2024 сыл Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Ыйааҕынан Дьиэ кэргэн сылынан биллэриллибитэ. Сыл устата дьиэ кэргэн олоҕо туруктаах буоларыгар, дьиэ кэргэн сыаннастарын сырдатар, тарҕатар сыаллаах араас маассабай тэрээһиннэр, үгүс үлэлэр ыытылыннылар.
Сэтинньи 29 күнүгэр Российскай Федерация Үөрэҕириигэ министиэристибэтэ, «Оҕо саас сирдьиттэрэ» федеральнай бырайыак уонна «Бастыҥнар хамсааһыннара» Бүтүн Арассыыйатааҕы оҕо уонна ыччат уопсастыбаннай судаарыстыбаннай хамсааһын иһинэн Дьиэ кэргэн сылыгар анаммыт «Дьиэ кэргэн ‒ биир сомоҕо» улуустааҕы төрөппүт пуорума буолан ааста. “Родные ‒ Любимые” бырайыак чэрчитинэн ыытылынна. Догдоҥо уопсай үөрэхтээһин оскуолатыгар түмүстүлэр. Пуорум туһунан И.Г.Тимофеев аатынан Майатааҕы лиссиэй 10 кылааһын үөрэнээччитэ Лилиавна Шестакова видеосюжетын көрүҥ.