Дойдубут устуоруйатын билиһиннэрэр, кэлэктииби сомоҕолуур тэрээһин буолла

“Айылгы” норуот айымньытын киинигэр дойдубутугар Комсомол тэриллибитэ 105 сылын уруйдуур тэрээһин буолан ааста. Нөөрүктээйи нэһилиэгин бастакы комсомолецтарын, араас сылларга хатарыллыыны, тургутууну ааспыт комсомол бойобуой суолларын ахтан-санаан, эдэр саас кэрэ кэмнэрин, дойду туһугар харыны ньыппарынан үлэлээбит үтүө дьоммут ааттарын ааттаан, бэрт сэргэх киэһэ буолан ааста.

Саалаҕа мустубут аҕа саастаахтарбытын олохтоох дьокутааттар сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Прокопий Макаров эҕэрдэлээтэ, бэтэрээн сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Светлана Сивцева наҕараадалары туттарда.

Салгыы олохтоох тэрилтэлэр нэһилиэкпитигэр комсомол тэриллиитин, араас сылларга ыыппыт үлэтин, устуоруйатын, албан ааттаах дьоруойдарын сырдатар уус-уран туруорууларын көрдүбүт.

Ол курдук, Нөөрүктээйи нэһилиэгэр бастакы комсомольскай ячейка тэриллиитэ, ликбез үлэтин В.Н.Оконешников аатынан Павловскай орто оскуолатын кэлэктиибэ кыайа тутан, дириҥ ис хоһоонун ырытан, дьүһүйүү быһыытынан көрдөрдүлэр.

“Комсомолецтар Аҕа дойду сэриитигэр, тыыл үлэтигэр” диэн уустук тиэмэни “Лена” оҕо саадын үлэһиттэрэ арыйдылар.

Комсомолецтар сэрии кэнниттэн дойдуну чөлүгэр түһэрии сылларын ахтан-санаан аастылар “Айылгы” норуот айымньытын киинин, И.П.Игнатьев — Кинигэ Уйбаан аатынан кыраайы үөрэтэр түмэл үлэһиттэрэ.

Уонна З.Я.Осипова аатынан “Мичээр” оҕону сайыннарар киин кэлэктиибэ Ленин аатынан совхоз комсомольскай ячейката, “Оскуола – производство – үрдүк үөрэх” курдук кэмнэри ырыанан, үҥкүүнэн киэргэппит, ис хоһоонноох туруорууларын көрөөччүлэр биһирээтилэр.

Дойдубут устуоруйатын ыччакка, эдэр үлэһиттэргэ билиһиннэрэр, тэрилтэ кэлэктиибин түмэр, сомоҕолуур тэрээһиҥҥэ кыттыыны ылбыт салайааччыларбытыгар, идэлээх сойуустар чилиэннэригэр, бары үлэһиттэргэ барҕа махталбытын тиэрдэбит.

Салгыы “Эдэр саас умнуллубат ырыалара” диэн тыыннаах доҕуһуолунан ырыа-үҥкүү биэчэрэ буолла. “Айан” тыыннаах дорҕоон бөлөҕүн кыттыылаахтарын кытары урукку кэм уостан түспэт ырыаларын ыллаан-туойан аастыбыт.

 

“Айылгы” норуот айымньытын киинин пресс-киинэ.