Дьиэ кэргэн – биир сомоҕо

Кулун тутар 26 күнүгэр академик А.В.Чугунов аатынан Мэлдьэхси орто оскуолатыгар ыаллыы сытар нэһилиэктэр икки ардыларыгар «Дьиэ кэргэн – биир сомоҕо» төрөппүттэр ааҕыыларын күрэҕэ ыытылынна.

Тэрээһин Арассыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас сылларыгар ананна.

Тэрээһин үөрүүлээх аһыллыытыгар А.В.Чугунов аатынан Мэлдьэхси орто оскуолатын дириэктэрин үөрэх чааһыгар солбуйааччы Туяра Яковлева, Мэҥэ Хаҥалас улууһун социальнай бэлиитикэҕэ управлениятын начаалынньыга Октябрина Кулешова, тэрээһини төрүттээбит Татьяна Артемьева, «Ыллыкчаан» ырыа ансаамбылын иитиллээчилэрэ Мотя Романова, Ярослав Петров ырыаларынан, эҕэрдэ тылларынан анаатылар.

Дьүүллүүр сүбэҕэ О.Н.Кулешова, Т.И.Артемьева, «Кэрэли» оҕону эбии үөрэхтээһин киинтэн С.В.Колосова, Е.А.Осипова, Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо хаһыатын таһаарытын кииниттэн А.М.Леонтьева үлэлээтилэр.

Баатараттан, Бэдьимэттэн, Хорообуттан, Мэлдьэхситтэн уопсайа 17 дьиэ кэргэн кыттыыны ылла, 20 бырайыак көрүлүннэ.

Түмүккэ 3-с үрдэли Мэлдьэхситтэн Семен Михайлович уонна Харысхан Сокольниковтар, Баатараттан  Надежда Иннокентьевна Варламова, Хорообуттан Татьяна Комунаровна Семенова ыллылар. 2 үрдэлгэ Бэдьимэттэн Мария Ивановна уонна Иван Николаевич Плюктар, Мэлдьэхситтэн Радион Викторович Шарин таҕыстылар. 1-кы үрдэл Мэлдьэхситтэн Юлия Николаевна уонна Ярослав Петровтар буоллулар.

Төрөппүттэр ааҕыыларын күрэҕин муҥутуур кыайыылааҕын аатын Бэдьимэттэн Петр Петрович Захаров сүктэ.

Ону таһынан кырачаан кэпсээнньиттэргэ Күндүл Охлопковка уонна Алисия Ивановаҕа кыттыбыттарын иһин өйдөбүнньүк кинигэлэри бэлэх ууннуллар.

Тэрээһин түмүктүүр чааһыгар «Дьиэ кэргэн — биир сомоҕо» ааҕыыны тэрийбит Татьяна Ивановна Артемьева А.В.Чугунов аатынан Мэлдьэхси орто оскуолатыгар махтанан туран бэйэтин кинигэтин утары уунна.

Хас биирдии кыттааччы дьиэ кэргэҥҥэ оҕону иитиигэ уопуттарын, санааларын атастаһан, астынан-дуоһуйан тарҕастылар.

 

Арылхан Сокольников,

7 кылаас үөрэнээччитэ,

«Үктэл» юнкорпост.

 Дьиэ кэргэн биир сомо5о