«Дойду баһылыга эдэр дьон биисинэһинэн дьарыктаналларыгар өссө атын өртүттэн болҕомтону уурарга сокуоннары олохтуоҕа диэн эрэнэбит»

Марфа Птицына, хаһыат үлэһитэ, самозанятай, Майа, Мэҥэ Хаҥалас:

‒ Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин дойду олохтоохторун кытта маннык аһаҕас эпииргэ олорон алтыһар буолбута хаһыс да сыла.

Иһитиннэрэр-биллэрэр эйгэ үлэһитэ буоларым быһыытынан, маннык тэрээһин дойдубут бэлиитикэтин сөпкө өйдүүрбүтүгэр, билиҥҥи балаһыанньаны сиһилии билсэрбитигэр, түмүк оҥосторбутугар олус туһалаах уонна көдьүүстээх.

Тус-туспа салааларынан улууспут олохтоохторо аһаҕас эпиир туһунан санааларын үллэстэргэ бэлэмнэр. Эпиири кыраҕытык кэтииллэр.

Тус бэйэм, аччыгый биисинэһи сайыннарыы боппуруоһун интэриэһиргиибин.

Бэрт аҕыйах сыллааҕыта бэйэ дьыалатынан дьарыктанарга олус табыгастаах «Налог на профессиональный доход» (НПД) сокуона киирбитэ. Мин 2020 с. регистрацияламмытым. Бу хамсааһын үгүстэргэ харахтарын аспыт буолуохтаах. Дьоҥҥо өҥөнү оҥорон баран төлөбүрү ыларга, чуолаан тэрилтэттэн чааһынай киһи ыарахаттары көрсөрө. Бары ИП буолуохтааххын диэн буолара. Аны предприниматель нөҥүө харчыны ыыттарарга биллэн турар, киниэхэ эмиэ туспа соболоҥу төлүүрүҥ наада этэ. Онон улахан ночоокко тахсыаххын сөбө. Бэйэ дьарыктаах, нууччалыы эттэххэ, «самозанятай» статуһун ылан баран ити олус чэпчээтэ, табыгастаах буолла. Ханнык даҕаны үгүс кумааҕыны толорбокко, төлөпүөн сыһыарыытынан «Мой налог» диэн сыһыарыыны хачайдаан ылан туһанаҕын. Бастаан киирбиккэ кыра эбии бонус баар буолар. Онон сылга 2,4 мөл. солк. суума иһинэн өҥөнү оҥоруоххун сөп диэн буолар. Юридическэй сирэйгэ 6 бырыһыан, оттон чааһынай киһиэхэ 4 бырыһыан киирбит дохуоккуттан нолуок төлүүгүн. Маннык сокуонунан 2028 сылга диэри ити бырыһыан дьайар дииллэр. Салгыы үрдэтиэхтэрин эбэтэр уларытыахтарын сөп.

Онон мин баҕа санаам уонна этиим нолуок суумата олус улааппатар уонна салгыы үлэлээтэр диэн. Бүддьүөт тэрилтэтигэр үлэлиир буоламмын бэйэ дьыалатын сайыннарарга ханнык да эбии көмөҕө киирсибэппин. Ити өртүгэр эмиэ туспа болҕомто ууруллара, ыччат дьон биисинэскэ сананалларын өйүүр олус табыгастаах буолуох этэ.