Кэллибит олоҥхо истээри
Күммүтүн үтүөҕэ анаары,
Күндү дьоммутун кытары
Кэрэ күнү атаараары…
Догдоҥоҕо сэтинньи 23 күнүгэр саха балаҕаныгар Олоҥхо ыйын чэрчитинэн олоҥхо истэр дьоллоох күммүт үүннэ. Бэйэбит биир дойдулаахпыт, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, Олоҥхо ыһыаҕын кыайыылааҕа Аксиния Николаевна Степанова ыалдьыттаата. Эһэтин Николай Иванович Степанов-Ноорой «Күн Эрили» олоҥхотун толордо. Балаҕаммыт сылаас, сырдык эйгэтигэр оскуолабыт үөрэнээччилэрэ, учууталлара, олоҥхону сэҥээрээччилэр өбүгэ ситимигэр киирэннэр сэргээн, умсугуйан олорон көрдүбүт-иһиттибит, олоҥхо эйгэтигэр ыалдьыттаатыбыт. Биһиги догдоҥолор аар саарга аатырар Николай Иванович Степанов-Нооройбут сиэн кыыһа кэлэн олоҥхону биир дойдулаахтарыгар, кэнчээри ыччаппытыгар кэпсии-ипсии, өбүгэ утумун тиэрдэ сылдьара хайҕаллаах холобур буолар, онтон биһиги биир дойдулаахтара үөрэбит эрэ. Олоҥхону киһи иһиттэр истэн олоруох курдук, оннук тартарыылаах, умсугутуулаах, сахалар өбүгэ саҕаттан кэлбит олоҥхобут бараммат баайа буоллаҕа. Ону уустаан-ураннаан, турукка киирэн көрдөрүү-иһитиннэрии, көмүс куолаһы уларытан -тэлэритэн оруоллары толоруу бу — олоҥхоһут сатабыла, таһыма арылыччы көһүннэ. Умсугутуулаах «Күн Эрили» олоҥхобут кэннэ, хомус дьүрүлүйэр дорҕоонугар лыҥкынас долгунугар уйдаран үөрүүбүт үксээтэ, санаабыт сырдаата. Бу кэннэ Анисия Николаевнаҕа өйдөбүнньүк бэлэҕи кытары Махтал суругу Догдоҥо нэһилиэгин баһылыга Сивцев Петр Дмитриевич туттарда. Култуура киинин үлэһиттэрэ (дириэктэр Иванова Айталина Дмитриевна, Новгородов Николай Николаевич-Сиэрдээх Сэһэн) эҕэрдэ, махтал тылларын тиэртилэр. Олоҥхобут үөрүүлээх тэрээһинэ оһуокайынан түмүктэннэ. Догдоҥолор киэн туттар ыччаппыт Аксиниябыт удьуорун утумнаан олоҥхоһут эһэтин Ноорой үтүө аатын ааттатар талба талаана,арылхай аартыга арылла туруохтун диэн алгыспыт маанытын аныыбыт, үрдүк ситиһиилэри,саҥа арыйыылары баҕарабыт! Өссө да олоҥхо дойдутугар Догдоҥоҕо дьоро күннэр үксүү турдуннар,олоҥхону утумнааччылар тахсыахтара диэн эрэнэбит.
Светлана Иванова-Намыына