Дойдубут сайдыыта – иннибитигэр

Дойдубут Бэрэсидьиэнэ В.В.Путин сыл түмүгүнэн пресс-кэмпириэнсийэтин, быһа лииньийэнэн дьоҥҥо-сэргэҕэ туһаайыытын сылын аайы болҕойон олорон истэбит.

2024 сыл түмүгүнэн этиитигэр Арассыыйа араас эригийиэннэриттэн урукку сыллардааҕар элбэх ыйытыы, туруорсуу киирдэ. Бэрэсидьиэн этэринэн, дойдубут экэниэмикэтин балаһыанньата, атын дойдуларга тэҥнээтэххэ, куһаҕана суох. Ол гынан дьиэ-уот, хомунаалынай хаһаайыстыба, мэдиссиинэ өҥөтүн иһин төлөбүр ыараабытын туһунан элбэх ыйытыы киирдэ. Ону кытары бары сөпсөһөбүт – өҥө хаачыстыбата төлөбүр үрдээһинигэр эппиэттиир буолуохтаах.

В.В.Путин дьиэ кэргэн ипотекатын быраһыана оннунан хаалар, бааннар онуоха хааччах олохтуо суохтаахтар диэн этиитин сэргии иһиттим. Ити түгэн итиэннэ Уһук Илиҥҥи ипотека салгыы баар буоларын туһунан этиитэ үгүс дьону үөрдэрэ саарбахтаммат.

Эрэнэбит: иннибитигэр элбэх сыаллар-соруктар тураллар, онон дойдубут сайдыыта иннибитигэр.

 

Варвара Бурнашева,

нэһилиэнньэ социальнай көмүскэллээх буолуутун улуустааҕы кэлим киинин социальнай педагога.

Аллараа Бэстээх.