Догдоҥо нэһилиэгэр саҥа кулууп дьэндэйэр

Догдоҥо нэһилиэгэр кулууп дьиэтэ хаарбах туруктанан сабыллыбыта ыраатта, олохтоохтор эрэйдэммиттэрэ уонтан тахса сыл буолла.

Онуоха Тутуу министиэристибэтин иһинэн өрөспүүбүлүкэтээҕи “Мин Сахам сирэ ‒ XXI үйэҕэ” үтүө дьыала хамсааһынын бырагырааматыгар киирсэннэр саҥа култуура киинин дьиэтин тутуута үлэ тэтимнээхтик барар. Тутуу туһунан нэһилиэк баһылыга Петр Сивцевы кытта кэпсэттим.

‒ Ааспыт сылтан Руслан Трофимов салайааччылаах “Строй-Копмлект” ХЭТ бэдэрээтчиттээх тутуу биригээдэтэ култуура киинин тутууга үлэлиир. Тутуу икки түһүмэҕинэн ыытыллар. Бастакыта аһардыллыбыт харчы суотугар сэндвич панелинэн тимир каркаастаах 610 кв.м иэннээх дьиэ билиҥҥи туругунан 66 бырыһыана оҥоһулунна. Түннүктэрин, ааннарын олордуута, ис өртүгэр үлэ ыытыллаар. Кулууп дьиэтин тутуу былаан быһыытынан 2025 сыл кулун тутарга түмүктэниэхтээх. Ону быйылгы дьылга үлэҕэ киллэрэр баҕалаахпыт. Тутууну түмүктүүр иккис түһүмэҕэр тутааччыларга аукцион оҥоһуллуохтаах.

Сылаас холбонуутугар куораттааҕы олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбаны кытта 1 мөл. 200 тыһыынча солкуобай кэриҥэ суумаҕа дуогабарга илии баттастыбыт. Ити ороскуоту нэһилиэк дьаһалтата бэйэтэ кыайан уйумматынан, ирдэниллэр үпкэ өрөспүүбүлүкэ, улуус салалтатыттан эбии көмө үп-харчы көрүллэригэр эрэнэбит. Нэһилиэк дьоно-сэргэтэ үүнэр сылы саҥа кулуупка көрсөөрү олус күүтэр, ‒ диэтэ Петр Дмитриевич.

Нэһилиэк сайдар киинэ – култуура дьиэтэ ситэн-хотон, нэһилиэнньэ Саҥа дьылы саҥа кулуупка көрсөн үөрүүлэрэ үксээтин.

Марелла Баишева.