһыаттарын тутан үөрбүттэрин көрөн астынныбыт.
Марелла Баишева.