Маннык ааттаах улуустааҕы тыыннаах доҕуһуол куонкуруһа 3-с Мэлдьэхси нэһилиэгин Туйаара Свинобоева аатынан культуура киинигэр тыыннаах муусуканы сэҥээрээччилэри, тыыннаах муусуканы киэҥ эйгэҕэ тарҕатааччылары түмтэ.
Күрэххэ уопсайа 10 бөлөх: Наахараттан, Табаҕаттан «Долгун”, “Кэнчээри” (о5олор), “Добун” Доллуттан, “Дьиэрэй” Томтортон, , “Добун” Техтуртэн, “Дайан” (о5олор) Куердэм Ханалас, “Дархан” Чурапчы Мугудайыттан, “Кыл тугэнэ” этно группа Чурапчы Сылаҥыттан кэлэн кыттан тыыннаах дорҕоону дуораттылар, көрөөччү сэҥээриитин ыллылар.
Ырыа айааччы, муусукаан, Аартык вокальнай-инструментальнай ансаамбылы тэрийсээччи И.И.Олесов–Алампа аатын үйэтитээри, ырыаларын тарҕатаары тэрилиннэ. Иннокентий Олесов оскуолаҕа эрдэҕиттэн үчүгэйдик ыллыыра, муусукаҕа сыстаҕас этэ, олус үчүгэйдик уруһуйдуура, уол оҕоҕо кыраһыабай буочардааҕа. Муусука кэрэ эйгэтигэр бастаан Томторго аҕа табаарыстарыттан уһуйуллан онтон салгыы Төхтүр оскуолатыгар В. Рожиҥҥа, Г. Куркутовка дьарыктанан, вокальнай инструментальнай ансаамбылга оонньоон саҕалаабыта. Төҥүлүгэ СПТУ га сылдьан биир санаалаахтар Петр Заровняев, Анатолий Свинобоев, Григорий Борисов, Егор Фалеев, Михаил Борисов, Николай Алексеев – Бытык, Иннокентий Гаврильев – Лэкиэс кулууп иһинэн “Аартык” бөлөҕү тэриммиттэрэ, үгүс тэрээһиннэргэ кыттыбыттара, тыыннаах муусуканы көҕүлээччилэринэн буолан, ыччат сэҥээриитин, биһирэбилин ылбыттара.
Иннокентий сааһын тухары уһанан элбэх ыалы дьиэлээбитэ, араас тутуу эбийиэктэригэр үлэлээбитэ.
Бу аан маҥнай ыытыллыбыт Дьиэрэй ырыам улуустааҕы аһаҕас күрэҕи 3-с Мэлдьэхси уонна Доллу аатынан нэһилиэктэр дьаһалталара, кини чугас доҕотторо, бииргэ төрөөбүттэрэ, бииргэ үөрэммит оҕолоро, аймахтара көҕүлээннэр тэрийдилэр. Т.А.Свинобоева уонна С.С.Сивцев – Доллу аатынан култуура киинин үлэһиттэрэ кыайа- хото тутан ыыттылар.
Биир күннээх күрэҕи бииргэ ооньообут доҕотторо “Дапсы” бөлөх салайааччыта, ырыа айааччы, СӨ култууратын туйгуна Иннокентий Гаврильв – Лэкиэс, табаарыһа Михаил Борисов, Табаҕатааҕы муусука оскуолатын уһуйааччыта Григорий Борисов дьүүллээтилэр. Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан Гран при ааты Чурапчы улууһуттан Сылаҥ нэһилиэгиттэн “Кыл түгэнэ” этно бөлөх ылан 70000 солк,( спонсор 3 Мэлдьэхси нэһилиэгин олохтоохторо, бастакы үрдэл Төҥүлүттэн “Аартык” бөлөх 50000 солк, (Иннокентий Олесов бииргэ төрөөбүт эдьиийэ), иккис үрдэли Чурапчы Мугудайыттан “Дархан” бөлөх 25000 солк, (спонсор Сивцев Николай Прокопьевич дьиэ-кэргэнэ), үһүс үрдэли Табаҕаттан “Кэнчээри” оҕолор бөлөхтөрө ( спонсор С.С.Сивцев аатынан Доллутааҕы культура киинэ) күрэх түмүгүнэн ыланнар үөрдүлэр-көттүлэр. Номинациаларга Эдэр тэтимнээх бөлөх «Добун” Тумултан 25000солк (спонсор Доллу дьаһалтата), Эдэр кэскиллээх бөлөх “Дайан” Күөрдэм, Хаҥалас улууһуттан (спонсор Иннокентий племянниктара), биһирэбил бириистэр Нахараттан (спонсор бииргэ үөрэммиттэрэ), Табаҕаттан “Долгун” (спонсор бииргэ үөрэммиттэрэ), Добун Төхтүр (спонсор бииргэ үөрэммиттэрэ),” Дьиэрэй” Томтортон (спонсор культура киинэ). “Аҕам саастаах оонньооччу” (спонсор Никифоров В.Е.), “Эдэр кэскиллээх гитарист” Дайаана Гаврильева (спонсор И.Д. Свинобоев), “Бастыҥ барабанщик” Алексей Говоров (спонсор Петр Заровняев) анал ааттары ыланнар күрэх бастыҥнарынан ааттаннылар.»
Бу күрэххэ иккилии ырыаны толордулар. Биир бэйэлэрэ талбыт ырыалара, биир дойдулаахпыт Иннокентий Олесов – Алампа ырыаларын ыллаан-туойан аастылар. Күрэххэ тыыннаах доҕуһуолу салгыыр, киэҥ эйгэҕэ таһаарар оонньооччулар бааллара киһини үөрдэр Анабыл күрэххэ Иннокентий Олесов-Алампа репертуарыттан “Айылҕа”, “Курус таптал”, “Бэлэхтиэм”, “Блюз” ырыалара толорулуннулар. Гала кэнсиэргэ бииргэ төрөөбүт эдьиийэ, Арассыыйа үөрэҕириитин туйгуна, үүнэр көлүөнэ ыччаты иитиигэ Арассыыйа үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, Чурапчы улууһун сайдыытыгар кылаатын иһин 3 –с степеннээх бэлиэнэн наҕараадаламмыт Мария Васильевна Миронова, Өрөспүүбүлүкэтээҕи доруобуйарынан хааччахтаах оҕолору чөлүгэр түһэрэр киин социальнай үлэһитэ Егор Егорович Миронов, бииргэ үөрэммит одноклассниктра, бииргэ ыллаабыт-туойбут доҕотторо ол саҕанааҕы Аартык бөлөх оонньооччулара Петр Заровняев, Иннокентий Гаврильев, Михаил Борисов, Анатолий Свинобоев, Григорий Борисов, Хардыы бөлөх салайааччыта Гаврил Колесов – Ганнибал, Тумултан Иэйии бөлөх, Томтортон Давыд Гаврильев кыттыны ыллылар
Аныгыскы сылга Иннокентий Олесов – Алампа аатынан тыыннаах доҕуһуол күрэҕэ Доллу нэһилиэгэр ыытыллара былааннанар. Бары күрэх ыытытыгар күүс-көмө буолбут, спонсордаабыт биир дойдулаахтарбытыгар барҕа махталбытын биллэрэбит.
Парасковья Местникова. Томтор